13.04.2022 | 18:00

Норуоттар ыккардыларынааҕы научнай-прикладной семинар ыытылынна

Норуоттар ыккардыларынааҕы научнай-прикладной семинар ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 13 күнүгэр Олохтоох дьаһалта, Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт уонна «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ кыттыһан, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах уонна Туймаада ыһыаҕын 25 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитинэн норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-прикладной семинары ыыттылар.

«Традиционный праздник Ыhыах – нематериальное культурное наследие степной Евразии: ресурсы и стратегии репрезентации» диэн научнай-прикладной семинар сирэй уонна дистанционнай (zoom) көрүҥүнэн буолан ааста. Дистанционнай көрүҥүнэн өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрэ уонна атын регионнартан кытыннылар. Биһиги учуонайдарбытын сэргэ семинарга эксперт быһыытынан Новосибирскайтан, Улан-Удэттан, Казаньтан, СНГ дойдуларыттан:  Казахстантан, Кыргызстантан, Узбекистантан уонна  Азербайджантан учуонайдар үлэлэстилэр. 

Семинар чэрчитинэн ат култууратыгар (конная культура), Сибиир уонна Киин Азия көһө сылдьар норуоттарын кымыстаах бырааһынньыктарыгар сыһыаннаах кыһалҕалары дьүүллэстилэр. Ураты болҕомто Истиэп култууратын ураты бырааһынньыгар – ыһыахха уурулунна, ыһыах хотугу өрөспүүбүлүкэ бэлиэ суолталаах хапытаалын быһыытынан сайдыытын тула кэпсэттилэр. Ыһыах элбэх ресурсалаах ис кыахтаах бырааһынньык буолан, норуоттар икки ардыларынааҕы статустаах. Бу күннэргэ диэри тиийэн кэлбит саха норуотун сүрүн бырааһынньыга түүр омук төрүттээҕин  учуонайдар быһаарбыттар. Ыһыахха олоҕуран түүр норуоттарын сааскы үгэстэрин ситиһиилээхтик сөргүтүөххэ сөп диэн этилиннэ.

Семинар түмүгүнэн кыттааччылар этиилэри уонна сүбэлэри киллэрдилэр:

•              Ыһыаҕы киһи аймах материальнайа суох нэһилиэстибэтин репрезентативнай испииһэгэр киллэрэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын таһымыгар хамыыһыйаны тэрийэргэ, ити бырайыак олоххо киириитигэр туһуламмыт тэрээһиннэр былааннарын оҥорорго;

•              Научнай чинчийиилэргэ уонна музей кэллиэксийэтигэр олоҕуран, саха норуотун сиэрин-туомун, ойуутун-мандарын уонна бэлиэлэрин систиэмэлииргэ үлэни саҕалыырга;

•              Ыһыаҕы киэҥник тарҕатар сыаллаах:

      - «Энциклопедия традиционной культуры народов Якутии» үлэтин саҕалыырга;

      - Е.Н. Романова «Якутский праздник ысыах: истоки и    представления»  монографиятын (Новосибирскай, 1994), А.И. Гоголев  «Истоки мифологии и традиционный календарь» (Якутск, 2002) үлэтин хос бэчээттииргэ уонна «Ысыах Туймаады» кинигэни таһаарарга;

     -  Ыһыах туһунан документальнай киинэни устарга;

     - Кыраныысса таһыттан уонна Арассыыйаттан эксперт-учуонайдар кыттыылаах «Судьба национального праздника Ысыах (прошлое, настоящеее и будущее)» норуоттар икки ардыларынааҕы научнай конференцияны тэрийэргэ. Итини сэргэ семинарга уо.д.а. туһааннаах, кэскиллээх этиилэр киирдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....