13.12.2021 | 18:00

Оскуолаларга эбии миэстэни оҥоруу саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэтин 12 №-дээх орто оскуолатыгар самалык тутуу бастакы сыбаайата үөрүүлээх быһыыга-майгыга түстэ. Саха сирин үөрэҕириитин тэрилтэлэригэр 2021-2024 сылларга эбии миэстэлэри оҥоруу бырайыагын бастакы түһүмэҕин чэрчитинэн тутуллар самалык 326 миэстэлээх буолар. Бырайыак ВЭБ.РФ сайдыы судаарыстыбаннай корпорацията кыттыылаах олоххо киирэр. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Пригороднай олохтоохторун тутуу саҕаламмытынан Дьокуускай куорат салалтатын аатыттан баһылык солбуйааччыта Антон Алексеенко эҕэрдэлээтэ.
«Бырайыак олоххо киириитэ саҥа саҕаланна, былааҥҥа өссө үс эбийиэк тутуута баар. Ити курдук, ВЭБ.РФ кытта кыттыгас бырайыакпыт бастакы түһүмэҕэр куорат уокуругар тыһыынча кэриҥэ эбии үөрэх миэстэлэрин тэрийиэхпитин сөп. Инники улахан үлэ күүтэр, тоҕо диэтэххэ үөрэх миэстэлэригэр наадыйыы улахан. Судаарыстыба уонна өрөспүүбүлүкэ өйөбүллэринэн сотору кэминэн куораппыт үөрэҕириитин сайдыытыгар хаачыстыбалаах хардыыны оҥоруохпут», – диэбит  Антон Алексеенко.
12 №-дээх орто оскуола самалык тутуута үс этээстээх, манна 27 үөрэх кэбиниэтэ, кинигэ харайар сирдээх библиотека, медицинскэй кэбиниэт, 160 миэстэлээх остолобуой, 300 миэстэлээх актовай саала, муусука уонна туспа үҥкүүнэн дьарыктанар саалалар  баар буолуохтара. Саҥа тутуу уопсай иэнэ – 5280 кв. м. тахса, тутааччы – «Арктик Капитал» ХЭТ.
Оскуола дириэктэрэ Михаил Уйгуров этэринэн, билиҥҥи кэмҥэ оскуолаҕа икки сменанан солбуһан 616 оҕо үөрэнэр. 2014 сылтан саҕалаан оскуолаҕа физико-математическай хайысхалаах предметтэри дириҥэтэн үөрэтии киирбит.  
2020 сылга Пригороднай сэлиэнньэ «Цифровой үөрэҕирии эйгэтэ» федеральнай бырайыак СӨ территориятыгар «Үөрэҕирии» национальнай бырайыагын кыттыылааҕынан буолбута. 2021 сыллаахха оскуолаҕа «Точка роста» естественно-научнай уонна технологическай хайысхалаах үөрэҕирии Киинэ арыллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...