10.12.2020 | 14:26

Оҕолор төрөппүтэ суох саҥа дьыллыыллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу туһунан куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова «Россия 24» ханаалга «Прямой эфир с городом» биэриигэ иһитиннэрдэ.

Наталья Романовна пандемия кэмигэр олохтоох дьаһалта социальнай эйгэҕэ үлэтин, киин куорат оскуолаларыгар үөрэх хайдах тэриллэрин туһунан кэпсээтэ. Баһылык солбуйааччыта оскуолаларга уонна оҕо уһуйааннарыгар саҥа дьыллааҕы утренник хайдах тэриллэрин быһаарда.Ол курдук, аактабай, музыкальнай уонна спорт саалаларыгар дезинфекция үлэтин учуоттаан, тэрээһиннэр балтараа чаас арыттаах буолуохтара. 

«Үөрэх тэрилтэлэригэр туспа бөлөхтөрүнэн саҥа дьыллааҕы утренниктар ыытыллар графиктара оҥоһулунна. Онно төрөппүттэр кыттыбаттар уонна саататар-аралдьытар аниматордар ыҥырыллыбаттар», – диэн иһитиннэрдэ Наталья Романовна. 

Киин куоракка үөрэх тэрилтэлэригэр коронавируһу утары үлэ күннэтэ ыытыллар. Роспотребнадзор ирдэбиллэрин толорор туһугар куорат бүддьүөтүттэн 41 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллүбүт.

«Үөрэх бары тэрилтэлэригэр, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин киллэрэн туран, дезинфекциялыыр сириэстибэлэр, хас биирдии кэбиниэккэ рециркулятордар ылыллыбыттара, туох баар киирэр-тахсар ааннарга анал термометрдар, илии ыраастанар дозатордар тураллар», – диэн баһылык солбуйааччыта кэпсээтэ уонна киин куорат бөдөҥ оскуолаларыгар тепловизордары уонна чааһынай уһуйааннарга рециркулятордары тиэрдибитин иһин үөрэх министиэристибэтигэр махтанна. 

Быһа эфир кэмигэр куорат олохтоохторо кэпсэтиигэ кыттыстылар. Ол курдук, кириип утары вакцинация туһунан ыйытыы киирдэ.

«Дьокуускай куоракка кириип утары вакцинация болдьоҕо уһатылынна. Тоҕо диэтэххэ, вакцина бастакы уочаратынан өрөспүүбүлүкэ ыраах улуустарыгар ыытыллыбыта. Киин куорат вакцинанан сэтинньи 15 күнүгэр толору хааччыллыбыта», – диэн хоруйдаата Наталья Романовна.

Баһылык солбуйааччыта Дьокуускай куоракка үөрэхтээһин саҥа эбийиэктэрэ киирбиттэрин туһунан кэпсээтэ.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ оҕо уһуйааннарыгар 1 131 миэстэ эбии көрүлүннэ, оскуолаларга – 1 108 миэстэ. 5 №-дээх оскуолаҕа уонна Саха политехническай лицейгэ эбии эбийиэктэр ылыллыбыттара. Сотору кэминэн 31 №-дээх оскуолаҕа салҕааһын уонна 203-с микрооройуоҥҥа 360 миэстэлээх саҥа оскуола үлэҕэ киириэҕэ», — диэтэ Наталья Романовна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...