«Үүнэр көлүөнэ паарката» — креативнай индустрия сайдыытын тирэҕэ
Күн бүгүн Сахабыт сиригэр креативнай индустрия тэтимнээхтик сайдар. Бу хайысханы олохтоохтук баһылыырга өрөспүүбүлүкэ да, дойду да өттүттэн сөптөөх өйүүр үлэ киэҥ хоннохтоохтук ыытыллар. Сүрүннээн ыччат бу сонун хайысха идэлэрин баһылыырыгар болҕомто ууруллар. Ол курдук, кэлэр көлүөнэ дьон үүнэр-сайдар тоҕооһу ылар биир бигэ тирэхтэринэн АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллибит СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын биир дьоһун бырайыага "Үүнэр көлүөнэ паарката" буолла. Бүгүн биһиги паарка ыытар үлэтин-хамнаһын, үлэ түмүктэрин, кэлэр кэмҥэ былааннарын туһунан "Үүнэр көлүөнэ паарката" АНО дириэктэрэ Вадим Яковлевы кытта кэпсэтэбит.
– “Үүнэр көлүөнэ паарката” Сахабыт сиригэр креативнай индустрия эйгэтэ сайдарыгар туһуламмыт киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар. Вадим Гаврильевич, үлэ-хамнас туһунан кэпсии түс эрэ.
– Бары билэрбит курдук, “Үүнэр көлүөнэ паарката” тутуута бара турар. Тутуу саҕаламмыта икки сыл буолла. Сваялара түспүттэрэ, тутуу 11 %-на бүтэн турар. Уопсайынан, бу бырайыак саҕаламмыта ыраатта. Алта сыл анараа өттүгэр Саха сиригэр тутуллуохтаах пааркаҕа норуоттар икки ардылара таһымнаах улахан архитектурнай куонкурус ыытыллыбыта. Ол түмүгэр Москватааҕы “Атриум” диэн улахан тэрилтэ кыайбыта. Олус үчүгэй бырайыагы оҥорон, көмүскээн, кыайан, тутуу бырайыак докумуонун оҥорбуттара. Ол бырайыакка тупсаҕай көстүүлээх икки этээстээх улахан дьиэ уонна паарка зоната баар. Паарка зонатын туһунан кылгастык кэпсээтэххэ, бу Саха сиригэр уруккута оҥоһулла илик паарка. Манна 4000-тан тахса мас, талах арааһа баар буолуо. Ону таһынан скейт-паарка, велодорожка, көлүйэ, фонтан, оҕо балаһаакката, арт-эбийиэктэр, араас тэрээһини оҥоруоххха сөптөөх дьон күүлэйдиир, сынньанар сирэ бааллар. Оттон дьиэ туһунан сиһилии кэпсээтэххэ, бастакы этээһигэр – сүрүн этээскэ – фудкорд, экспо-зона, киинэ тыйаатырдаах универсальнай саала баар буолуохтара. Араас үөрэҕирии, өрөспүүбүлүкэтээҕи, норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэр ыытыллыахтарын сөп. Иккис этээскэ ханнык баҕарар оҕо, улахан киһи кэлэн билии ыларыгар туһуламмыт көҥүл бибилэтиэкэлээх буолуо. Ону таһынан сахалыы кафелаах. Уопсайынан, бу дьиэ киһи киирэн сынньанар эрэ сирэ буолбакка, үөрэтэр киин буолуохтаах. Манна чопчу креативнай, киһи айар дьоҕурун сайыннарар тэрээһиннэр ыыттыллыахтаахтар. Биһиги тэрилтэбитин оннук сыаллаах тэрийбиттэрэ. “Үүнэр көлүөнэ паарката” АНО диэн ааттанан, эрдэттэн үлэбитин саҕалаабыппыт, тутуу бүттэҕинэ тута бэлэмнээхтик киирэр курдук. Апрабоционнай тэрээһиннэри ыыта сылдьабыт.
– Бырайыактарга киирдэххэ, кэлин ханнык сонун бырайыактар олоххо киирдилэр.
– Уопсайынан, Саха сиригэр креативнай экономика сайдарыгар улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук киинэ, анимация, графическай дизайн, мода, сахалыы оҥоһуктар, архитектура хайысхатын сайыннарарга улахан үлэ бара турар. Биһиги маннык үлэ оҕолортон саҕаланыахтаах диэн санааттан кыра саастаах оскуола оҕолорун бу хайысхаларга угуйар, кинилэри умсугутар тэрээһиннэри ыытабыт. Бэйэбит сүрүн хайысхабыт диэн: анимация, киинэни устуу, графическай дизайн, медиа уонна архитектура. Тэрээһиннэрбит бэйэлэрэ эмиэ туһунан таһымнаахтар. Хас биирдии хайысхаҕа маастар-кылаастар, лиэксийэлэр уонна семинардар ыытыллаллар. Ону таһынан интенсивтэр буолаллар. Улахан күрэхтэһиилэри, бэстибээллэри тэрийэбит. Холобур, күһүн ахсын киинэни устууга Билим дьоҕус академиятын саҥа дьиэтигэр “Киномания” диэн тэрээһиммитигэр Саха сирин бүттүүнүттэн киинэ устарга ордук мотивациялаах, сатабыллаах 70 оҕону сүүмэрдээн ыҥырабыт. Оҕолор манна кэлэн Билим дьоҕус академиятыгар уон биир күн олорон үөрэнэллэр. Сценарийы хайдах суруйарга, артыыс хайдах оонньууругар, режиссердуурга, оператор, монтажер тугу гыныахтаахтарын эҥин үөрэтэбит. Ол кэннэ оҕолор, холобур, 7-лии киһилээх 10 хамаандаҕа арахсаллар. Бэйэлэрин иһигэр ким туох оруолун толоруохтааҕын быһаарсаллар: ким артыыс, ким режиссер, ким оператор уо.д.а. буоларын. Ол кэннэ бары бииргэ сценарий оҥорон киинэлэрин усталлар. Бүтэһик күҥҥэ “Киномания” бэстибээлэ диэн буолар. Манна улахан киинэ экспердэрин, киинэ эйгэтигэр биллиилээх дьону ыҥыраммыт оҕолор үлэлэрин сыаналыыбыт. Ордук үчүгэй үлэлээхтэргэ бириис туттарабыт. Үлэлэрин салгыы Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах атын бэстибээллэргэ ыытабыт. Бу курдук хабааннаах тэрээһиннэри анимацияҕа, архитектураҕа, медиаҕа тэрийэбит.
– Ахсынньы ыйга ыытыллыахтаах быйылгы «Медиахакатон» туһунан сырдатыаҥ дуо?
– Медиа хайысхаҕа ахсынньы саҕаланыыта “Медиахакатон” диэни ыытабыт. Манна номнуо 48 оҕону талан, сүүмэрдээн олоробут, оҕолор билэллэр, кэлиэхтээхтэр. Эмиэ хамаанданан арахсан бырайыак толкуйдуохтаахтар. Ол эбэтэр ханнык эмэ тэрилтэни булан, кэпсэтэн, тэрилтэ рекламатын оҥоруохтаахтар. Роликтара хайдах ис хоһоонноох буолуохтааҕын, сценарийын бэйэлэрэ толкуйдууллар. Эмиэ оруолларга арахсаллар. Биһиги үөрэтэр тэрээһиннэри ыытабыт. Бүтэһик күҥҥэ хамаандалар дьүүллүүр сүбэ иннигэр үлэлэрин көмүскүүллэр. Бу тэрээһиммит Курашов уул., 22-гэр баар “Креасфера” диэн үөрэтэр кииммитигэр ыытыллар.
– "Креасфера" үөрэтэр кииҥҥитигэр анимация устуудьуйатын арыйан эрэргит туһунан бэчээт эйгэтигэр сырдатан тураллар...
– “Креасфера” кииммит туһунан сырдаттахха, хас даҕаны зоналаах. Үөрэтэр, сынньанар кииннээх, офиснай зоналаах уонна биир сүрүн киэн туттуубут – анимация устуудьуйалаахпыт. Бу устуудьуйабыт үлэтин балаҕан ыйыттан саҕалаабыта. Манна эмиэ оҕолору талан, сүүмэрдээн ылбыппыт. Икки бөлөххө арахсаллар: анимацияҕа үлэни саҥа саҕалааччылар уонна баһылаабыт оҕолор. Саҥа саҕалааччыларга педагогтарбыт анимация бырагырааматын, персонаж хайдах хамсыырын о.д.а. үөрэтэллэр. Иккис бөлөххө баар анимацияны баһылаабыт оҕолор тута мультфильмнары (анимационнай киинэлэри) устан бараллар. Холобур, билигин икки анимационнай киинэ уһуллан бүттэ диэххэ сөп. Бу үлэлэр араас куонкурустарга ыытыллыахтаахтар. Бу хайысхаҕа үлэни, уопсайынан, кэҥэтиэхтээхпит. Өрөспүүбүлүкэбитигэр баар устуудьуйалары барыларын түмэн оҕо анимационнай устуудьуйата диэни тэрийиэхтээхпит.
– Креативнай индустрияны толору баһылыыр көлүөнэни үөрэтэн таһаарарга сөптөөх каадырдар наадалар. Каадыр тиийэр дуо, каадыры бэлэмнээһиҥҥэ туох үлэ барарый?
– Эппитим курдук креативнай экономикаҕа Саха сирэ улахан болҕомтону уурар. Маны сайыннарарга элбэх каадыр наада. Каадыр тиийбэтэ биллэр. Тоҕо диэтэххэ бу хайысхаҕа уһуйар үөрэх аҕыйах. Бу кэлин элбээтилэр. Холобур, “Айар уустар” диэн креативнай колледж аһыллыбыта, АГИКИ-га араас, холобур, киинэни устарга, салаалар эбиллибиттэрэ, “Синергия” диэн колледж, “Креативнай индустрия оскуолата” эмиэ оҕолору үөрэтэр тэрилтэ бааллар. Биһиги оҕолору маннык хабааннаах үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэ киирэллэригэр угуйар курдук үлэни ыытабыт.
– Бырайыактар көдьүүстэрин, үлэҕит үтүө түмүктэрин холобурга көрдөххө...
– Биһиги тэрээһиннэрбит кэннэ үгүс оҕо креативнай индустрия хайысхатынан салгыы сайдар санааланар. Холобур, быйыл 2-с нүөмэрдээх оскуоланы бүтэрбит Кирилл диэн уолбут киинэ уонна тэлэбиидэнньэ судаарыстыбаннай институтугар үөрэххэ киирбитэ. Кини биһиги тэрээһиннэрбитигэр барытыгар үрдүк таһымнаахтык кыттан, “Киномания”, “Кинотон” диэн куонкурустарга кыайбыта. Оҕолор түмсэннэр “Платформа” диэн сообщество тэриммиттэрэ. Онно бэйэлэрэ Семен Аржаков туһунан историческай киинэни устан, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттан кыайбыттара. Бэйэбит да олус сөхпүппүт, үөрбүппүт. Кирилл “режиссер буолуохпун баҕарабын” диэн ити хайысхаҕа барбыта. Итинник холобур элбэх. Оҕолорбут киинэ эйгэтигэр бараллар, оператор, аниматор идэлэригэр олус үчүгэйдик үөрэнэ сылдьаллар. Оскуола оҕолоругар олохторун ити хайысханы кытта ситимниир былааннаах элбэх.
“Парк будущих поколений” диэн сайтаахпыт, ВКонтакте эмиэ бөлөхтөөхпүт. Онно “Защита прав”, “Согласие на обработку данных” эҥин диэн элбэх күчүмэҕэйдэр баалларын туораан, оҕолорбут үлэлэрин кыралаан таһааран эрэбит. Маны таһынан “Парк будущих поколений” диэн телеграм-ханааллаахпыт. Манна киирэн көрүөххүтүн, сонуннарбытын ааҕыаххытын сөп. Араас куонкурустарбыт туһунан иһитиннэриилэри эмиэ таһаара турабыт.
– Пааркабыт тутуута хаһан түмүктэниэх курдугуй?
– Паарка тутуута 2028 с. бүтүөхтээх. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, тутуу 11%-на бэлэм. Билигин докумуон үлэтэ бара турар.
– Паарка үлэтин аны 5 сылынан хайдах көрөҕүн?
– Биэс сылынан, мин көрүүбэр, араас хайысхалар бааллар: спорт, наука... Спорт өттүгэр араас ДЮСШ-лар бааллар, күрэхтэһиилэр ыытыллаллар... Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир киин диэн биир улахан тэрилтэлээхпит. Манна спорка ситиһиилээх, дьоҕурдаах оҕолору барыларын билэн-көрөн олороллор уонна кинилэри спорт үрдүкү чыпчаалларыгар таһаараллар. Оттон наукаҕа Билим дьоҕус академията баар. Олимпиадалары, кэмпириэнсийэлэри тэрийэр, өрөспүүбүлүкэҕэ баар наукаҕа дьоҕурдаах оҕолору билэн, кинилэри салайан, угуйан, сирдээн наукаҕа сөптөөх каадырдары иитэн таһаарар. Оттон биһиги креативнай индустрия хайысхатыгар итинник оруоллаах, оҕолор креативнай үөрүйэҕи ылалларыгар үлэлэһэр тэрилтэ буолуохтаахпыт дии саныыбын. Тэрээһиннэрбитин хабар иэннэрин улаатыннаран, кэҥэтэн, улахан экосистиэмэ буолуохтаахпыт. Оҕолору эрэ бэлэмниир буолбакка, учууталларга, педагогтарга, преподавателлэргэ квалификацияны үрдэтэр кыаҕы биэрэр тэрилтэ буолуохтаахпыт.
– Вадим Гаврильевич, санааҕын үллэстэн сэһэргэспиккэр махтал! Кэлэр кэм ситиһиилэринэн туоллун
!
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан