Сүрэх-тымыр киинин дойду үрдүнэн биир бастыҥынан билиннилэр
Быйыл ыам ыйын саҥатыгар үлэҕэ киллэриллибит Сүрэх-тымыр саҥа киинэ номнуо ыарыһахтары көрөр-истэр, эпэрээссийэлиир. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин сайта иһитиннэрдэ.
Киин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар эрэ буолбакка, Уһук Илин регионнарын ыарыһахтарыгар эмиэ медицинскэй көмөнү оҥорор соруктаах. Бу туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Саха» ГТРК «Быһа эфир» биэриитигэр иһитиннэрдэ. «Квоталар Арассыыйа Федерациятын Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин нөҥүө тыырыллыахтаахтар. Биһиги ыарыһахтарбыт үрдүк технологиялаах эпэрээссийэни ааһалларыгар квотаны 1,5-2 төгүл улаатыннаралларын курдук боппуруоһу туруордубут. Сүрэх-тымыр киинэ аһыллан, биһиги быраастарбыт тымырга уонна сүрэххэ эпэрээссийэлэри оҥорор кыахтаахтар», - диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, РФ доруобуйатын харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко Саха сиригэр Киин аһыллыытыгар кэлэ сылдьан, медицинскэй сулууспалар сайдыыларын боппуруостарыгар мунньаҕы ыыппыт. Миниистир үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнү өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар эрэ буолбакка, атын регион дьонугар эмиэ оҥоруохтаахтарын туһунан бэлиэтээбитэ. Ону таһынан Михаил Мурашко Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна эмчиттэрин Сүрэх-тымыр киинин медицинскэй тэриллэринэн хааччыйыыга үлэлэрин үрдүктүк сыаналаабыта. «Кини каадырдарынан уонна медицинскэй тэриллэринэн хааччыллыыга Уһук Илиҥҥи уокурукка эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн бастыҥ киин буоларын бэлиэтээбитэ», - диир Ил Дархан.
Саҥа киин алта клиническэй салаалаах: кардиологическай, неврологическэй, сүрэх-тымыр хирургията, аритмология, анестезиология, реанимация уонна интенсивнэй терапия. Итиэннэ үс эпэрээссийэлиир саалалаах, МРТ, КТ, рентгенография, УЗИ, чөлүгэр түһэрии (реабилитация) уонна физиотерапия кэбиниэттэрдээх.