23.05.2024 | 18:00

Оҕуруотчут кистэлэҥнэрэ

Оҕуруотчут кистэлэҥнэрэ
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Кылгас, ол эрээри өҥүрүк куйаас сайыннаах Сахабыт сиригэр эгэлгэ сибэккилэри, оҕуруот аһын арааһын үүннэрэн ылабыт. Сылтан сыл аайы соҕуруу дойдуга силигилии үүнэр сонун үүнээйилэр көрүҥнэрин олордон,  тиэргэммит, дьиэбит  кэрэ көстүүлэнэр, ону тэҥэ оҕуруот аһыттан, отонноох талахтартан кэнсиэрбэлэри, хомпуоттары оҥосторбут элбээтэ. 

Бастыҥ тиэргэннээх  хаһаайка

Мин бүгүн сайыҥҥы сырал күннэргэ ис сүрэхтэн сибэкки уонна талах мастары олордор Ытык Күөл сэлиэнньэтин олохтооҕо Любовь Луковцева дьарыгын туһунан билиһиннэриэм.

Любовь Петровна дэлэгэй илиилээх оҕуруоччут. Луковцевтар Таатта үрэх Буочаҕайын үрдүгэр дьиэ туттан, тиэргэн тэринэн олорбуттара ыраатта. Дьиэ хаһаайката киһиэхэ барытыгар бэриллибэт кэрэни өйдөөн көрүү, кэрэни үүннэрии, онтон дуоһуйууну ылыы курдук киһи ымсыырар, киһи киэн тутта кэпсиир дьарыктаах. Ол отонноох мастары, талахтары уонна сибэккини үүннэрии. Уурбут-туппут оҥоһуулаах тиэргэнэ анал сады санатар. Манна элбэх сыллаах пионнар, ландыштар, гвоздикалар, Өлүөхүмэ лилейнига, вечерницалар, дельфиниум араас өҥө, садовай иристэр, лүөннэр, мертензиялар, баданнар, хонуу мактара, дицентралар, лихнистар, венера башмачоктара, купальницалар, аквилегиялар, ону таһынан облепиха, үс көрүҥ моонньоҕон, йошта, икки көрүҥ вишня, рябинокизильник, жимолость, ирга, роза ругоза, биэ эмиийэ, сарбынньах, бузина, охта, долохуна, черемуха, сирень, яблоня, хаптаҕас, дөлүһүөн, ежемалина, крыжовник уонна тиит, бэс, харыйа, хатыҥ, кедр, кедровай стланник, тэтиҥ, свирида мастар, дьэдьэннэр, клубникалар, луук элбэх көрүҥэ, оҕуруот арааһа үүнэллэр. Любовь Петровна «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар кувшинка сибэккини уонна вишняны үүннэриини кэпсиэҕэ.

Кувшинка

Кувшинка атыннык Нимфея эбэтэр уу лилията диэн ааттанар. Ууга үүнэр кувшинкатыҥы аймахха киирсэр, алта уончаҕа тиийэ  көрүҥнээх. Билэрбит курдук, кини ууга уста сылдьар, онно силистэнэн ууһуур. Сибэккитэ бииртэн биир дьэрэкээн өҥнөөх буолар. Бу үүнээйи ууга үүнэринэн киһини сэҥээрдэр. Мин кувшинканы 2020 сыллаахха Новосибирскай куораттан силиһин атыылаһан аҕалбытым. Бу иннинэ хартыынаҕа, тэлэбиисэргэ эрэ көрөр сибэкким этэ. Үүннэрэр баҕам баһыйан, хайдах үүннэрэри ааҕан уонна оттон, атыылаһарбар сүбэлээбиттэрин тутуһан, олордон саҕалаабытым. Онтум силиһэ ууну булла эрэ үүнэр айылгылаах буолан биэрдэ. Сиэккэ курдук аһаҕас кашпоҕа туойдаах буорунан төкүнүктэри оҥорон, онно олордубутум. Үрдүгэр өрүс бытархай тааһын кутан баран, уулаах баахха уурбутум. Бары үөрүүбүтүгэр, ити сайын икки сибэккилэммитэ. Көрүөххэ олус кэрэ оруосабай сибэккилэр киһи хараҕын сылаанньытан, түөрт эрэ күн турбуттара. Оннук кылгас кэмҥэ турар эбиттэр. Күһүн инчэҕэй муохха суулаан, умуһахха кыстатан, нөҥүө сааһыгар эмиэ уулаах иһиппэр уган үүннэрбитим. Билигин итии күннэри кэтэһэ, кувшинкаларым үүнэргэ бэлэм тураллар.

Вишня

Оҕо сааска вишня хомпуоту сиэһинтэн вишняны биллэхпит. Хаһан эмит үүннэриэм диэн санаабат үүнээйибин олордон, кини хайдах үүнэрин үөрэтэн, минньигэс аһын амсайарбын олоҕум биир дьикти түгэнинэн ааҕабын. Дьокуускай куорат Ботаническай садыттан войлочнай икки вишня талаҕы атыыласпытым. Вишня аһа кыра, ол эрээри амтана минньигэстиҥи аһыы буолар. Үүннэрэр талахтарым сирэ оҥоһуулаах буолан, вишня сөбүлээн, улахан хаппырыыһа суох үүммүтэ. Сааһын аллараа умнаһыттан саҕалаан үрүҥ сибэккилэнэр, ону мүөттээх уунан ыстарабын. Сибэккилэнэ турар кэмигэр  вишням дьикти кэрэ көстүүлэнэр. Сайын устата астанан, күһүн сиэннэрбэр хомпуот оҥорон үөрдүбүтүм. Бу вишняларым үһүс сылларыгар ас биэрбиттэрэ. Аны кыһынын сэрэнэн маһынан баттатан кыстатабын. Билигин уктара миэтирэттэн таҕыстылар, сыллата астара элбиэхтээх. Онон сиэннэр вишня хомпуоту дэлэччи сииллэрэ иннибитигэр.

Оҕуруоччуттарга, сибэккини, отонноох талахтары үүннэрээччилэргэ толлубакка, хараххыт сөбүлүү көрбүтүн үүннэрэн, күннээҕи олоххутун киэргэтиҥ диэн сүбэлиибин.

Горох өлгөм үүнүүнү биэрэр

Екатерина Лягушина, оҕуруотчут, идэтинэн ветврач:

Горох почваны азотунан байытар, бэйэтэ сидерат оруолун толорор, олох хаппырыыһа суох үүнээйи. Аһаҕас күннээх сиргэ тута буорга олордоҕун. Тымныыны тулуйумтуо, онон ыам ыйын ортотуттан саҕалаан олордуохха сөп. Бастаан сири хаһан, үчүгэйдик уу кутан лууҥка оҥороҕун. Лууҥкалар бэйэ бэйэлэриттэн 5-7 сантиметр тэйиччи, эрээттэр икки ардылара 15-20 см буолаллара табыгастаах.

Сиэмэни олордуох иннинэ биир лиитирэ ууга 30 г туус кутан бэрэбиэркэ ыытаҕын: аллараа түһэри ылаҕын, үөһэ дагдайары быраҕаҕын. Ол кэннэ итии ууга аҕыйах чаас уган үлүннэрэ түһүөххүн сөп. Хас биирдии ас биэрэр үүнээйи аһатыыны ирдиир. Бастакы аһатыы сибэккилиир кэмигэр, иккис аһатыы астанар кэмигэр оҥоһуллар. Аһатыыга ынах сааҕын туһанабын. Аһатан баран уу кутан, буорун көбүтэр ордук. Күһүнүн горохпун кэнсиэрбэлиибин.

 

Ханнык баҕар үүнээйи курдук ыарыыттан харыстыыр эмиэ наада. Горохха мин маннык ньыманы туттабын: 2 ост. нь. хартыыһаны биэдэрэ сылаас ууга суурайан ыстараҕын эбэтэр кутуохха да сөп. 

 

Горох үүммүт миэстэтигэр эһиилигэр бобовайтан ураты араас оҕуруот аһын олортоххо, үүнүүтэ үчүгэй буолар. Горох көрүҥэ элбэх, мин сахарнай диэн суорду үүннэрэбин. Бу суорт кэнсиэрбэлээһиҥҥэ барсар. Ол иһин күһүнүн бэйэтинэн да тоҥоробун, кэнсиэрбэлиибин даҕаны.

 

Тоҥоруу: Ууга буһаран куурдуллар уонна тоҥоруллар.

Кэнсиэрбэлээһин: Гороҕу сууйаҕын, 15 мүн. устата ууга буһараҕын. Уутун сүөкүүгүн, ороһуол кутаҕын.

Ороһуолга наада: 2 кг горох, 1,5 ост.нь. туус, 1,5 ост.нь. саахар, 0,5 ч.нь. лимон кислотата, 1 лиитирэ уу.

Гороҕу бааҥкаларга кутаҕын, онно оргуйбутунан ороһуолгун кутаҕын. Ол кэннэ 10 мүнүүтэ уу паарыгар стерилизациялыыгын. Ханнык баҕарар кэнсиэрбэлээһин курдук умса ууран сойутаҕын.

Гороҕу үүннэрэргэ холонуҥ!

 

Сонун үүнээйи

Канарскай финиги дьиэҕэ үүннэриэххэ сөп

Тамара Слепцова, Тааттатааҕы юннаттар станцияларын педагога, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:

Финик Африка үүнээйитэ. Сырдыгы, итиини сөбүлүүр. Финиктан араас минньигэһи оҥороллор. Онтон сэбирдэҕиттэн олорор дьиэлэрин туталлар. Сахабыт сиригэр финик 10-15 миэтирэҕэ тиийэ уһуон сөп. Итии дойдуттан төрүттээх үүнээйини хайдах дьиэ усулуобуйатыгар үүннэрэри сырдатыам. Маҕаһыын финигын сиэн баран, сиэмэтин ылабыт. Бэйэм оннук үүннэрэн турабын. Сиэмэтэ бөдөҥ уонна халыҥ хахтаах. Түргэнник үүнэрин инниттэн, чаас аҥаара итии ууга сытыарабыт. Онтон сиэмэни кыратык кыһыйабыт. Буор кутуллубут одноразовай ыстакааҥҥа 2-3 см дириҥҥэ олордоҕун. Хатарбакка уутун көрөн кута сырыттахха, икки ыйынан үүнээйибит быгар. Бастакы сэбирдэхпит синньигэс уонна шпага курдук уһун буолар. Бу сэбирдэхтэн саҕалаан финикпит олус бытааннык үүнэр. Үс сыл буолан баран эмиэ шпага курдук олохтоох сэбирдэхтэр үүнэллэр. Бу олохтоох сэбирдэх сыыйа хайдан элбиир. Сэбирдэх элбээн истэҕин аайы пальмаҕа кубулуйар. Сырдыгы эккирэтэн, сырдыкка тардыһыннаран үүннэрэҕин. Буора перегной, буор, элбэх кумах холбоһугуттан туруохтаах. Онно эбии аллара дренаж кутаҕын. Сайын, саас элбэх ууга наадыйар, ону таһынан сэбирдэхтэрин сылаас уунан ыстара, эбэтэр сууйа сылдьыахтааххын. Кыһынын утуйар. Силиһэ сытыйбатын диэн ууну кутууну аччатаҕын. Ол эрээри буор сииктээх буолуохтаах.

Күндү сибэккини таптааччылар, күннээх Африка дойдутун пальматын дьиэҕитигэр олордон, бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар үөрүүтэ бэлэхтээҥ. Дьиэҕитигэр Африка муннугун тэриниҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....