Нэдиэлэтээҕи гороскоп 26.03.2020-02.04.2020
Бараан
Бэнидиэнньиккэ бары иэстэргиттэн босхолон, дьыалаҕын салайааччыга эбэтэр архыыпка туттар, дьиэтээҕи үлэҕин барытын түмүктээ. Бу күн ыарахан боппуруоһу дьүүллэс, биир тылы бул. Оптуорунньуктан чэппиэргэ диэри саҥа дьыаланы саҕалаама. Эниэргийэҥ аччаабыт, онон олорон эрэ үлэлээ, туһалаах иһитиннэриилэри ыл, инники дьыалаҕын бэлэмнээ. Өрөбүллэргэ ону-маны атыылас.
Оҕусчаан
Туораттан кэтии-маныы сылдьар оруол эн күүскүн уонна бириэмэҕин харыстыа, атын дьон көмөтүн ыларгар төһүү буолуо. Оптуорунньуктан чэппиэргэ диэри баараҕай боппуруостары быһаарыма. Бээтинсэҕэ эбэтэр субуотаҕа диэри кэтэс. Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар түргэн түмүктэри ылар үлэнэн дьарыктан. Оптуорунньукка үп-харчы боппуруоһугар уларыйыылар күүтэллэр. Барыстаах кэпсэтии оҥоруоҥ, туох эрэ бөдөҥ малы атыылаһыаҥ. Субуота романтикаҕа уонна тапталга ситиһиилээх күн.
Игирэлэр
Ханнык баҕарар эйгэҕэ ситиһиилээх кэм. Бээтинсэҕэ диэри саҥа дьыалалары бэлэмнээ, нэдиэлэ устата партнердаргын уонна спонсордаргын кытта кэпсэтиитэ ыыт. Дьахталлар саҥа таҥас ылыныахтарын, тас көрүҥнэрин уларытыахтарын сөп. Субуотаҕа уонна өрөбүлгэ ону-маны атыылаһарга ситиһиилээх кэм. Ыарахан былааннары оҥостума – сүүрүк хоту уста сырыт.
Араак
Дьыалабыай сибээстэр, карьера боппуруоһа быһаарыллыыта күүтэр. Партнердаргын кытта сыһыан сымныа, ол эрэн салалтаҕын кытта оптуорунньуктан чэппиэргэ диэри көрсө сатаама. Бээтинсэҕэ араас кыһалҕаны быһааран өрө тыыныаҥ. Өрөбүллэргэ чугас дьоҥҥун кытта сынньан, туохта эмит атыылас, хаһаайыстыбаҕынан дьарыктан.
Хахай
Ыраах айан, дьиэҕиттэн тэйиччи интэриэһинэй дьыала күүтэр. Омук дьонун кытта билсэргэ бэртээхэй кэм, кинилэр туһалаах
уонна дьиҥнээх иһитиннэриинэн хааччыйыахтара. Оптуорунньукка, чэппиэргэ үрдүк сололоохторго киирэн биэримэ, төбө ыарыыта ылыаххын баҕарбат буоллаххына. Өрөбүллэргэ үлэни кытта сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлээ. Туһааннаах докумуоннарга илии баттыаххын, харчы уурунуоххун сөп. Тус олоххор үтүө сабыытыйалар тосхойуохтара.
Кыыс Куо
Бэнидиэнньиккэ кимниин эрэ дуогабар оҥорсон, кыһалҕалары туоратарга күүскүн уур. Көмө наада буоллаҕына, бу күнү туһан. Оптуорунньуктан чэппиэргэ диэри нолуоккун, төлөбүрдэргин, иэстэргин быһаар. Бу күннэргэ нэһилиэстибэ туһунан боппуруоһу ончу көтөҕүмэ. Ханна эрэ ыраах айанныы барыаххын сөп. Туох эрэ саҥанан дьарыктанарга тоҕоостоох кэм.
Ыйааһыннар
Эн олоххор улахан сабыытыйалар буолуохтарын сөп. Бииргэ үлэлиир киһиҥ уопсай интэриэс туһугар элбэҕи оҥорор кыахтаах. Харчы кыһалҕата олус үчүгэйдик быһаарыллыа. Кириитикэҕэ, бэрэбиэркэҕэ түбэһиэххин сөп. Бэйэҥ өҥөҕүн кэпсии сылдьыма. Сөптөөх түгэни кэтэс. Нэдиэлэ бүтэһигэ үтүө сонуннарынан үөрдүө.
Ооҕуй
Ыарахан боппуруоһу дьүүллэһэргэ, туох эрэ тоҕоостоох түгэни быһаарарга бэнидиэнньиги тал. Оптуорунньуктан актыыбынай буоларыҥ ирдэнэр. Элбэҕи ситиһиэххин сөп. Бэйэҥ быраапкын көмүскүүр инниттэн дьону да утарар кыахтааххын. Ол эрэн чугас дьоҥҥун кытта муударай уонна тулуурдаах буол. Өрөбүллэргэ күлүккэ олорон хаалыма, тугу гынаргын ис туругуҥ этиэ. Бу күннэр бизнеһи сайыннарарга, дьыалабыай көрсүһүүлэри олохтуурга барсаллар.
Охчут
Тапталга уонна айар бырайыактарга олус үтүө кэмнэр. Бизнеһи кэҥэтии, атыылааһын, атыылаһыы, саҥа бырайыактар күүтэллэр. Эппиэтинэстээх дьыалаҕа уонна тэрээһиҥҥэ нэдиэлэ ортотун тал. Бэнидиэнньиккэ дьиэ кэргэҥҥэр туох эрэ туһалааҕы оҥор. Үпкэ-
харчыга сэрэхтээх буол, ыһа-тоҕо сылдьыма. Өрөбүллэргэ нэдиэлэ устата оҥорбуккунааҕар элбэҕи ситиһиэҥ. Ол да буоллар сынньанаргын умнума.
Чубуку
Бэнидиэнньиккэ урут кыаллыбатаҕы оҥоруоххун сөп. Аһаҕас кэпсэтии эн тускар эргиллиэ, онуоха анараа киһигэр болҕомтоҕун ууруоххун наада. Эт-хаан үлэтинэн дьарыктан, бэрээдэги олохтоо, кыра кыһалҕалары быһаар. Ханна эрэ командировкаҕа айаннаа, дьону кытта билис, кэпсэтис, олорон хаалаары гыммыккын. Бээтинсэттэн өрөбүлгэ диэри олоххор саҥа тиэмэни саҕалыыргар тоҕоостоох кэм.
Күрүлгэн
Үп-харчы боппуруоһун быһаарарга, тугу эмэ атыылаһарга бэнидиэнньиги эбэтэр өрөбүл күнү тал. Кыра алҕастар улахан кыһалҕаҕа тиэрдиэхтэрин сөп. Бу күннэри туһалаах иһитиннэриини көрдүүргэ, сүбэ-ама ыларга, сууйууга-сотууга анаа. Бээтинсэҕэ киирбит этиигэ тута сөбүлэс. Үлэҕин уларытыаххын, эйигиттэн күүтэр эппиэттэрин биэриэххин, тэрилтэлэргэ кумааҕылары ыытыаххын сөп. Өрөбүллэргэ дьиэҕинэн, даачанан дьарыктан, дьиэ кэргэҥҥин кытары бириэмэҕин атаар.
Балыктар
Уларыйыыны күүтэр дьоҥҥо бу нэдиэлэ улахан кыахтары арыйыа. Үлэҕин, олорор дьиэҕин, дойдугун уларытыаххын эбэтэр маныаха бастакы хардыылары оҥоруоххун сөп. Билэр киһигин тылгар бэрт дөбөҥнүк киллэриэҥ, кини сөбүлэҥин кэбэҕэстик ылыаҥ. Дуогабардар ситиһиилээхтик оҥоһуллуохтара. Бээтинсэҕэ диэри туох да улахан быһаарыныы ылыныма. Нэдиэлэ бүтэһигэ тапталга улахан ситиһиини мэктиэлиир. Чуолаан, бу тиэмэҕэ улахан уларыйыылары кэтэһэр дьоҥҥо.