Онкологиянан ыалдьыбат курдук быһыы ылыахха сөп
Кэнники кэмҥэ эдэр уонна орто саастаах дьахталларга рак диэн диагноһы аҕыйаҕа суохтук туруораллар. Төһө да үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллубутун иһин ыарыы баалатыллыбыт буоллаҕына ыарыһаҕы кыайан быыһаабаттар. Онкология араас уорганнары буулуур, ол иһигэр төрүүр-ууһуур уорганнары. Быраастар этэллэринэн, онкогеннай вируһу көбүтээччинэн киһи папилломата буолар.
Маатка шейкатын рагын сэрэтэр сыаллаах 14-15 саастаах кыргыттарга ВПЧ утары быһыыны туруораллар. Биллэрин курдук, маатка шейкатын рагын 70% түбэлтэтин ВПЧ-16 уонна ВПЧ-18 сэрэхтээх вирустар арыаллыыллар.
Алтынньы 20 күнүгэр ити тыын суолталаах боппуруоһу Дьокуускай куорат Дууматын ыччат политикатыгар, физическэй култуураҕа, спортка уонна чөл олоххо сис кэмитиэтин мунньаҕар дьүүллэстилэр. Бу туһунан Дьокуускай куорат Дууматын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Уокуруктааҕы дьаһалта уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат политикатыгар Управлениетын начаалынньыга Ирина Атласова "Ыччат. Дьиэ кэргэн. Спорт. 2020-2024 сылларга чөл олохтоох куорат" муниципальнай бырагыраама 2021 сыл тоҕус ыйыгар туолуутун билиһиннэрдэ.
Кини этэринэн, COVID-19 тарҕаппат хааччахтыыр миэрэлэргэ түбэһэр тэрээһиннэртэн ураты былааннаммыт барыта олоххо киирэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ 11 кыыс быһыыны ылар болдьохторо чуолкайдаммыта бэлиэтэннэ.
"Вакцинация үс түһүмэҕинэн, үс компонены араас арыттаахтык туруораллар. Медиктэр этэллэринэн, үһүс вакцинаны кыргыттар кэлэр сылга ылыахтара", – диэн иһитиннэрдэ Ирина Атласова.
"ВОЗ дааннайдарынан, бүгүҥҥү күҥҥэ маатка шейкатын рагын сэрэтэр сыаллаах икки компонент туттуллар, ити олус күүстээх вакциналар. Билигин вакцина 11 эрэ кыыска туруоруллара аҕыйах, элбэтиэххэ наада. Урут 50-тан тахса кыыс вакцинацияны ааһааччы", – диэн бэлиэтээтэ Гордуума депутата, "Өрөспүүлүкэтээҕи онкологическай диспансер" ГБТ Кылаабынай бырааһа, доруобуйа харыстыбылын миниистирин эбээһинэһин толорооччу Лена Афанасьева.
Кини эппитинэн, 2030 сылга диэри вакцинациянан нэһилиэнньэ 90% дьахтара хабыллыахтаах, ВПЧ утары быһыы үбүлээһинэ үрдүөхтээх. Лена Николаевна эһиилги бүддьүөтү ылынарга итини учуоттуур наадалааҕын эттэ.
Ирина Атласова ити өттүгэр өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай былаастар боломуочуйалара быһаарылла илигин эттэ. Дьокуускай куорат Медицинскэй киинэ 9 саастарыгар диэри кыргыттары уонна уолаттары эмиэ (кинилэр тарҕатааччы буолуохтарын сөп) вакцинациянан хабар былааннаах.
Лена Афанасьева этэринэн, федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, маатка шейкатын рагын сэрэтэр сыаллаах тэрээһиннэр усулуобуйаларын тэрийии муниципалитеттартар эбээһинэстэрэ.
Спортивнай тэрээһиннэри ыытыы туһунан информацияны Уокуруктааҕы дьаһалта физическэй култуураҕа уонна спортка Управлениетын начаалынньыга Константин Бурцев иһитиннэрдэ. Кини "Ыччат. Дьиэ кэргэн. Спорт. 2020-2024 сылларга чөл олохтоох куорат" муниципальнай бырагыраама туолуутун билиһиннэрдэ.
Константин Бурцев кэпсээбитинэн, 2021 сыл тоҕус ыйын иһигэр 40 спортивнай тэрээһин ыытыллыбыт, 9479 киһи кыттыбыт. Сборнай хамаандалар чилиэннэрэ 250 бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэр. Сүрүн соругунан "Манчаары Оонньуулара" спартакиадаҕа бэлэмнэнии уонна кыттыы буолбут.
Итини сэргэ хамыыһыйаҕа эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы дьүүллэһилиннэ, кинилэргэ социальнай төлөбүр быһыытынан дьиэ сыанатыттан 30-35% төлөнөр.
"Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент" МХТ дириэктэрэ Мария Павлова иһитиннэрбитинэн, 2021 сылга хос бырагыраама олоххо киириитигэр 60 млрд. солк. кэриҥэ көрүллүбүт. Бигэргэтиллибит испииһэгинэн быйыл дьиэ атыылаһарга 30 ыал социальнай төлөбүрү ылыахтаах. Олортон 25 ыала бэйэлэрин туоһу суруктарын олоххо киллэрбиттэр. Испииһэккэ уопсайа 356 дьиэ кэргэн баара этилиннэ.