13.05.2022 | 12:06

"Музейга түүн" искусствоны сэҥээрээччилэри түмүөҕэ

Ыам ыйын 21 күнүгэр Национальнай художественнай музейга “Музейга түүн” тэрээһин ыытыллыаҕа. Тиэмэтэ Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ананыаҕа. 
"Музейга түүн" искусствоны сэҥээрээччилэри түмүөҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу киэһэ интэриэһинэй экскурсиялар, култуура уонна искусство деятеллэрин кытта көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар ыытыллыахтара. Тэрээһини артыыстар уонна музыкальнай кэлэктииптэр киэргэтиэхтэрэ. Ону сэргэ, киирии билиэтинэн өйдөбүнньүк бэлэхтэр оонньонуохтара.
 “Генерация Республики”  быыстапка сүрэхтэниитигэр ыалдьыттар Саха сирин ааттаах-суоллаах живописецтарын, графиктарын уонна скульптордарын айар үлэлэрин кытта билсиэхтэрэ. Маны таһынан, саха бастакы худуоһунньуга Иван Попов туһунан «Не хороните меня без Ивана» киинэ трейлерин көрдөрүү,  худуоһунньук Михаил Старостины уонна скульптор Николай Чоччасовы кытта көрсүһүүлэр буолуохтара. 
Айар куттаах дьоҥҥо “Арт-холл” мастарыскыай туспа бырагырааманы бэлэмнээбит. Ол курдук, линогравюра тиэхиньикэтигэр холонуон баҕалаахтар маастар-кылааска кыттан, Саха сирин гиэрбэтин ойуулаан көрүөхтэрэ. Акрил кыраасканан үлэ уратытын билиэн баҕалаахтар натюрморт суруйан холонуохтара. Оттон  кырачаан ыалдьыттар аппликациянан дьарыктаныахтара. 
Маны сэргэ, “Музейга түүн” кыттааччыларын араас аахсыйалар, кэрэхсэбиллээх быыстапкалар, арт-практикумнар уо.д.а. сэргэх бырагыраама күүтэр.  
Тэрээһин ыам ыйын 21 күнүгэр киэһэ 19.00 чаастан түүн 23.00 чааска диэри буолуоҕа. Музей аадырыһа: Дьокуускай куорат, Киров уул., 9.
Киирии билиэт сыаната: улахан дьоҥҥо – 500 солк., биэнсийэлээхтэргэ, устудьуоннарга, элбэх оҕолоохторго, инбэлииттэргэ – 300 солк. (туоһулуур докумуоннаргытын умнумаҥ). 18 саастарыгар диэри ыалдьыттарга – 250 солк. 7-гэр диэри саастаах оҕолор улахан дьону кытта босхо киирэллэр. Болҕойуҥ, сорох маастар-кылаастар туспа төлөбүрдээхтэр. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...