Оптуобустар бары дезинфекцияланаллар
Коронавируһу утары үлэлиир куораттааҕы суһал штаб быһаарыытынан, уопсастыбаннай тырааныспарка уонна маҕаһыыннарга мааската суох дьону киллэрбэт буоллулар. Дьону тиэйиинэн дьарыктанар ЯПАК уонна “СоюзАвто” маннык бирикээстэри таһаардылар.
Куорат дьаһалтата бэйэ-бэйэттэн социальнай тэйиччи туттуу 1,5 миэтэрэ буолуохтааҕын туһунан сэрэтэр. Ааспыт сууккаҕа аҥаардас Дьокуускайга 93 киһи коронавирустаата, ыам ыйын 23 күнүгэр 80 киһи ыалдьыбыта.
Мааска кэтии ирдэбиллэрин тутуспат буолуу түгэнин уопсастыбаннай тырааныспарка, маҕаһыыннарга уонна да атын уопсастыбаннай сирдэргэ бэлиэтии көрбүт дьон 31-90-90 нүөмэринэн олохтоох дьаһалта биир кэлим приемнайыгар эрийэн биллэриэххитин сөп.
“ЯПАК” МУТ дириэктэрэ Валерий Домотов оптуобустарга санитарнай-профилактическэй миэрэлэр тустарынан: “Үлэһиттэр бары ыарыыттан харыстанар ньымалары тутталлар. Оптуобустарга дезинфекция ыытыллар. Рейска тахсыахтарын иннинэ суоппардар уонна кондуктордар температураларын мээрэйдиибит”.