Сааскы булт хааччахтаах көҥүллэннэ
Бүгүҥҥү бырааһынньыктааҕы күҥҥэ, Экология министиэристибэтэ Саха сирин олохтоохтооругар үчүгэй сонуннаах – Сааскы булду көҥүллүүр Ил Дархан ыйааҕа таҕыста.
Уустук эпидемиологическай балаһыанньаҕа олоҕуран, быйылгы булт сезона кэккэ хааччахтардаах буолла. Коронавирус тарҕамматах, карантин эрэсиимэ биллэриллибэтэх эрэ сирдэригэр булт көҥүллэннэ.
Карантиҥҥа барбыт улуустар олохтоохторо атын сиргэ бултуу тахсаллара бобуллар. Ыам ыйын 30 күнүгэр диэри арктическай уонна хоту улуустарга бултуу барыы эмиэ бобуулаах.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



