Өрөспүүбүлүкэ 100 сылын оһуохайынан уруйдуубут
Муус устар 27 күнүгэр өрөгөйдөөх үбүлүөйү өрөспүүбүлүкэ бүттүүн оһуохайынан көрсөбүт. Саха сирин норуоттарын сомоҕолоһуутун көрдөрөр оһуохайбыт флэш-моб быһыытынан биир кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар ыытыллыаҕа.
Киин куоракка оһуохай Комсомольскай болуоссакка, билиҥҥи былаанынан, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт Киров уулуссатынан (Ярославскай уулуссатын кытта быһа охсуһууттан Лермонтов уулуссатыгар диэри) бырааһынньыктааҕы хаамсыы кэнниттэн буолуоҕа. Оһуохай кэнниттэн эстрада кэнсиэрэ ыытыллар.
Саха сирин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Владислав Левочкин иһитиннэрбитинэн, оһуохайга бэлэмнэнии өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҕаланна.
«Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн оһуохайын биир сүрүннээччилэринэн култуура тэрилтэлэрэ буолаллар – олоҥхо театра уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтэ. Оройуоннарга тэрийээччилэринэн култуура дьиэлэрэ буолуохтара. Үгэс быһыытынан оһуохай – доҕордоһуу, сомоҕолоһуу үҥкүүтэ, олох эргиирин, сырдык күүс өрөгөйүн кэрэһэлиир дириҥ суолталаах. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар оһуохай биир култуурунай силистээх уонна историялаах Саха сирин норуоттарын сомоҕолоһуутун көрдөрүөҕэ, өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии олохтооҕор бу бырааһынньык суолтатын тиэрдиэҕэ», – диэтэ Владислав Левочкин.
Муус устар 27 күнэ – Саха сирин историятыгар ураты суолталаах даата. Бу күн регион уопсастыбаннай уонна политическай олоҕор икки бэлиэ түгэн буолбута. Ол курдук, 1922 сыллаахха Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ, онтон 70 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха, Арассыыйа Федерациятын субъега буоларбытын бигэргэтэн Өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията олоххо киирбитэ.