01.05.2020 | 20:06

Өртөөһүн бобуулаах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр тыа саҕатыгар, ойууртан чугас сирдэргэ кур оту, маһы уматыы, өртөөһүн бобуллар. Быраабыланы кэспит киһи административнай эппиэккэ тардыллан ыстарааптанар.

Ыстараап кээмэйэ биирдиилээн киһиэхэ 3000-4000 солкуобайга тэҥнэһэр, дуоһунастаах сирэйдэргэ — 15000-25000 солкуобай, юридическэй сирэйдэргэ — 150000-250000 солкуобай.

«Якутлесресурс» тэрилтэ үлэһиттэрэ муус устар 30 күнүттэн Дьокуускай куорат уокуругун кытыы сытар сирдэригэр баһаар тахсыытын сэрэтэр үлэлэри оҥорор уонна ойуур кытыытыгар баар хагдаҥ окко хонтуруолланар уот ыытар.

Баһаар тахсыбыт түбэлтэтин туһунан иһитиннэриини өрөспүүбүлүкэтээҕи диспетчерскэй сулууспаҕа биллэрэр ирдэнэр: 8 (4112) 44-74-76, 8 (800) 100-94-00.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кыраайы үөрэтии мусуойун устуоруйата
Сонуннар | 31.05.2025 | 16:00
Кыраайы үөрэтии мусуойун устуоруйата
Дойду устуоруйатын мусуойдар кэпсииллэр. Норуот быһыытынан сайдыыбыт барыта мусуойга кэпсэнэр. Суруйааччы Николай Денисович Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, мусуойу төрүттээбит Анна Денисовна Данилова аатын сүгэр кыраайы үөрэтэр мусуой салайааччыта, Таатта улууһун «Ай-Тал 2017» бастыҥ мусуой үлэһитэ аат хаһаайката Антонина Николаевна Неустроевалыын...
«Манан дьарыктан, элбэҕи ситиһиэҥ!»
Дьон | 31.05.2025 | 18:00
«Манан дьарыктан, элбэҕи ситиһиэҥ!»
Сахалартан бастакынан хотугу многоборьеҕа Арассыыйа уонна СӨ спордун маастара, наартаны ойууга СӨ экс-рекордсмена, сүгэни ыраах быраҕыыга Арассыыйа чөмпүйүөнэ, мастаах сүүрүүгэ Арассыыйа призера, СӨ хотугу многоборьеҕа хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, СӨ хотугу многоборьеҕа үтүөлээх тренерэ Анатолий Сыромятников – «Эр бэрдэ» рубрика бүгүҥҥү дьоруойа.   – Анатолий Гаврильевич, хантан төрүттээххиний? – Ийэм Сунтаар, ...
Сэттэ уол сэрииттэн төннүбэтэҕэ...
Сонуннар | 01.06.2025 | 12:00
Сэттэ уол сэрииттэн төннүбэтэҕэ...
(«Журавли» ырыа төрүттэммит историята)
Бөх хомуйарга мөһөөччүк ылаҕын дуо?
Сонуннар | 31.05.2025 | 12:00
Бөх хомуйарга мөһөөччүк ылаҕын дуо?
Сир – сахаҕа ытык өйдөбүл. Мээнэҕэ «сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу», «сиринэн-халлаанынан андаҕар», «сир түннүгэ», «сиртэн быкпакка  сылдьан», «сиртэн халлааҥҥа диэри махтал», «сир-халлаан икки ардыгар»  уо.д.а.  өйдөбүллэр үөскүөхтэрэ дуо? Ити аата саха бэйэтин төлкөтүн, дууһата ырааһын, чиэһин, өйүн-санаатын, дьоҥҥо барҕа махталын, атын даҕаны быһаарыллыбатах түгэннэрин сири кытта ситимниир, сиргэ...