28.03.2020 | 18:33 | Просмотров: 825

Подъезкын сууйбат буоллахтарына үҥсүөххүн сөп

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга коронавируһу уодьуганныыр сыаллаах элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри, уопсастыбаннай дьиэни-уоту санитарнай дезинфекциялааһын ыытыллар.

Куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациялыыр сулууспа иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 27 күнүнээҕи туругунан, 2371 дьиэ подъеһыгар санитарнай сууйуу-сотуу ыытылынна, ол олорор дьиэ пуондатын 98 бырыһыана буолар. Бүгүн 533 дьиэ обработкаланна.

Роспотребнадзор олохтообут ирдэбилинэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэ подъеһа нэдиэлэҕэ иккитэ уулаах сууйууну-сотууну ааһыахтаах, күн аайы элбэхтик туттуллар аан тутаахтарын, домофон кнопкаларын, лифтэри, кирилиэс тутуһардарын о.д.а. барытын анал суурадаһынынан дезинфекцияланыахтаах.

Дьокуускай баһылыгын С.Авксентьева дьаһалынан, олохтоохтор баар балаһыанньаны арылыччы билэллэрин туһугар, подъезтарга дезинфекция ньымаларын туһунан сиһилии кэпсиир сууйуу-сотуу графига ыйаныахтаах.

Салайар хампаанньаҕыт эбэтэр ТСЖ-гыт дезинфекцияны ыыппатах буоллаҕына эрийэн биллэриэххитин  сөп:

  • Дьокуускай Биир кэлим диспетчерскэй сулууспатыгар 8 (4112) 44-42-29, 44-42-51
  • СӨ Госстройжилнадзор управлениетыгар 8 (4112) 34-50-53, 34-26-44, төл./факс (4112) 34-22-49, эл. аадырыстара: ugszhn@sakha.gov.ru)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.