18.05.2022 | 15:00

Оҕуруот аһын олордооччуларга саҥа субсидия көрүллүөҕэ

Оҕуруот аһын олордооччуларга саҥа субсидия көрүллүөҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Развитие овощеводства и картофелеводства» саҥа федеральнай бырайыак чэрчитинэн субсидия бэриллэр буолуоҕа. Манан дьоҕус уонна орто предпринимателлэр, маны сэргэ, “самозанятайдар” уонна кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон эмиэ туһаныахтарын сөп.

Ол курдук, судаарыстыба хортуоппуйу уонна да атын оҕуруот аһын олордуунан дьарыктанар оҥорон таһаарааччылары өйүүр миэрэлэри кэҥэтиэҕэ. Бу туһунан уураахха Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Субсидия агротехнологическай үлэни ыытарга, оҕуруот аһын  (элитнэй суортар эмиэ киирэллэр) эбии сырдатар технологиялары туһанан, аһаҕас сиргэ эбэтэр тэпилииссэҕэ уонна парникка олордорго бэриллэр. Кээмэйэ оҥорон таһаарааччы бородууксуйата төһө элбэх буоларыттан тутулуктаах.

Маны сэргэ, оҕуруот аһын харайар сирдэри (овощехранилище) тутар уонна тупсарар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара эмиэ субсидияҕа тиксиэхтэрин сөп. Бырайыактары Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир анал хамыыһыйа сүүмэрдиэҕэ.

Билигин хортуоппуйу уонна да атын оҕуруот аһын олордуутунан дьарыктанар оҥорон таһаарааччыларга өйөбүл Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырьетун уонна атыытын хонтуруоллуур судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллар.

 

«Развитие овощеводства и картофелеводства»  саҥа федеральнай бырайыак 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэлиэҕэ. Оттон оҕуруот аһын харайар сирдэри тутууга уонна тупсарыыга көрүллэр үрдэтиллибит субсидия 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн  олоххо киириэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....