Музейга – «Ситим» оҕо айымньытын дьиэтэ
Быйылгы үбүлүөйдээх Хатас музейа тохсунньу ыйтан тохтоло суох үлэлии турар. Ол курдук, бастаан Хатас орто оскуолата саҕалаабыта, онтон Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын быыстапката турбута. Муус устар ыйыттан манна – «Ситим» оҕо айымньытын дьиэтэ.
«Ситим» – баай устуоруйалаах, үгүс элбэх ситиһиилээх, дьон-сэргэ махталын-тапталын ылыан ылбыт дьоһун тэрилтэ. Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытынан олохтоох дьаһалта баһылыга Евгений Петрович Пермяков эҕэрдэлээтэ.
«Ситим” күн бүгүн биэс хайысханан үлэлии турар. Уопсайа 763 оҕо сылдьар. Ол курдук манна авиа-, автомоделирование, экология, спорт уонна физическэй кулутура, туризм, профориентационнай, валяниеҕа, кыбытык тигии, кылтан, сиэлтэн, фоамирантан оҥоһуктарга, маһынан уһаныыга дьарыктыыр куруһуоктар үлэлииллэр.
Быйылгы сылга үктэнэн баран биир дьоһун кыайыылара – 12-с төгүлүн ыытыллар ''Якутия мастеровая'' диэн регионнар икки ардыларынааҕы норуот уус-уран айымньытын быыстапкатыгар ситиһиилээхтик кытыннылар. Оттон үлэлэрин тус хайысхатынан Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тиийэ ситиһиилэрдээхтэр.