Островскай уулуссатын өрөмүөнэ түмүктэнэн эрэр
Билиҥҥи туругунан сатыы хаамар дьон суолугар хаххалыыр күрүөлэри уонна суол бэлиэлэрин туруораллар. Өрөмүөннэнэр учаастак уһуна – 0,265 км. Бэдэрээтчит тэрилтэ – «Сэттэ» ДРСУ ХЭТ.
Эбийиэккэ уулусса устун ууну ыытар ситими, саҥа сырдатыыны, 17-с оскуола таһынааҕы сатыы сылдьар дьон регулировката суох суолун, уулусса икки өттүгэр тротуардары, суол таҥаһын хайыр тааһынан уонна икки дьапталҕа аспаал бүрүөһүнүн оҥордулар.
Аспаал бүрүөһүнэ түспэтин, намтаабатын курдук, араарар бэлиэни конструкциялар көмөлөрүнэн оҥорор туһунан быһаарыы ылылынна. Сүрүн биричиинэтэ – уулусса хаба ортотугар канализация ситимэ баар, итиннэ өрөмүөн үлэтин ыытарга суол бүрүөһүнүн алдьаппат сыал турда.
Санатар буоллахха, 2023 сылга «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 29,5 км суол ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһуллуохтаах.