Нэдиэлэ устата хааччахтааһын миэрэлэрэ сымныахтарын сөп
Саха сиригэр эпидемиологическай быһыы-майгы тупсан нэдиэлэ бүтүөр диэри хааччахтааһын сорох миэрэлэрэ уһуллуохтарын сөп. Бу туһунан регионнааҕы суһал штаб иһитиннэрдэ.
«Быйыл төһө да пандемия баар буоллар, сылы арыый да эрэллээхтик түмүктээн эрэбит. Бүгүн статистиканы көрдүм: былырыын бу күн 202 ыарыһах баар эбит, оттон бүгүн муус устар ыйтан ыла аан бастаан икки бэлиэлээх сыыппара буолла – 77. Ити үчүгэй хамсааһын, миигин Дьокуускай куорат үөртэ, манна ааспыт нэдиэлэттэн 30% көҕүрээтэ», – диэбит суруналыыстары кытта пресс-конференцияҕа Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.
Кини нэдиэлэ бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ хааччахтааһын сорох миэрэлэрэ уһуллуохтарын сөбүн эппит.
«Кэллиэгэлэрбин уонна Роспотребнадзор салалтатын кытта сүбэлэһиэм. Баҕар, өрөспүүбүлүкэҕэ сэтинньи ыйын кытта тэҥнээтэххэ эпидемиологическай быһыы-майгы тупсубутунан сибээстээн, нэдиэлэ устата хааччахтааһын сорох миэрэлэрин устуохпут», – диэн түмүктээбит Айсен Николаев.
Ахсынньы ый саҥатыгар коронавирус дьаҥынан ыалдьыы саҥа түбэлтэлэрэ 250-ҥа тиийбит эбит буоллахтарына, кэнники күннэргэ лаппа намтаабыта көстөр. Ол курдук, ахсынньы 16 күнүгэр – 188 (сыл анараа өттүгэр 242 түбэлтэ), ахсынньы 17 күнүгэр – 183, ахсынньы 18 күнүгэр – 178, ахсынньы 19 күнүгэр – 118, ахсынньы 20 күнүгэр – 77.