Ойуур хаһаайыстыбатын каадырдарын бэлэмниир целевой миэстэ элбэтиллиэҕэ
Ил Дархан Айсен Николаев Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическэй университет ректорын эбээһинэһин толорооччу Валерий Фёдоровтыын көрүстэ. Өрүттэр үрдүк үөрэх кыһатын сайдыытын уонна кэккэ идэлэргэ бүддьүөт миэстэлэрин элбэтии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Маҥнайгы кууруска киирии хонтуруолунай сыыппараларынан көрдөххө, федеральнай бүддьүөттэн үөрэх кыһатыгар 1067 миэстэ бэриллибит. Итиннэ эбии биһиги өрөспүүбүлүкэттэн федеральнай квотаҕа көрүллүбэт идэлэргэ 160 целевой миэстэни көрдүүбүт. Ити «электротехника» уонна «теплотехника» курдук хайысхалар. Итини сэргэ ойуур хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин бэлэмниибит, билигин ойууру чөлүгэр түһэрэр улахан сорук турар, онно бэйэбит исписэлиистэрбит наадалар», – диэтэ Валерий Фёдоров.
Көрсүһүүгэ АГАТУ «Приоритет 2030. Дальний Восток» бырагыырамаҕа кыттар боппуруостарын көрдүлэр. Бэс ыйын 15 күнүгэр Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук үрдүк үөрэх кыһаларын ортотугар сүүмэрдиир түһүмэх ыытыллар.
АГАТУ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи өттүгэр агротехнологическэй бизнес сайдыытын драйвера буолар сыаллаах, онон куонкурус саҥа таһымҥа тахсалларыгар олук ууруоҕа. «Биһиги Агробиотехнопаарканы оҥорор былааннаахпыт, итиннэ сетевой үөрэхтээһин, «биобезопасность», цифровой трансформация уонна технологическэй предпринимательство хайысхалара сайдыахтара», – диэтэ АГАТУ ректорын эбээһинэһин толорооччу.