ОСКУОЛАҔА КИИРИИ АЛБАСТАРА
Олунньу ый куорат оскуолаҕа киирэр саастаах оҕолоох төрөппүттэригэр саамай долгутуулаах кэм.
КИМ ТҮРГЭН – ОЛ КИИРЭР
Быйыл оскуолаҕа оҕону суруйтарыы тохсунньу 25 күнүттэн саҕаламмыта. Электроннай уочаратынан төрөппүттэр оҕолорбутун оскуолаҕа киллэрэргэ сайаапка биэрдибит. Төрөппүттэр бассаап бөлөхтөрө өрө оргуйан олорор. Тоҕо диэтэххэ оҕону оскуолаҕа электроннай уочаратынан суруйтарыы спорт көрүҥэр да киириэн сөптөөх курдук куоталаһыы буолла. Ким эрэ 09:02 бириэмэҕэ баттаспыт, ким эрэ мэскэйдэнэн 09:27 көрдөрдө. Сайаапкатын ити 2 мүнүүтэ иһигэр толорон ыыппыт оҕо аҕата тута “биһиги кэммит дьоруойа” буола түстэ, ол аата кини оҕото чахчы пропискалаах оскуолатыгар киирэр кыахтанна диэн. Оттон ити 27 мүнүүтэ мэскэйдэммит төрөппүт оҕото бэйэтин оскуолатыгар хапсыбакка хаалар кутталлаах.
Маныаха эһиил биһиги курдук интиэриниэт ситиминэн оскуолаҕа суруттарар төрөппүттэргэ этиэм этэ, эрдэттэн порталы киирэн үөрэтиҥ. Түргэнник толорор анал бырагыраамалары баһылааҥ. Саамай элбэх бириэмэ оҕо төрөөбүт сирин толорууга барар эбит. Оттон анал бырагыраамаҕа эрдэ толорбуттар, суруттарыы саҕаланаатын кытта дааннайы барытын киллэрэн кэбиһэр кыахтаахтар.
ПРОПИСКА – ХАМАҔАТЫК АТЫЫЛАНАР ӨҤӨ БУОЛЛА
Сахалыы иитэр-үөрэтэр, дьиҥ сахалыы эйгэлээх оскуолалар Дьокуускай куоракка аҕыйахтарын бары билэбит. Бу оскуолалар аттыгар дьиэлээхтэр, пропискалаахтар дьоллоох дьон диэххэ сөп.
Оттон сахалыы эйгэлээх оскуолаҕа оҕоҕун киллэриэххин баҕараҕын, ол эрэн пропискаҥ суох буоллаҕына, кылгас болдьохтоох прописканы атыылаһан ылыаххын сөп. Холобур, Саха гимназия таһыгар П.Алексеев уулуссатыгар баар уопсай дьиэлэргэ пропискаланыы, оскуолаҕа прописканан эрэ суруттарыы буолуоҕуттан ыла, сыаната сыл аайы үрдүү турар. Былырыын уонна быйыл алта ыйдаах прописка сыаната 60 тыһыынча солкуобайга тиийдэ. “Саҥа дьыл инниттэн атыылаһан кэбиһэр ордук эбит. Оччоҕо олунньуга холкутук тиийэҕин, электроннай уочаракка суруттара оҕустуҥ да – оҕоҥ киирэр гарантиялаах”, - диир биир сатабыллаах ийэ.
Прописка эргинэр ньыма буолбута ыраатта. Олохтоох былаастар да билэн эрдэхтэрэ. Пропискалыыр киһи сокуону кэспэт – кими баҕарар бэйэтин бас билэр дьиэтигэр суруйуон сөп. Оттон атыылаһааччы ханнык баҕарар өҥөнү, табаары атыылаһар бырааптаах. Оскуолалар даҕаны “эн пропискаҥ атыылаһаллыбыт эбит” диэн аккаастыыр кыахтара суох. Бу түгэҥҥэ ким да сокуону кэспэт, суут-сокуон иннигэр бары суобастара ыраас.
ПРОПИСКАТА СУОХ КИИРЭР СУОЛ БААР
Аны туран, РФ Үөрэх сокуонун 67 ыстатыйатын 3 пуунугар маннык этиллибит: "Правила приема в государственные и муниципальные образовательные организации на обучение по основным общеобразовательным программам должны обеспечивать также прием в образовательную организацию граждан, имеющих право на получение общего образования соответствующего уровня и проживающих на территории, за которой закреплена указанная образовательная организация." Ол аата оҕо олорор сиригэр үөрэнэр быраабын үөрэх салалтата хааччыйыахтаах, ол эрэн төрөппүт ол аадырыһынан оҕотун үөрэтэр булгуччулаах эбээһинэстээх буолбатах. Ол иһин, атын оскуолаҕа киириэххитин баҕарар буоллаххытына, Дьокуускай куоракка үөрэх салалтата пропискалаах сириттэн ураты оскуолаҕа сайабылыанньаны от ыйын 1 күнүттэн ылан саҕалыыр. Онон пропискаттан тутулуга суох атын оскуолаҕа киириэн баҕалаахтар от ыйыгар диэри толкуйданабыт, кэтэһэбит.