27.12.2019 | 11:06

САҤА ДЬЫЛ САҔАНА ЭТЭ...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СОРДООХ САЛЮТ

Ыал аҕата Дьокуускайтан Саҥа дьылга диэн салют атыылаһан кэлбит. Оҕолор үөрүү бөҕө, бырааһынньыктааҕы остуол тардылларын буолбакка, салют ыта тахсалларын оһуоба кэтэстилэр.

Дьэ, 12 чаас буолла, бэрэсидьиэн тэлэбииһэринэн тыл эттэ, бакааллар бэйэ-бэйэлэригэр охсуһан лыҥкынастылар. Оҕолор салют ыта тахсар кэм кэлбитигэр дьоллоро муҥутуур чыпчаалыгар тиийдэ.

Дьиэ кэргэн кылаабынай киһитэ – аҕалара салют ытыахтаах. Ол чиэскэ кыралар тиксибэтилэр, оннооҕор арай обургу уоллара былдьаһан көрдө да, туһа тахсыбата.

Бары таһырдьа кутуллан таҕыстылар. Аҕалара: “Бээ, бу сэптэрэ уһуна бэрт эбит, маны ортотунан... һаманнык...”, – диэн баран тосту тутан кэбистэ уонна аҥаарын уолугар уунна. –  Ыл, нохоо, тэҥҥэ ытыахпыт!” Уол үөрүүтүттэн эккирээмэхтээн ылла.

Солко былаачыйанан, хоппуруон колгуокканан тахсыбыт кыргыттар ийэлэрин кытта тоҥон тоһугураһа турдулар. Кыралара таҥастара халыҥ – олох кыһамматтар, хата, дьонуҥ, сулустары одуулууллар: “Салют ыттахха, сулустарга таах тиийэр буо, аа?” – дэһэллэр...

Аҕалара уматта. Уолун киэнин эмиэ. Салюттарын илиилэригэр тутан ытаары, үөһээ хороччу туттулар.  “Ууран баран уматыҥ, илиигитин сиэҕэ”, – диэн ийэлэрэ сэрэтэн көрбүтүн саҥардыбатылар, “эн, билэр баҕайы киһи курдук...” диэннээх буоллулар. Салют эстэн кытыаһынна, ону кытта дьон хаһыыта: - Урааа, ууу, ооо!!! - Вааууу!!! - Айыккаааа!!! Сиэтээээ!!! Араас үөгү үксээтэ. Салют эстэригэр аллара өттө аһаҕас буолан, уота аннынан эмиэ куһуурар эбит. Илиилэрин уокка сиэтэн илгэн кэбиспиттэригэр, салюттара эргиҋэ сылдьан көрөөччү дьону ытыалаата. Олох иһиирэн олорор, ханнык эрэ сэрии сэбин курдук. Соннорун, баттахтарын уокка сиэтэн, дьиэлэрин былдьастылар. Кыралар кутталларыттан ытаан маккырастылар.

Дьэ, оннук көрүдьүөстүк уонна ыарыыта биллэр соҕустук саҥа дьыллаабыттара.

Ол Саҥа дьылтан ыла бу ыал салюту олох ыппатын билэбин, бэл, бырааһынньыктарга дьон ытар салютун көрбөт гына кэлэйбиттэр этэ.

САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ ЫАЛДЬЫТ

Бу түбэлтэ аҕыйах сыллааҕыта кыраман былыргыттан дьон-сэргэ уутуйан үөскээбит Сахабыт сирин биир  бүччүм нэһилиэгэр буолбута. Нэһилиэк  хас биирдии аҕатын ууһа былыр хомуһуннаах, күүстээх ойууннааҕынан биллэрэ, кинилэр бэйэлэрин аҕа уустарын алдьархайтан, иэдээнтэн харааннаһар буолан, бэйэ-бэйэлэрин «сиэспэккэ», иллээх-эйэлээх сыһыаны тутан, уруурҕаһан олорбуттара. Улуу ойууттар сиэрдэрэ-туомнара, үгэстэрэ умнуллубут кэмигэр, биһиги аныгы сайдыылаах үйэбитигэр олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар биир күн соһуччу: «Ньукучаан ууһун ойуунун ыта аһаппатахтара ыраатан, быата быстара ити курдук хаалбыт үһү», – диэн былыргыта эбитэ буоллар, улахан суоһар, чымаан сурах тарҕаммыта. Ким ол хаһан эрэ былыр туттуллубут сиэри-туому бүдүлүө, үөтүө баарай, истэн эрэ кэбиспиттэрэ. Нэһилиэк биир ытык киһитэ тустаах киһиэхэ дьаһал ылынарыгар этэн көрбүтэ да, онтуката оннук хаалбыта.

Ити сурах биир эдэр ыалга эмиэ тиийбитэ. Ыал аҕата, чөл олоҕу тутуһааччы киһи, Саҥа дьыл чугаһаан, дьонун кытта бииргэ бырааһынньыктаары хапкааннарын көрөн, бултаан-алтаан, үүтээниттэн киирбитэ аҕыйах хонно. Аны кыра кыыстара улаханнык ыалдьан, кэргэнэ оҕотун көрдөрө куоракка айаннаата. Онон чороччу улаатан эрэр уоллаах кыыһын кытта бэйэлэрэ эрэ дьиэлэригэр хааллылар.

Саҥа дьыл буолар киэһэтигэр ас астанан, күөс күөстэнэн, 12 чаастарын көрсөн, таһырдьа петарда ыта тахсаары олордохторуна, арай күүлэҕэ от тэлгээн  сытыарбыт ыттара охсуһан «ар-бур» дэһээт, тыастара-уустара, саҥалара симэлийэн сүтэн хаалла. Уол балтынаан тахсан иһэн күүлэҕэ билбэт ыта киирэн туора турарын көрөн, тэбэн баран: «Чэт», – диэт, аанын саба тарта. Ыт барар тыаһа иһиллибэтэ, төттөрүтүн, ааны тарбыыр тыаһа иһилиннэ. Уол эмиэ аанын сэгэтэн ыты тэбэн баран эмиэ «чэттээтэ», итиэннэ ыт барарын кэтэһэн аанын иһирдьэ тардан турда. Ыт барыах чинчитэ биллибэтэ.

Онуоха дьиэлээх хаһаайын: «Хайдах ыты сатаан үүрбэккин!»- диэбитинэн ойон турда да, оһох аттыгар чиргэл соҕус тиит уктаах швабраны сулбу тардан ылан күүлэҕэ ойон тахсыбыта биир күөрт харахтаах, дэлби кырыа буолбут, кырдьаҕас ыт дьиэ иһигэр түөһүллээри гынан эрдэҕинэ, атаҕынан дэлби хаһыйан, тэбиэлээн, аан тас өттүгэр нэһиилэ үтэйдэ. Ол кэннэ швабранан сырбаталаамахтаата. Ыт охсулуннум, кырбанным диэн саҥа-ынчык таһаарбата, ньах да диэбэтэ, ырдьыгынаан да көрбөтө, атахтарын чохчойо быластаан иннин диэки ууран иһирдьэ диэки дьүккүйэ сырытта. Биир кэмҥэ сыбаабыра уга тостон, кылгаан, охсорго дьэ бэрт буолла.  Хаһаайын атаҕынан хаһыйарын быыһыгар иккитэ-үстэ ук тобоҕунан охсуолаан баран кыратык тэйбит кэмигэр, аанын саба тардан тыын ыла таарыйа тутааҕыттан тутан турда. Ыт таһыттан киһи тардарын курдук ааны дьигис-дьигис гыннарда.

“Туох буолбут ытай» диэн уора дьэ киирэн дьиэлээх хаһаайын аанын күүскэ тэлэччи аһан тахсыбыта: ыт аан кэтэҕэр буолан хаалла. Ону күүлэ эркинигэр сыһыары анньан баран, кэлин өттө көстөрүн күүһэ баарынан охсо сатаата да? ыта «мыык» да диэбэккэ төлө бараары мөхсө сырытта. Киһи эмиэ аанын сабан тутан турда, ыт эмиэ кэлэн ааны тардыалаан дьигис гыннарда. Дьиэлээх үһүстээн тахсан үүрсэн баран, дьэ өй ылан, аанын күрүчүөгүн хатаан кэбистэ. Ыт эмиэ киһи тардыалыырын курдук дьигиҥнэтэн баран  тохтоото. Ити кэмҥэ таһырдьа петарда тыаһа бап-баһырҕас буолла, араас дьүһүннээх ракеталар уоттара сандааран түннүк тааһыгар дьиримнээтэ.

Дьиэ хаһаайына ыты кытта охсуһуутугар илистибитин билэн, оһоҕун иннигэр тыаһы-ууһу иһиллии олорон табахтаата, билигин аҕай буолан ааспыт моргуору эргитэ санаан ылла итиэннэ ойуун ытын туһунан кэпсэтиинии өйдөөн: «Ойууннарын ыта ити эбит буоллаҕа», – диэн этэ саласта. Онтон оҕолоругар ыттараары балайда петарда атыыласпытын өйдүү биэрэн, оҕолоругар: «Дьэ, тахсан салютта ытыахха!» – диэтэ. Оҕолор аҕалара маннык уордайбытын, хаһыытаабытын-ыһыытаабытын, үөхсүбүтүн көрбөтөх дьон уолуйан уонна ыттан куттанан: «Суох, таһырдьа тахсыбаппыт», –дэстилэр. «Чэ, бардыбыт, бардыбыт тахсан салютта ытыахха», – диэт, аҕалара таҥнан урутаан таҕыста. Били ыт баара көстүбэтэ, хайа диэки барбыта биллибэтэ. Дьэ хас да петарданы кэккэлэччи туруоран аны кинилэр тыас-уус таһаардылар, халлаан оройун сырдаттылар. Салют кэннэ хаһаайын ыттарын ыҥыран көрдө да, ыттара биллибэтилэр, ону кэтэспэккэ дьиэлэригэр киирдилэр.

Сарсыныгар бу түбэлтэни бөһүөлэк дьоно барыта истэ охсубута. Сорохторо дьиэҕэ киирэн ыйыталаспыттара, кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыҥыран туоһуласпыттара итиэннэ: «Күүстээх куттаах дьон эбиккит, онон ойуун ытын үүрбүккүт, үүрбэтэххит эбитэ буоллар, дьиэ кэргэҥҥэ, аҕа ууһугар улахан иэдээн тахсыа эбит», – дэстилэр.

Сотору эдэр ыал кыра кыыстара ийэтинээн куораттан этэҥҥэ эмтэнэн кэлбиттэрэ. Онтон күөт ыт чахчы кэлэ сылдьыбытын уонна атын ыттартан уратытык туттан-хаптан кырыа кыһын ортото чигдини сытырҕалыы тугу эрэ ирдээн тиҥсирийэн ааспытын  атын дьон эмиэ туоһулаабыттара.

КЭРЭХ МАС КЭҺЭППИТЭ

Мэхээлэ бу эрийэ-буруйа субуллар остуол ньуурун курдук көбүс-көнө үрэх суолунан айаннаан иһэр. Кини бэйэтэ массыынаны ыыппат, суоппардаах. Бензовозтарыгар тобус толору ыраас бензин тиэнэн иһэллэр. Бензин кинилэргэ өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх уматык. Онон саҥа дьыл саҕана өссө биир массыына кэлиэн наада диэн туруорсан,  31 чыыһылаҕа хайаан да эргиллиэм диэн кэргэнигэр эрэннэрэн айаҥҥа туруммуттара.

Суоппара да ыксыыр. Эмиэ кини курук элбэх оҕолордоох киһи. Саҥа дьыллааҕы кэһии ыллылар. Харчылара тиийбитэ буоллар, өссө да ылыа эбиттэр. Харчы суоҕа иэдэттэ. Бу тиэйэн иһэр бензиннэрин булчуттар иэс суруттаран ылыахтара, айахтарын ииттэр эттэрин баран ытан кэлиэхтэрэ уонна Мэхээлэҕэ махтанан бултарыттан күндүлүөхтэрэ. “Иэскитин төлөөҥ” диэн хаһан да дьону ыксаппат, үйэтэ оннук буолла: үлэ баар – хамнас суох...

Ити курдук арааһы саныы-саныы, түргэн сырыылаах нуучча суоппарын хайҕыы саныы олордо. Көтүтэн уол оҕото, массыыната муус суолу таарыйар-таарыйбат иһэр курдук. Суолга баччаҕа сырыы аҕыйах, онон уруулун эрэ сатаан тутуон наада.

Айан суолун оруобуна ортотугар биир сиргэ тохтоон кабина иһигэр олорон эрэ чэйдииллэр, тохтобул таһыгар баар кэрэх маска ким туохтааҕынан ууран ааһаллар. Суруллубутах сокуон. Былыр-былыргыттан хайаан да тохтоон ааһар сирдэрэ. Сүүнэ улахан тиит мас турар. Ким эрэ хаһан эрэ иилбит саламата, сиргэ ыһылла сытар кэппиэйкэ харчы, табах, алаадьы, кэмпиэт – ким сиэбигэр туохтааҕынан  уураллар.

“Что, может не будем... Проедем?”, – диэтэ суоппара. Мэхээлэ ыксаан иһэр буолан: “Ээ, давай-давай!” - диэбитин истэн эрэ хаалла. Кэрэх маска тохтообокка аһара көтүтэ турдулар. Бөһүөлэктэригэр тиийэллэрэ кыра хаалбытын кэннэ массыыналара бөтөн баран умуллан хаалла. Суоппара капотун арыйан кулахачыйда – тугу да булбата, быһыыта. “Я не знаю!” - диэн илиитин сапсынан кэбистэ.

Мэхээлэ кэрэх маска тохтоон ааспатах буруйун дьэ билиннэ. Бэйэтэ да тоҕо эдэр, атын итэҕэллээх киһи тылын истибитэ буолла.

Тоҥон бардылар. Уот оттунуохтарын биэрэк син чугас эрээри, киһи түөһүн тылыгар диэри тоҥуу хаар. Сэниэлэрэ эстэн бүтүүһү...

Бастаан инструменнаах дьааһыктарын, онтон олоппосторун уонна да атын уоттаан түүнү туораабыттара. Сарсыарданан биэдирэҕэ бензини уматан баран, туох эрэ өрбөҕүн быраҕан уот оттон, саха сиэринэн дэлби ааттаста-көрдөстө, билэр-билбэт айыыларын, таҥараларын барытын санаата. Оҕолорун, кэргэнин санаан ытамньыйа сыста. Баҕар, дьон бэлиэтии көрүө диэн, саппааска көлүөһэлэрин уоттаан хойуу хара буруо таһаарбыттара. Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ буолбатаҕа буоллар, чахчы биир эмэ киһи көрүө эбит. Суоппара ол тухары массыынатыттан арахпат. Тоҥмут массыынатын анныгар уот оттон ириэрэн собуоттаан көрөр, арай сөтөллөн өрө бөтүөхтээт массыыналара собуоттанан кэллэ. Үөрэ-көтө дьиэлэрин диэки хоҥуннулар, Саҥа дьыл буолуон чаас эрэ иннинэ тиийэн, сүтэрэн олорор дьоннорун уоскутан абыраабыттара.  

Онтон ыла Мэхээлэ дьон ытыгылыыр сиригэр, киһи сиэринэн, тохтоон ааһар, уоту отуннар эрэ, айах тутар буолбута. Киһи олоҕо сороҕор сап саҕаттан салҕанар, ардыгар кып-кыраттан тутулуктанар эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....