30.04.2020 | 11:30

Нэдиэлэтээҕи гороскоп. 30.04.2020 - 07.05.2020

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бараан

Нэдиэлэҥ элбэх сонунтан саҕаланыа. Барыта өйдөнүмтүө буолуо, партнердаргын кытта уопсай тылы булуоҥ. Оптуорунньукка дьиэҕэр улахан дьыаланы саҕалыаххын сөп. Ас-үөл саппааһын көр, бэрэбиэркэлээ, атыылас, хаһаан. Даача үлэтинэн, арассааданан дьарыктан. Бээтинсэҕэ дьахталларга ситиһиилээх күн. Эр дьон кыра аайыттан кыйытта сылдьыахтарын сөп. Өрөбүллэргэ бытархай ону-маны үлэлээ, дьиэ кэргэҥҥин кытта сынньан.

Оҕусчаан

Бу нэдиэлэҕэ туох да бөдөҥү атыылаһыма. Оттон дьиэ-уот, учаастак атыылаһар санааланнаххына оптуорунньукка ылыс. Сэрэдэҕэ уонна чэппиэргэ аа-дьуо сырыт, улахан тугу да саҕалаама. Бээтинсэҕэ уонна субуотаҕа дьиэҕэр туох эрэ тэрээһин оҥорорго, уопсай дьыала саҕалыырга, аймахтаргар көмөлөһөргө ситиһиилээх күннэр. Өрөбүллэри доҕотторгун кытта сибиэһэй салгыҥҥа атаар.

Игирэлэр

Игирэлэр олохторугар элбэх соһуччу быһыы-майгы тахсыа. Салайааччыгын кытта кэпсэтии ыытыаххын сөп. Дуогабардары тута оҥорсон ис. Чэппиэргэ сэрэхтээх буол. Иирсээҥҥэ киирэн биэримэ, дьиэҕиттэн хойут тахсыма. Бээтинсэ уонна субуота нэдиэлэҥ бастыҥ күннэрэ. Сөбүлэҥ, дуогабар оҥорсуоххун сөп, тугу эрэ сүрэҕиҥ сөбүлүүрүн атыылаһыаҥ.

Араак

Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар дьиэтээҕи дьыалаҕа, өрөмүөҥҥэ, чугас дьоҥҥор көмөлөһөргө бастыҥ кэмнэр. Хамсаабат хапытаал эбэтэр учаастак атыылаһыаххын сөп. Оптуорунньукка сүбэ-ама ыларга, медицинскэй чинчийиигэ сылдьарга ситиһиилээх күн. Үлэҕэр бэрэбиэркэ кэлиэн сөп. Субуотаҕа дьону кытта кэпсэт, көрүс, сынньалаҥҥын туһалаахтык атаар.

Хахай

Ааспыт нэдиэлэҕэ саҕалаабыккын ситэриэҥ-хоторуоҥ. Саҥа ноҕуруускаҕа, этиилэргэ кыайыам суоҕа диэтэххинэ сөбүлэһимэ. Бэнидиэнньиккэ уонна оптуорунньукка үтүө уларыйыылар күүтэллэр. Уоппускаҕа олорор буоллаххына, дьиэҥ иһин уларытыынан дьарыктан. Субуотаҕа, өрөбүлгэ урут сыыспыттаргын көннөр, дьиэҕэр олор, минньигэс астаах остуолла тэрий.

Кыыс Куо

Бэнидиэнньиктэн саҕалаан саҥа дьыалаларга киириэххин сөп. Үп-харчы эпэрээссийэтин оҥорууга оптуорунньук барсар. Сэрэдэҕэ уонна чэппиэргэ иллэҥ буолуоҥ суоҕа. Ноҕуруускаҕын аччат. Улахан дьыалалары ылсарга тиэтэйимэ. Кимиэхэ эрэ, туох эрэ иэстээх буолан тахсыаххын сөп. Нэдиэлэҥ сүрүн дьыалатын бээтинсэҕэ бэлэмнээ. Субуотаны болҕомтону эрэйэр тус сыһыаҥҥа анаа. Өрөбүлгэ ким эрэ эйигин албынныан сөп, онон сэрэнэ сырыт.

Ыйааһыннар

Саамай суолталааҕы бэнидиэнньиккэ уонна оптуорунньукка оҥор. Олус интэриэһиргээн оҥорбут үлэлэриҥ: интэриниэтинэн, оҕуруот ыһыыта, баайыы, иистэнии үчүгэй түмүктэри аҕалыахтара. Харчыгын харыстаа. Иэс ылыма да, биэримэ да. Бу нэдиэлэҕэ туох эрэ хаачыстыбата суохха эбэтэр албыҥҥа түбэһиэххин сөп. Өрөбүл күннэргэ арыгы иһимэ. Бэйэҥ тугу сөбүлүүргүнэн дьарыктан.

Ооҕуй

Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар дуогабардары оҥорус, кэпсэтиилэри ыытыс. Доруобуйаҕын тупсарарга ууну кытта сибээстээх эмтэниини туһан. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ уруулга сэрэхтээх буол. Өрөбүллэргэ диэри бэйэҕин харыстаммакка үлэлээ. Өрөбүллэргэ биир өйдөөх-санаалаах дьону кытта сырыт. Элбэх туһалаах иһитиннэрии ылыаҥ.

Охчут

Хас биирдии хардыыгын толкуйдаан оҥор. Уһун кэмҥэ үлэлэһэр дьоҥҥун сэрэнэн тал. Бу тус олоххор эмиэ сыһыаннаах. Бэрэбиэркэни ааспатах партнердаргын кытта сибээстэһимэ. Чэппиэргэ ханна эрэ чаҕылыҥнаа, өйгүнэн уонна сатабылгынан тулалыыр дьоҥҥун, социальнай да ситимҥэ буоллун, салыннар. Өрөбүллэргэ дьыалабыай кэпсэтиилэри ыыт. Ол быыһыгар сынньанаргын умнума.

Чубуку

Бэнидиэньиккэ уонна оптуорунньукка туох эрэ бөдөҥү атыылаһыаххын, салайааччыгар киирэн интэриэскин көмүскүөххүн сөп. Дьыалаҕар болҕомтолоох буол, ыыталыыр иһитиннэриилэргин үчүгэйдик бэрэбиэркэлээ. Тылынан эрэннэриилэргэ итэҕэйимэ. Араас соһуччу түгэннэргэ бэлэм сырыт. Саҥаны киллэрэргэ ыксаама. Өрөбүллэргэ төһө баҕарар дуогабар оҥорсуоххун сөп. Бу күннэргэ былааннаабытыҥ барыта олоххо киириэхтэрэ.

Күрүлгэн

Хас да дьыала тэҥинэн кэллэҕинэ да наһаа тиэтэйимэ, долгуйума. Барытын наардаа уонна көмөтө ыҥыр. Кумааҕы үлэтэ, бэрийиитэ күүтэр. Тапталга ситиһии, истиҥ билсиһиилэр тосхойуохтара. Чэппиэргэ ону-маны хомун, бу күн араас сонун, түгэн күүтэр. Муспут харчыгын харыстаа. Наадалааҕы эрэ атыылас, ол быыһыгар доруобуйаҕар харчыгын харыстаама.

Балыктар

Бэнидиэнньиктэн дьиэҥ-уотуҥ олоҕо, романтическай сыһыан тупсан барыа. Ханнык баҕарар боппуруоска биир тылы булуоххут. Эн куоласкын ахтыбыт, суохтаабыт дьоҥҥор төлөпүөннээ. Бэнидиэнньиккэ уонна оптуорунньукка туох эрэ бөдөҥү атыылаһыаххын сөп. Чэппиэргэ чуумпу сиргэ сырыт, олор. Өрөбүллэргэ айар дьоҕуруҥ сайдыа. Рекламанан дьарыктан, кэпсэтиилэри тэрий.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....