Оо, Ородьумаан кэллэ!!!
Эмээхситтэр... иэдэйдилэр
Бэйи эрэ, арааһа өйдөөбөтүҥ. Саас-сааһынан кэпсиим. Эмээхсиним үс сыл буолла, мин дьиэм иһигэр кимэ да биллибэт (бэйэбинэн охсон этэбин), ханна да баара сэрэйиллибэт эрээри салгыҥҥа (бассаапка) суруйааччы аатын ылбыта ырааппыт Ородьумаан диэн эр бэрдин киллэрдэ. Онтон ыла чэй кутта да “Ородьумаан инньэ диэбитэ”, “Ородьумаан маннык аһы сөбүлүүр”, “Ородьумаан идэһэтин сиэтэ”, Ородьумаан саҥа сыл бэлиэтин оҥордо”, “Ородьумаан... тапталы суруйда”, “Оо, дьэ, Ородьумаан мэлийдэ”, “Оо, дьэ, Ородьумаан албыннаата: салгыы суруйбутун ыыппата” диэн, куруук саҥа аллайталыыр. Көр, биирдэ да “Анньыыһыным бу аһы сөбүлүө” диэбэт! Ол тухары Ородьумааннаах олоробут.
Төлөпүөнүнэн сээкэйи сэлэһэн эмээхситтэргэ эрийдэҕинэ... барыта Ородьумаан туһунан. Туохтаах киһиний, бу? Алаатыгар Алампа буоллаҕай? Доҕоттоор, онтубут баара, олуйсан-дьирээлэһэн билбитим, бу киһибит кэпсээнньит эбит! Тура-тура күн эгэлгэтин суруйталаан кэбиһэн, бассаапка күннэрин барыыр эмээхситтэри, сэһэни-тэппэни сэҥээрээччи эдэрдэри эмиэ түмэн, таптал умуллар-умуллубат уотунан күөдьүтэн ис уйгуларын уһугуннартаабыта, ытаппыта-соҥоппута ырааппыт!
Айабы-ын!
Дьэ, сыстыганнаах ыарыы курдук Ородьумаан тыла-өһө биһиги дьиэҕэ киирбитэ ыраатта. Биирдэ эмээхсиним, хоско сытан хаһыаппын “кулу эрэ” диэбиппэр, хата хап-сабар:
--Тугу сытан эрэ үөгүлээтиҥ!—диэтэҕэ үһү!
Ол аата? Мин үөгүлээбэтим, эйигин ыраахтан ыҥыраммын көннөрү көрдөстүм буолбат дуо диэн бэркэ соһуйан мөккүстүм. Онтубут баара эрэ, “Ородьумаан улаханнык саҥардахха инньэ диэччи” үһү!
Аны биирдэ чахчы адаарыһа сыстыбыт. Туохха эрэ мэлийэн киирбиппэр эмээхсиним дьиэлээх:
--Хайа, Анньыыһын, кэм да ыт атаҕын туттуҥ дуо?—диэн соһутта ээ.
Ити аата туох диэҥҥин миигин үгэргээтиҥ диэн өһүргэммиппэр хап-сабар хардарда:
--Киһи өһүргэнэрэ суох! Ородьумаан уу сахалыы итинник диэччи. Аах ээ!—диэн куотуннаҕа үһү!
Онон биһиги ыал Ородьумаан диэн дьукаахтаммыппыт ыраатта. Атын да ыалга итинник баарыгар саарбахтаабаппын.
Туох айылаах?
Дьэ, туох бэйэлээҕи суруйар киһиний диэммин дьиибэргээн быйыл күһүнү быһа Айар маҕаһыыныгар сыбыытаатым. Мин чугастыы киин маҕаһыыннарын наар маныыбын, кэлбит кинигэ тута онно баар буолар. Оо, күүттэххэ уһун кэм эбит.
--Сотору Ородьумаан кинигэтэ тахсар буолбут! Оҕонньор, кинигэмсэх киһи иккитэ-хаста ылаар эрэ! Мотуруонабар, дьүөгэбэр бэлэхтиэм этэ уонна хайа, Ыстапаан Сүөкүлэтэ сакаастыы олорор, Табаҕаттан, онно кэһиилиэхпит,--диэн мааны хотунум сураспыта-үлэспитэ ыраатта, ийэтэх балаҕан ыйыттан ыла эбитэ дуу?
Дьэ, онтум бу кэлбит! Үөрүүбүттэн өттүкпүн сабырҕаттым ээ! Эмээхсин испииһэгин ааҕан туран син хаһы да ылаат, дьиэбэр ыстанным. Чэйбин иһээт, ааҕан бардым...
Чахчы хайҕаатым!
Кинигэ хаҕар “Бассаап бестселлэрэ” диэн бэлиэтээбиттэр. Ама дуу... Дьэ, ону баҕас билэбин... Эмээхсиним эрчийиитин мэлдьэһэр суох.
Киирии тылыгар Айардар анаан суруйбуттарын аһары сөбүлээтим. Биллэн турар, кинигэни таҥарга ити идэлээх дьон сыыһа-халты этиини, тылы сыыһа туттууну туура сотон ылгыы-ыраастыы сатааччылар. Ол быһыытынан буолуо, бу сырыыга сэрэппиттэр: Ородьумаан тыла-өһө бэйэтин киэнэ, ол иһин ситигирдик бассаапка кэпсиир моһуонун алдьаппакка, төрдүттэн литература тылыгар көһөрбөккө, соруйан уларыта сатаабатыбыт диэн. Дьэ эрэ, оччотугар мин эмиэ баҕалаах бассааптарыгар олорор курдук сананыым ээ...
Күн киэһэриитэ кинигэбин ааҕан бүтэрдим. Астынным. Чахчы кэпсээннээх киһини бу эмээхситтэр хайгыыр, тылларыгар түһэрэн ыаһах гыналлар эбит диэн түмүккэ кэллим. Ол иһин бу кинигэ былыр үйэттэн өбүгэ саҕаттан олохтонон хаалбытынан, сэһэргэһээри гыннахха саҥа аллайан: “Суох, эн кэпсиэ!” –диэн уу сахалыы ааттаммыта олус диэн оруннаах эбитин хайҕаатым.
Ородьумаан булчут, отчут-масчыт бэрдэ кэриҥнээх. Ол быһыытынан кэпсэлин тухары сири-уоту ойуулуура, тыаҕа-ойуурга, ууга-уокка түһэртиирэ, барахсаным бэйэтин киэнэ. Итиэннэ дьэ мин, кырдьаҕас киһи уорбалаатым: Ородьумаан барахсан уол оҕото быһыылаах, таптал талбатын араарар-билэр, килбигин-сиэрэ суоҕун ырытан өйдүүр, кыыс-дьахтар дьыалатыгар бэрт дириҥ билиилээҕин тылыттан-өһүттэн өтө сэрэйдим. Киһи эрэ итинник буолбат. Сүбэтэ-ньымата да тыа сирин төрүт дьарыктааҕын сиэринэн дириҥ, олохтоох уонна киһи болҕомтотун тардар эбит.
Үһүйээннэрэ үчүгэйиэн!
Былыр биһиэхэ оҕонньоттор ону-маны сэһэргиир, оҕо дьону дьээбэлээн омуннаахтык да оҥорон кэпсиир буолаллара. Хайдах эрэ ол кэми санаатым. Ородьумаан үһүйээннэррэ олус бэркэ табыллыбыттар. Туох да оҥоһуута суох, баары баарынан, судургу баҕайытык кэпсиир эбит. Оннугу киһи кэбэҕэстик ылынар, сонургуур уонна иһигэр хайаан да кэпсээҥҥэ киирбит чулуу кыах дьонунан киэн тутта саныыр.
Ити аахпыппын барытын манна ууран биэрбэппин. Сураҕа, кинигэҕэ суруллубутунан, бастаан аҕыйахта бассаапка быраҕан иһэн Ородьумааннара быһа баттаан кэбиһэн баран, дэлби кутугунаталыыр үһү. Ити да иһин эмээхситтэр, кэннигэр туох буолуон таайа сатааннар, уһун күн ыаһаҕа оҥостон, ыанньыйар санаа кулута буолаллар эбит! Ардыгар аһыннараары: “Ыыт эрэ, ыл, Ородьумаан, ырдым буолбат дуо?!”—эҥин дэһэллэр эбит. Киһилэрэ өлүөхүмэлии хардарар үһү: “Ничего фигураҥ тупсуо”.
Онон уол оҕото Ородьумааны ирдээн, айымньыларын ааҕа охсор баҕаттан бассаапка олорооччулар туһааннаах суруктара өссө кинигэ кэтэҕэр киирбиттэрэ бэртээхэй.
Бэйи, бэринним...
Биир тылынан, билигин биһиги дьиэбитигэр “дьукаахтаспыта ырааппыт”, отой билбэт Ородьумааммын, кэпсээнинэн сиэттэрэн, син мээнэ билсибит кэриҥэ буоллум. Уонна, дьэ, Анньыыһын да... уйатыгар уу киирдэ, кэпсээннэри биһирээтэ, кинигэни имитэн иккитэ аахта, итиэннэ эмээхсиним албаһынынан, аны бассаапка киирдим! Ородьумаан кэпсээннэрин быыстала суох ыытар бөлөҕөр аны мин эмиэ баарбын!
Эһиги эмиэ кытаатыҥ, бассаап салгыныгар тута мэлийэн иһээхтиир кэпсээннэргитин дьиэҕитигэр мунньунуҥ, тапталгытын иһийэ-иитиэхтии баҕардыгыт да долбуургутуттан ылан бэйэҕит бүөмнээн ааҕаргытын оҥостуҥ. Оннооҕор мин сэҥээрдим, хор, оннук үөртэ, долгутта, уһуну-киэҥи, өтөрдөөҕүнү-өрдөөҥҥүнү барытын санатта...
Сабыс-саҥа тахсыбыт Ородьумааҥҥыт “Суох, эн кэпсиэ!” кинигэтэ, кырдьык, бестселлер эбит! Онтубут кээмэйэ да аһары табыллыбыт, оруобуна төлөпүөнү тута сылдьар курдук гына, дьэ, айардар сатаан да оҥорбуттар! Туох баар ойуута-дьтүһүнэ илэ-чахчы бассаапка киирэн олорор курдук буолбута сүрдээх! Онон сиэпкэ да, суумкаҕа да укта сылдьарга табыгаһа бөҕө! Соҕордук!