04.06.2020 | 10:47

Пригороднайга сүрүн суоллара оҥоһуллуоҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Пригороднай сэлиэнньэтигэр "Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара" национальнай бырайыак чэрчитинэн, Новая уулусса 1, 492 км устата өрөмүөннэниэҕэ. Бэдэрээтчик –“РИК Автодор” АУо.

Бырайыагы олохтоохтору кытта ырытыыга баһылык солбуйааччыта Евгений Григорьев, Транспорт уонна суол управлениетын салайааччытын э.т. Константин Попов, нэһилиэк дьаһалтата, “Главстрой” МКТ, ГИБДД, бэдэрээттээх тэрилтэлэр кытыннылар.

Новая уулуссаҕа асфальт уларыйыаҕа, ону кытта суол түгэҕин бөҕөргөтүү саҥа технологиялар туһаныллыахтара. Суол үрдүкү дьапталҕата 8 см халыҥнаах бытархай састааптаах асфальтобетон булкадаһыгынан кутуллуохтаах, суол кытыытыгар щебенка-гравий-кумах кутуллуохтаах. Олохтоохторго табыгастаах буолар гына суолтан 7 түһүү оҥоһуллуоҕа.

“Главстрой” МКТ эрэннэрэринэн, Пригороднай суолун өрөмүөнэ бэс ыйын ортотуттан саҕаланыа. Манна эмиэ, Кангаласска курдук, суол аллараа дьапталҕатын бигэргэтэр ресайклинг технологията туттуллуоҕа.

Олохтоохтор мунньах кэмигэр суолу сырдатыыны, саҥа суол бэлиэлэрин, тротуардары тупсарыыны, оптуобус тохтобулларын туруорустулар уонна үлэ болдьоҕун чуолкайдастылар. “Главстрой” специалистара бэлиэтээбиттэринэн, бырайыакка суолу сырдатар лаампалар остуолбаларын уларытыы, 17 саҥа светодиоднай лаампалар ыйылла сылдьаллар. Тротуардары оҥоруу бырайыакка көрүллүбэтэх, оттон суол бэлиэлэрин саҥардыы, суолу туоруур сирдэри бэлиэтээһин барыта киирбит. Оптуобус тохтууругар суолтан тахсыы былааннаммыт, тохтобул павильоннарын туруоруу былааҥҥа суох.

***

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата ыам ыйын 21 күнүттэн бэс ыйын 5 күнүгэр диэри “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагы киин куоракка олоххо киллэриигэ уопсастыбаннай ырытыылары тэрийэн ыытар. Куорат олохтоохторо өрөмүөн үлэтин туһунан кэпсэтиилэргэ видеоконференция ньыматынан (Zoom ID 7219345765), якутск.рф сайтка тахсар графигы көрөн кыттыһыахтарын сөп.

Национальнай бырайыак чэрчитинэн уопсайа 23,5 км уһуннаах 28 суол ситимэ оҥоһуллар. Бырайыак 5 сыл үлэлиирин тухары, 2019-2024 сылларга, 204,5 км суол саҥардыллыахтаах. Федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бүддьүөттэн уопсайа 1,5 млрд солк. көрүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....