09.04.2020 | 11:24

Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Муус устар 9-16 күннэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бараан

Ханнык баҕарар ыарахан үлэни ылыс. Араас кыһалҕаны кэбэҕэстик туоруоҥ. Кэлэктиип айдааннаах бырайыактарыгар киирсэ сатаама. Чэппиэргэ диэри ким да сүбэтин истимэ. Бу нэдиэлэҕэ төрөөбүт күннээх киһини инникитин карьераҕа уонна тус олоҕор улахан уларыйыылар күүтэллэр. Бириэмэҕин солуута суохха ыытыма, олоххор саҥа соруктары туруорун. Үлэҕин уонна олорор сиргин билигин уларытыма.

Оҕусчаан

Карьераҕар соһуччу уларыйыылар буолар кэмнэрэ. Дуогабар оҥорсуоххун сөп, ол эрэн бу кэпсэтии хойут олоххо киириэ. Айаҥҥа ситиһиилээх нэдиэлэ. Дьылҕа билсиһиилэрэ күүтэллэр. Бэнидиэнньиккэ үп-харчы эпэрээссийэтиттэн сэрэн, сэрэдэҕэ салайааччыгын кытта кыыһырсыма. Инникини көрөр, ону салайар инниттэн өйгүн, толкуйгун туһан.

Игирэлэр

Олус улахан үлэни оҥорууһуккун. Бэнидиэнньиккэ уонна оптуорунньукка дьиэҕин-уоккун хомун, ыраастааһынынан дьарыктан. Туох мэһэй буоларын туорат уонна саҥа сыалга айаннаа. Бытархай сүтүктэргэ кыһаныма, соччонон элбэх төннөн кэлиэ. Сэрэдэттэн бээтинсэҕэ диэри туһалааҕы эрэ оҥор, дьону кытта сыһыаҥҥар болҕомтоҕун уур. Өрөбүллэргэ саҥа интэриэстэр үөскүөхтэрэ, бытархай кыһалҕа да тирээн кэлиэн сөп. Саҥа тиэмэни салалтаҕын кытта дьүүллэһэргэ бэлэмнэн.

Араак

Бэнидиэнньиккэ ол-бу бытархай мэһэй дьыалаҥ хаамыытын атахтыан сөп. Ону-маны бэрээдэктии сылдьан туох эрэ интэриэһинэйи булан ылыаҥ. Бу нэдиэлэҕэ эн сүрдээх уйаҥҥын. Кистэлэҥҥин барытын арыйыма. Ис санааҕын иһит. Чэппиэргэ диэри былааннамматах дьыалалары оҥорума. Соһуччу кыһалҕа тирээтэҕинэ түргэнник туората охсорго кыһан. Өрөбүллэргэ чугас дьоҥҥун кытары олус үчүгэйдик сынньаныаҥ. Кылгас айан туох эрэ туһаны аҕалыа.

Хахай

Бэнидиэнньиккэ туох эрэ саҥанан дьарыктан, доҕотторгун кытта сонуҥҥун үллэһин. Харчыга бу күн ситиһиитэ суох. Оптуорунньукка үлэҕэ эбэтэр тугу эрэ атыылыырга этии киирдэҕинэ туһанан хаал, аккаастаныма. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ хомун, тугу эмит өрөмүөннээ. Туох эрэ саҥа идеялар көтөн түһүөхтэрэ, ону олоххо киллэрэргэ үлэлэһиэҥ, эбэтэр онон атын дьон интэриэһиргиэхтэрэ. Өрөбүллэргэ эйигин тырыта тыыта сатыахтара, ол эрэн дьиэҕэр эрэ чуумпутук, холкутук сынньаныаҥ.

Кыыс Куо

Туох эрэ саҥа кыах үөскүө. Бэнидиэнньиккэ эрэнэр эрэ дьыалаҕын оҥор, атыҥҥа ылса сатаама. Оптуорунньукка ситиһии кэллэҕинэ ону салгыырга кыһалын. Салайааччыҥ былаана уларыйдаҕына соһуйума. Үлэҕин көрдөрө сатаа, эн кыайыыгын атын дьон туһанарын көҥүллээмэ. Өрөбүллэргэ кэпсэтии, быһаарсыы күүтэр, маныаха дьиэ кэргэниҥ эн утары барымыахтарын наада.

Ыйааһыннар

Интэриэһинэй сонуннар дьиэҕиттэн ыраах күүтэллэр. Интэриниэккэ, эйигин кытта биир тиэмэни толкуйдуур дьоҥҥо. Туһалаах иһитиннэриини мүччү тутума. Үлэҕэр улахан уларыйыылар күүтэллэр. Онон туох да саҥаны боруобалыы сатаама. Урут хаалларбыт үлэҕэр төннөн кэлиэххин сөп. Өрөбүл күннэргэ кириитикэни истэ сатаа. Тулалыыр дьоҥҥун кытта тэҥ сыһыаны олохтоо.

Ооҕуй

Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар чугас дьоҥҥун соһутуоҥ, эбэтэр кинилэр эйигин соһутуохтара. Олоххунан дуоһуйар буоллаххына уларыйыыларга охтума. Эн уонна эн дьиэҥ элбэх дьону тардаллар. Маны бэйэҥ былааҥҥар туһан, ол эрэн ымсыырар дьону чугаһатыма. Бигэтик биир сиргэ тураҕын, ол да буоллар сөбүлээбэт дьыалаҕынан дьарыктанарга тиийиэҥ.

Охчут

Салайааччыҥ эн диэки үтүө хараҕынан көрөр. Саҥа дьыаланы эбэтэр дуоһунаһы аныыр буоллахтарына, быһаарыыгын тарда сатаама. Бу кэм уларыйыылары аҕалыа, онуоха кэтэмэҕэйдии сырыттаххына аныгыскы сонун балачча күүттэриэн сөп. Хантан да иэс ылыма, дьоһуннаах дьыаланы оҥороргор бэйэҥ эрэ үпкүн тутун. Өрөбүл күннэри айылҕаҕа, сибиэһэй салгыҥҥа чугас дьоҥҥун кытары атаарарыҥ ордук.

Чубуку

Саҥа, ураты дьыалаларга ситиһиилээх нэдиэлэ. Күрүлгэннэри кытта биир дьыалаҕа ылсыаххын син, ол эрэн үп-харчы боппуруоһун бэйэҕэр ыл. Атын дьон кыһалҕатыгар киирэҥҥин тус бэйэҕэр туох эрэ бэлиэни, ыйыыны-кэрдиини булуоҥ. Үлэҕин атын дуоһуйууну кытта тэҥҥэ тут. Тугу экономиялыыргын, өссө элбэх харчыны өлөрөргүн толкуйдаа. Ураты идеялар көтөн түһүөхтэрэ.

Күрүлгэн

Чэппиэргэ диэри үлэлии сылдьар буоллаххына сынньалаҥна ыл, туох да техниканы атыылаһыма, массыынаҕынан суолга мээнэ эккирэтиһимэ. Кыра кыһалҕалары туоратарга чаҕылхай, булугас өйгүн туһаныаҥ. Доҕотторуҥ туох эрэ интэриэһинэй этии киллэриэхтэрэ. Боруобалаан көр, ол эрээри харчыгын ыһыма.

Балыктар

Урут кыаллыбатах, мэһэйдээх сирдэргин хомуй, элбэх наадалаах маллары булан ылыаҥ. Ону кытта тэҥинэн саҥа идеялар киириэхтэрэ, хайдах туһанаргын тобулуоҥ. Тулалыыр дьонуҥ былааҥҥын ыһыахтарын сөп. Элбэх үлэни ылын, оччотугар ким да эйиэхэ орооһуо суоҕа. Харчыгын уһун кэмнээх бырагыраамаҕа угума. Доҕотторуҥ сүбэлэрин иһит. Билигин да буолбатар, кэлин туһалыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....