Оҕо көмүскэлин күнүнэн!
Бэс ыйын 1 күнүгэр Дьокуускайга үгэскэ кубулуйбут кэрэ бырааһынньыгы – Оҕо көмүскэлин күнүн бэлиэтиибит. Быйыл, хомойуох иһин, бу күнү күргүөмүнэн көрсөр кыахпыт суох эрээри, дьиэ кэргэнинэн эҕэрдэлэһэрбитин ким да мэһэйдээбэт. Киин куоракка үүнэр көлүөнэҕэ сүҥкэн болҕомто ууруллар. Билигин Дьокуускай оскуолаларыгар 47 тыһыынча оҕо үөрэнэр. Кинилэр бары – үөрэнээччилэр уопсастыбаннай хамсааһыннарын чилиэннэрэ. “Юный горожанин” фестивальга “Параллель-62” коворкинг-киин үөрүүлээх аһыллыыта буолбута. Манна көхтөөх, инникигэ эрэллээх, дьулуурдаах оҕолор түмсэллэр. Кинилэртэн саҥа арыйыылары, чаҕылхай кыайыылары күүтэбит. Күндү оҕолор! Сайыҥҥы сынньалаҥҥытыгар элбэхтик ааҕыҥ, тыллары үөрэтиҥ, доҕордоһуҥ уонна хайаан да ыра санааҕытынан кынаттаныҥ. Баҕа санаата суох киһи олоххо тугу да ситиспэт. Оттон биһиги, улахан дьон, эһиэхэ киин куорат, бүтүн дойду, аан дойду дьоһун дьоно, киэн туттар олохтоохторо буоларгытыгар баҕарабыт. Оскуоланы бүтэрээри, олох саҥа түһүмэҕэр үктэнээри сылдьар оҕолору эҕэрдэлиибин. Кырдьык, эһиги улааттыгыт, ол эрээри оҕо саастан тахса илик дьоллооххут. Олох киэҥ аартыга, үрдүк эппиэтинэс, саҥа саҕахтар уонна муҥура биллибэт кыах – барыта иннигитигэр. Эксээмэннэргитигэр ситиһиилэри, бэйэҕит суолгутун-иискитин булунаргытыгар уонна идэҕитин сөпкө таларгытыгар баҕарабын! Ытыктабыллаах төрөппүттэр, оҕолорбут хайдах дьон буолан тахсаллара биһигиттэн эмиэ тутулуктаах. Бүгүн тугу гынарбыт барыта кэнчээри ыччаппыт туһугар оҥоһуллар. Куорат эдэркээн олохтоохторун иитэн-үөрэтэн, куораппыт, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут саргылаах сарсыҥҥытын, инники кэскилин түстүүбүт. Хас биирдии оҕо үөрэхтээх, чэгиэн доруобуйалаах, сөбүлүүр дьарыктаах буоларын, айар дьоҕурун туһанарын ситиһиэхтээхпит. Оттон бүгүн оҕоҕо саамай сүрүнэ – дьоллоох дьиэ кэргэнэ. Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын, тус бэйэм ааппыттан учууталлары, иитээччилэри, социальнай үлэһиттэри эҕэрдэлиибин, үүнэр көлүөнэни иитиигэ кыһамньыгыт иһин махтанабын. Сыралаах үлэҕитигэр тулууру, энчирээбэт эрчими уонна ситиһиилэри баҕарабын. Оҕолорго көрдөөх, күлүм-чаҕыл күннээх, умнуллубат сынньалаҥы! Кустук өҥүнүү дьэрэкээн түгэннэри, дьоллоох оҕо сааһы!
Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева