03.01.2021 | 11:08

Үүммүт сылга ыйдарынан гороскоп

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бараан

Хас да сыл илиигин араарбакка үлэлээбит түмүккүн 2021 сылга  бэйэҥ да, тулалыыр дьонуҥ да бэлиэтии көрүөхтэрэ. Барыта мээнэҕэ буолбатаҕа биллиэ, онон кыратык тыын ыла түһүөххүн, сынньаныаххын сөп буолбут. Оҕус сылыгар баҕарбыт чаҕылхай түмүккүн ылыаҕыҥ, бу үпкэ-харчыга, барыстаах салааҕа биллэн тахсыа.

Эр дьон болҕомтотун туһугар хас да кэрэ аҥаар охсуһуо, 2021 сылга Бараан бэлиэлээх эр дьон дьылҕаларын көрсүөхтэрэ. Маныаха дьахтары кытта дьоһуннаахтык сыһыаннаһыаххытын наада.

Дьахталлары эмиэ интэриэһинэй сыл күүтэр. Саҥа билсиһиилэр суолталаах буолуохтара, ол эрээри онно төбөҕүт оройунан түһүмэҥ, барытын сыаналаан көрүҥ диэн сулустар сүбэлииллэр.

Оҕусчаан

Бу эрэ сылга Оҕус Оҕусчааҥҥа күүс-уох биэриэ, киниэхэ бу урукку сылларга тиийбэт этэ, онон 2021 сылга урут кистэнэ сылдьыбыт талааҥҥыт, кыахтаргыт арыллыахтара. Бу барыта эһиэхэ үтүө өттүнэн эргийэн, урут кыайбатаххытын дьэ кыайыаххыт, тобулуоххут.

Оҕусчаан бэлиэлээх дьахталлар да, эр дьон да бизнескэ, атын да дьыалаҕа ситиһиилэниэхтэрэ. Кылаабынайа ылсыахтарын, саҕалыахтарын эрэ наада. Карьераҕа улахан ситиһии күүтэр. Үүнэр сыл эрэнэр дьоҥҥутун кытары бииргэ үлэлэстэххитинэ, ол быыһыгар санааҕыт сыппат дьонуттан тэйдэххитинэ үтүө түмүктэри көрдөрүө. Бу тус олоххутугар эмиэ сыһыаннаах.

Кэрэ аҥаардар үлэлэригэр эрэ буолбакка, дьиэ кэргэннэригэр эмиэ табыллыахтара. Оҕус сыла – истиҥ сыһыаннаах дьоҥҥо оҕо төрүүрүгэр олус табыгастаах сыл – кыра киһи кэлиитэ дьиэ кэргэн укулаатын өссө бөҕөргөтүө. Бу сылга ыал буолуу эмиэ бастыҥ быһаарыныыттан атыны аҕалыа суоҕа.

Игирэлэр

Кэлэр сылга бары суолталаах быһаарыыларга болҕомтоҕун ууруоххун наада. Оҕус бары саҥа дьыалаларгар көмөлөһүө, ол гынан баран киниэхэ эрэ эрэнэр сыыһа – сыалгын ситиһэр, үтүө түмүктэри ылар инниттэн бары күүскүн-кыаххын уурарыҥ сөптөөх.

Эр дьоҥҥо, уруккуга холоотоххо, үгүс эппиэтинэс сүктэриллэр, кинилэр урут толкуйдаан көрбөтөх да быһаарыыларын ылыныахтара. Бу барыта бэйэтин үтүө өрүттэрин көрдөрүө. Дьиэ кэргэҥҥэ үүт-тураан олох – кириисис кэлиэ суоҕа, чугас дьоҥҥут үөрдэ уонна өйүү туруохтара.

Кэрэ аҥаардар элбэх кыһалҕаны туоратарга, ол быыһыгар таптал хонуутугар эмиэ, бэлэм сылдьыахтарын наада.

Араак

2021 сыл элбэх уларыйыылары түстүүр. Үгүһү, элбэҕи атын хараххытынан көрүөххүт – бизнеһи тэрийиигэ, сыһыаҥҥа, доҕордоһууга. Саҥа билсиһиилэр күүтэллэр, урукку сибээстэргитин бөҕөргөтүөххүт, биир суолга турбат дьоҥҥутун кытта арахсыаххыт.

Эр дьон эппиэтинэстээх буолуохтара, кинилэр быһаарыылара ыйааһыннаныа. Бу тус олоххутун эмиэ таарыйыа, эрэнэр эрэ киһигитигэр этии киллэриҥ.

Дьахталлар, тыл-тылга кииримиэххитин сөп, онтон тахсаргытыгар холку майгыгыт, тулуурдаах буолуугут көмөлөһүө. Сорох иирсээннэри атын хараххытынан көрөҥҥүт соһуччу быһаарыылары ылыаххыт.

Дьиэ кэргэннээхтэр олохторо холкутук ааһыа, улахан уларыйыылар күүтүллүбэттэр.

Хахай

Хахайдар син биир бэйэлэрэ эрэ быһаарыныы ылыахтара, төһө да сорох ардыгар чэпчэки буолбатаҕын иһин. Бу эппиэтинэс кинилэргэ туһаны аҕалыа: бизнестэрэ өрө тахсыа, карьералара сайдан иһиэ, дьыалалара барыһы аҕалыа.

Төһө да сорох суолталаах дьыаланы искэр киллэрбэтэргин, быһаарыы ыларгын уһун болдьоххо хаһааныма. Бу доруобуйаҕар охсуон сөп, онон кыра аайы ньиэрбэҕин барыы сылдьыма.

Эр дьону үлэҕэ эрэ буолбакка, дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ ситиһии күүтэр. Сыһыан сайдан иһиэ, маныаха эр киһи чугас дьонугар уонна дьиэтигэр бириэмэтин кыралаан да буоллар аныан наада.

Дьахталларга наһаа судургу буолуо суоҕа – кинилэр дьиэ иһигэр да, үлэлэригэр да үгүс түбүгү көрсүөхтэрэ. Ол да буоллар сөптөөх болҕомто уонна өһөс майгы көмөлөһөн барыта табыллыа.

Кыыс Куо

Үлэҕэр олох сэттэ көлөһүнүҥ тахсыар диэри күҥҥүн-түүҥҥүн аахсыбакка үлэлиэҥ. Кыһамньыҥ сыаналаныа – карьераҕа дабайыаҥ, бириэмийэ кэлиэ, кэллиэгэлэриҥ ытыктабылларын ылыаҥ. Саамай суолталааҕа – тылгын ылыннар, баран иһэр суолгуттан туораама, былааннаан инниҥ диэки дьулуһан ис. Ханнык да ыарахан түгэҥҥэ үүт-хайаҕас көстүө.

Эр дьон үлэҕэ наһаа охтоннор чугас дьонноругар болҕомтолоро аҕыйыа, онтон сылтаан кыһалҕа күөдьүйэн тахсыан сөп. Онон аймахтаргын, доҕотторгун кытта буола турар быһыы-майгы боппуруоһун дьүүллэһэриҥ ордук.

Дьахталлар эр дьон тула эргичиҥниэхтэрэ, ол эрээри сөптөөх хандьыдааты булар уустук буолуо. Ханныгын да иһин билсиһиигэ сэрэхтээх буолуҥ уонна кылгас сыһыаны олохтуу сатаамаҥ.

Ыйааһыннар

Оҕус сыла эһигиттэн улахан тутулуктааҕын өйдүөх тустааххыт. Сөптөөхтүк ылыллыбыт быһаарыы наҕараадаланыа, оттон алҕаһы хас да нэдиэлэ, ый да устата көннөрүөххүт. Кэлэр сылга үрдүк очуостары дабайыаххыт: эппиэтинэстээх дуоһунаска эбэтэр улахан хамнаска тииһиниэххит. Ситиһии тулалыыр дьонтон буолбакка, бэйэҕиттэн эрэ тутулуктааҕын умнума.

Эр дьон 2021 сылга элбэхтик үлэлиэхтэрэ, ол түмүгүн үгүс дьон көрүөхтэрэ – кэллиэгэлэриҥ, доҕотторуҥ, оннооҕор конкуреннар даҕаны сыаналыахтара. Ситиһии бизнес эйгэтигэр эрэ буолбакка, тус олоххор эмиэ кэлиэ. Оҕус сылыгар ыал буолар, тус олоххун оҥостор түгэни мүччү тутума.

Дьахталлар карьераҕа ситиһиилэниэхтэрэ, тус олохторугар болҕомто ортотугар сылдьыахтара. Кинилэр сүрүн оруолу талан, онно саамай бастыҥ уонна сөптөөх суолу талыахтара.

Ооҕуй

Олоххутугар ханнык баҕарар эйгэҕэ, салааҕа тугу эрэ уларытар санаалаах буоллаххытына сыыһыаххыт суоҕа. Ситиһии эһиги диэки хайыһыа, ханнык баҕарар хорсун санаалар сөптөөх буолуохтара. Маны барытын бириэмэ, кэм көрдөрөн иһиэ, оттон чугас дьоҥҥут, кэллиэгэлэргит бастаан утаа уларыйыылары өйөөбөтөхтөрүн кэлин билиниэхтэрэ.

Сулумах эр дьон, аналгытын көрсөр инниттэн син тиритиэххит-хорутуоххут. Онуоха хас да кэрэ аҥаары кытта билсэн, тэйсэн ылыаххыт.

Дьахталлар, төһө да дьыалаҕа улаханнык ситиһиилэммэтэллэр, дьиэ кэргэннэрин олоҕо үүт-тураан буолуоҕа. Бу сылга чугас дьоҥҥутугар элбэх болҕомтону ууруоххут, маныаха кинилэр махталлара үтүөнэн эргийиэ.

Охчут

Охчуттар, ситиһиигит кэллиэгэлэргитин уонна партнердаргытын кытта сыһыаны хайдах олохтуургутуттан тутулуктаах. Дьыалаҕытын сөптөөхтүк ыыттаххытына, үрдүгү дабайыаххыт, оттон тыл-тылга киирсибэтэххитинэ, сайдыыгыт атахтаныа. Үлэҕит-хамнаскыт табылыннаҕына, түмүк олох чаҕылхай буолуо.

Эр дьону тус олохторугар эмиэ ситиһии уонна биир кэм бигэ сыһыан күүтэр – чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор махтаныахтара. Бу сылга саҕаламмыт билсиһии, таптал эмиэ сылаас, чугас буолуо.

Кэрэ аҥаардар, ньиэрбэҕитин харыстыаххытын наада, кыра аайыттан тымта сылдьымаҥ. Маны барытын туораатаххытына, улахан кыһалҕа оҥостубатаххытына ситиһии сиэттиһиэ. Сулумах кыргыттар, аналгытын көрсүөххүт, кэргэннээхтэр, чугас киһигитин кытта сыһыаҥҥыт өссө бөҕөргүө.

Чубуку

Туруоруммут сыалгын ситиһэргэр аҕыйаҕа суох мэһэйдэри көрсүөххүн сөп. Ону этэҥҥэ туораатаххына, чугас дьоҥҥун, партнердаргын кытта үтүө сыһыаны олохтоотоххуна, баҕарбыккын ылыаҥ. Маныаха наадата суохтары иккис уочаракка хаалларан, саамай наадалааҕын, суолталааҕын талыаххын наада.

Эр дьон дьиэ кэргэннэригэр саҥа таһымҥа тахсыахтара, итэҕэл, эрэл, истиҥ сыһыан бастакы миэстэни ылыахтара. Маныаха икки өттүттэн кыттыыны ыларгыт наада, табыллыбатаҕына кириисис да үөскүөн сөп.

Дьахталларга саҥа үлэ булунар түгэн үөскүө. Онно кинилэр бэйэлэрин үтүө хаачыстыбаларын эрэ көрдөрүөхтэрэ. Элбэҕи үлэлиэхтэрэ, ол түмүгэ хомотуо суоҕа.

Дьиэ кэргэҥҥитигэр өйөбүл, өйдөһүү баар буолуо. Аҥаардас сылдьааччылар Оҕус сылыгар ыал буолуу кэрэ кэми, үйэлээх тапталы туоһулуур.

Күрүлгэн

Айар үлэ чыпчаала, толкуйдаабыккын олоххо киллэрии, бэйэҥ идеяларгынан аан дойдуну кытта үллэстии – бу барыта Оҕус сылыгар күүтэр. Дьон үксүн сөптөөхтүк ылыныа, бэйэҥ быһаарыыларыҥ ханнык баҕарар кыһалҕаны туоратыахтара.

Үлэҕиттэн да, тус олоххуттан да кэлэр сылга дуоһуйууну эрэ ылыаҥ. Таптыаҥ уонна таптатыаҥ. Үгүс эр дьон тус олохторун оҥостуохтара, дьахталлар сүрэхтэрэ сөбүлүүр киһилэрин көрсүөхтэрэ. Онон ыал буолууга, дьиэ-уот тэриниигэ син биир үлэни көрсүөххүт, соһуччу быһаарыылары да ылыаххыт.

Балыктар

2021 сылга атын бэлиэлээхтэртэн барыларыттан элбэҕи ситиһиэххит. Аһара үлэһит буолбуккутун билиниэххит, идеялар фонтан курдук өрө тэбэн олоруохтара, ону олоххо киллэрии ыарахана суох буолуо.

Эр дьон тапталларын көрсөн ыал буолар түгэннэрэ тосхойуо эбэтэр ыкса сыһыаны олохтуохтара. Дьахталлары карьераҕа ситиһии күүтэр – урут санаан да көрбөтөх чыпчаалларын ситиһиэхтэрэ. Үп-харчы, дуоһуйуу, астыныы эбии-сабыы буолуохтара. Тус олохторугар бу сылга урут ылбатахтарын ылыахтара, барыта этэҥҥэ, уу-нуурал сыл күүтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....