18.07.2019 | 13:04

МИН КУОРАТЫМ

МИН КУОРАТЫМ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Иллээх ыаллааһыы сылынан хаһыаппыт «Мин куоратым» бырайыагын салҕыыр.

Тутуу хаачыстыбатын мэктиэлиир СРО (саморегулируемая организация) диэн тэрилтэ Арассыыйа үрдүнэн 2009 сылтан үлэлиир. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык соҕотох тэрилтэнэн «Саха сирин тутааччыларын» ассоциацията буолар. Салайааччы Айхал Габышев итини таһынан СӨ Аҕаларын түмсүүтүн бас-көс киһитэ.

Тутуу – олох төрдө

Дьокуускай куоракка сэмэй майгылаах, күүстээх санаалаах, үлэни өрө туппут дьон олорор. Олох төрдө тутуу буоларын мэктиэлээн, куораппытыгар сыл ахсын бииртэн биир кэрэ дьиэлэр дьэндэһэн иһэллэр. Мин биһиги куораппытыгар элбэх уонна үйэлээх тутуулар баар буолуохтарын, олох салҕаныан баҕарабын. Холобура, дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥы атаарар ураты көстүүлээх, ханна да суох баараҕай миэстэ тутуллуон баҕарабын. Чуолаан, Олоҥхоленд бырайыагын сайыннаран.

Муниципальнай киин дьиэтэ

Таптыыр Сахабыт сиригэр 34 улуус баар. Улуустар бэрэстэбиитэллэрин барытын тэрийэн, биир дьиэҕэ түмүөххэ наада. Хас биирдии улуус бэрэстэбиитэлигэр хос баар буолуоҕа. Ол дьиэҕэ мунньахтыыр хостор, ресторан баар буолуохтаахтар.

Таптал истиэнэтэ

PENTAX Image

Биһиги, сахалар, өбүгэ саҕаттан төрөппүттэргэ. кырдьаҕастарга, оҕолорго ураты истиҥ сыһыаннаах норуоппут. Ол курдук, Аҕалар түмсүүлэрэ киин куоракка баар Ийэ скверигэр Төрөппүккэ таптал истиэнэтин оҥоруохха диэн этиилээхпит.

Франция Париж куоратыгар баар Таптал истиэнэтигэр аан дойду араас тылынан тапталга билинии тыллара суруллан тураллар. Оттон биһиги истиэнэбит Дьиэ кэргэн тапталын уйатын түстүүр уонна харыстыыр аналлаах буолуоҕа. Билигин бырайыагын оҥоро сылдьабыт. Ол курдук, аан дойду араас тылынан төрөппүттэргэ тапталга билинии тыллара суруллуохтара: “Ийээ, мин эйигин таптыыбын!”, “Аҕаа, мин эйиин таптыыбын!”

Турцияны кытта сибээс

Улуу турок омуга – биһиги хаан-уруу аймахтарбыт, онон Дьокуускайга Турция куухунатын арыйар куһаҕана суох буолуо этэ. Ону таһынан Дьокуускай-Анталия хайысханан көтөр аал сырыыта олохтонуон баҕарабын. Тыйыс айылҕалаах дьоҥҥо доруобуйа, эт-хаан өттүнэн чэбдигирэргэ бу сырыы туһалаах эрэ буолуо этэ.

Сэргэ анала

Историяны хасыһарбын сөбүлүүбүн. Элбэх учуонай үлэтин, былыргы дьон кэпсээнин ааҕан, сэргэ туһунан интэриэһинэйи биллим. Ол курдук, аныгы дьон сэргэни ат баайартан атыннык билбэппит. Оннук буолбатах эбит. Сэргэ – кэм-кэрдии хаамыытын көрдөрөр аналлаах ! Былыр чаһы, халандаар суох кэмигэр өбүгэлэрбит сэргэлэрин балаҕан аанын утары туруоран, күн күлүгүнэн сирдэтэн, бириэмэни быһаарарга туттар эбиттэр. Хомойуох иһин, бу өйдөбүлү сүтэрэн кэбиспиппит уонна сэргэбитин ат баайар баҕана эрэ диэн өйдөбүлү тутан хаалбыппыт. Серошевскайтан саҕалаан Новгородовка тиийэ итинник суруллубут.

Өбүгэ үгэһэ этэринэн, сэргэ балаҕан аанын илин диэки туруоруллуохтаах. Бу өйдөбүллэри түмэн, сааһылаан, наардаан, ыраҥалаан көрбүтүм, чахчы, сэргэ бириэмэни ыйар, кэрдэр эбит. Ый хаамыытын уонна кэмин эмиэ билэллэр эбит. Онон, сахам дьоно, сэргэни ат баайар диэн бүтүөххэйиҥ,  дьиҥ төрүт үгэһи сөргүтүөххэйиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...