Өрөбүллэргэ Саахымат бэстибээлэ ыытыллар
Өрөбүл күннэргэ, балаҕан ыйын 23-24 күннэригэр, Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи саахымат бэстибээлэ ыытыллар диэн Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Тэрээһиҥҥэ сааһыттан уонна квалификациятыттан тутулуга суох ким баҕарар кыттыан сөп.
Бэстибээл чэрчитинэн сүүс харахтаах, итиэннэ нуучча дуобатыгар «швейцарскай» систиэмэнэн 9 түһүмэхтээх күрэхтэһии ыытыллар. Спортсменнар сааһынан көрөн 4 категорияҕа арахсыахтара – эр дьон, дьахталлар, бэтэрээн эр дьон (1968 сыллааҕы төрүөхтэр уонна итинтэн үөһээ саастаахтар) уонна бэтэрээн дьахталлар (1973 сыллааҕы төрүөхтэр уонна итинтэн үөһээ саастаахтар). Итини таһынан, уолаттар уонна кыргыттар бастыҥ түмүктэрэ бэлиэтэниэҕэ.
Сүүс харахтаах дуобат күрэхтэһиитигэр быйылгы СӨ Чемпионатын үрдүкү лигатыгар путевка оонньонуоҕа – биир миэстэ эр дьон, өссө биир дьахталлар ортолоругар.
Күрэхтэһии бырагыраамата:
Балаҕан ыйын 23 күнэ
09:00-10:00 – Регистрация;
10:00 – Күрэхтэһии аһыллыыта;
10:30-14:00 – Сүүс харахтаах дуобат турнира (1-4 тур);
15:00-19:00 – Күрэхтэһии салгыыта (5-9 тур).
Балаҕан ыйын 24 күнэ
10:00-13:30 – Нуучча дуобатыгар турнир;
14:00 – Наҕараадалааһын, күрэхтэһии сабыллыыта.