19.03.2020 | 11:13

Нэдиэлэтээҕи гороскоп

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бараан

Бу нэдиэлэ кулун тутар, ону ааһан бу сылгыт биир саамай эппиэтинэстээх нэдиэлэтэ буолуон сөп. Быһыы-майгы саҥа дьыалаларга, дьарыктарга сирдиэ, эдэрдэргэ – идэ талыытын, олоххутугар суолу, саҥа билсиһиилэри түстүө. Наадалаах сүбэни биэрэр киһини көрсүөххүтүн сөп. Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ тургутук ааһыаххытын, этии ылыныаххытын, контракт оҥорсуоххутун сөп. Дьылҕа уларыйыылара барыта кэмигэр ааһыахтара. Өрөбүл күннэргэ ыалдьыттары көрсүҥ, туох эрэ улаханы атыылаһыҥ. Айаҥҥа уонна уоппускаҕа ситиһиилээх нэдиэлэ.

Оҕусчаан

Улахан дьыаланы, тэрээһини оҥорорго үтүө нэдиэлэ. Ыраахтан сонунна күүт. Ыалдьыттар кэлиэхтэрин эбэтэр ханна эрэ ыҥырыахтарын сөп. Сэрэдэҕэ уонна чэппиэргэ хамсаныылаах үлэ көмөлөһүө. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ саҥа идея тардан ылыа. Өрөбүллэргэ бары дьарыктарыҥ үөрүүнү аҕалыахтара.

Игирэлэр

Бэнидиэнньик киэһэ саҥа интэриэс, ис сүрэхтэн кэпсэтии күүтэр. Элбэх үлэ, араас таһымнаах билсиһиилэр тосхойуохтара. Дьон уопутун үөрэт, саҥа ньымалары боруобалаа. Өрөбүллэргэ сүтэрбит малгын булуоҥ эбэтэр интэриэһиргиир ыйытыыгар эппиэт кэлиэ.

Араак

Сулустар улахан ситиһиини мэктиэлииллэр. Бэнидиэнньиккэ сонуннарга болҕомтоҕун уур, салгыы тугу гынарыҥ биллиэ. Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ дьиэ кэргэн бизнес-бырайыагын, атын да тэрээһиннэри былааннаа. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ ураты идеяларга болҕомтоҕун уур. Барыстаах бииргэ үлэлэһии тосхойуо. Өрөбүллэргэ туох эрэ сыаналааҕы атыылаһыаххын сөп.

Хахай

Урут долгуйа сылдьыбыт боппуруостарыҥ иккис былааҥҥа көһүөхтэрэ. Дьылҕаҥ саҥа уонна соһуччу быһыыны-майгыны бэлэмниир. Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ карьераҕар уларыйыылар, саҥа үлэҕэ көһүү буолуон сөп. Харчыгын улахан бырайыакка угуоҥ. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ дьиэ кэргэниҥ эн болҕомтоҕор наадыйар. Өрөбүл күннэр холкутук, бэһиэлэйдик ааһыахтара.

Кыыс Куо

Бу нэдиэлэни суолталаах дьыалаларга анаа. Тугу да уларытар кыаҕыҥ суох буоллаҕына этиһиигэ уонна солуута суох сонуннарга бириэмэҕин бараама. Бэнидиэнньик киэһэни кэпсэтиигэ, медицинскэй диагностикаҕа анаа. Сэрэдэҕэ элбэх күүһү, үбү-харчыны эрэйэр саҥа дьыаланы саҕалыаххын сөп. Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт. Өрөбүл күн тус сыһыаҥҥа үтүө кэм. Дьоһуннаах кэпсэтиини былааннаабыт буоллаххына – кэлин диэн уурума.

Ыйааһыннар

Саҥа бырайыактар толкуйу, ааҕыыны-суоттааһыны эрэйэллэр. Баҕа санааҕыттан туораама, ол эрэн эбии иһитиннэриини кэтэс. Аймахтаргын кытта көрсүһэн дьиэ кэргэҥҥитигэр улахан быһаарыныы ылыныаххыт. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ соһуччу көмө кэлиэ. Өрөбүллэргэ урукку баҕа санааҥ туолуо, онуоха бэйэҥ көмөлөһүөххүн наада.

Ооҕуй

Суолталаах уларыйыы кэлээри турар, онуоха тус бэйэҥ инникигэр наадалааҕы сомсон ылыаххын наада. Сэрэдэҕэ карьераҕар, тус олоххор дьоһуннаах хардыы оҥоруоххун сөп. Барытын эрдэттэн былааннаа, доҕотторгун кытта дьүүллэс. Субуотаҕа кимниин дьыаланы саҕалыыргар ис санааҕын иһит. Баҕа санааҥ олоххо киирэрин инниттэн хамсаныылары оҥорон ис.

Охчут

Аймахтаргын, тулалыыр дьоҥҥун кытта сыһыан саҥа ис хоһооннонуо. Бэнидиэнньик киэһэ кимниин эрэ истиҥ көрсүһүү күүтэр, эбэтэр ким эрэ ыраахтан сибээскэ тахсыа. Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ үп-харчы боппуруоһа бастакы миэстэҕэ туруо. Туох эрэ улаханы атыылаһыаххын сөп – дьиэ, сир учаастага, инникитин сыаната ыарыа диэбит мал. Маны таһынан куурустары, үөрэҕи төлүөххүн сөп. Өрөбүлгэ бизнескэ саҥа тиэмэ күөрэйиэ. Бэйэҥ интэриэскин туруорсар сөптөөх дьону булаттаа.

Чубуку

Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ саҥа уларыйыылары күүт. Үлэҕэр инникилээх хардыылары оҥор, тэтимҥин кэҥэт. Буола турар сабыытыйаны бэйэҥ хамсатыаххын наада. Маныаха доруобуйаҥ атахтыан сөп, настарыанньаҥ да уларыйа сылдьыа. Онон өрөбүл күннэргэ толору сынньан, дуоһуйа утуй.

Күрүлгэн

Төһө баҕарар дьыаланы тэҥинэн хамсатыаххын сөп. Сонуннары кэтэһэ сырыт. Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ саҥа идеялар көтөн түһүөхтэрэ. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ спордунан дьарыктанарга, бытовой малы-салы туттарга сэрэхтээх буол. Ханна эрэ барыстаах дьыала баар буоллаҕына, атыттар толкуйдуу иликтэринэ ылса оҕус. Өрөбүлгэ дьиэҥ-уотуҥ иһин уларытар санааланнаххына тута ылсарыҥ ордук.

Балыктар

Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ соҕотохсуйуоххун баҕарыаҥ. Үлэҕэр ситиһиилээх кэмнэр. Суолталаах кэпсэтиини сэрэдэ сарсыарда былааннаа. Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ атын дьон иннигэр эрэннэрбиккин толор. Өрөбүлгэ спортка, айар үлэҕэ, романтикаҕа үтүө күн. Соһуччу ыалдьыттар кэлиэхтэрин эбэтэр дьиэҕэр кими эрэ көрсүөххүн сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...