08.02.2019 | 13:06
Мин Куоратым
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
Дьокуускай куораппытыгар Иллээх ыаллаһыы сыла биллэриллибитинэн, биһиги хаһыаппыт «Мин куоратым» сонун бырайыагы тэрийдэ. Бырайыакка куораппытыгар биллэр-көстөр дьоммутун сырдатыахпыт. Оттон саҥа бырайыагы бэйэбититтэн саҕалыыбыт. Ол курдук, хаһыаппыт кылаабынай эрэдээктэрэ Уйбаан Уһуунускай – сахаҕа биир биллэр-көстөр киһи. Иван Петрович – 40-тан тахса сыл ыстаастаах суруналыыс, суруйааччы, уопсастыбанньык, этнограф, фольклорист, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, норуоттар икки ардыларынааҕы бириэмийэлэр лауреаттара.
Сөбүлүүр чыыһылата «5» буолан, бу балаһаҕа бэйэтин тапталлаах куоратыгар биэс бэлиэ миэстэтин кэпсиир.
ЧЕПАЛОВА, 2
Аан бастаан куоракка алта саастаахпар 1969 сыллаахха кэлбитим. Бу аппа уҥуор – былыргы саха интеллигенциятын түөлбэтэ. Ол улахан убайбытыгар Ньукулайга тиксибит. Эдьиийим манна ыал буолан олорбута. Бу – Харитонов баай дьиэтэ. Кыыс сүгүннэрэн аҕалан, дьиэҕэ убайым ааҕы кытта дьукаахтаһан олорбуппут. Эдэр сааспыт кэрэ кэмнэрэ бу тэлгэһэттэн саҕаламмыта. Билигин манна убайым, гроссмейстер Петр Ушницкай олорор.ЧОЧУР МЫРААН
Мыраан миэхэ күүһү - уоҕу биэрэр, манна таҕыстахпына, санаалыын чэпчиибин, дууһалыын сынньанабын. Эдэр-сэнэх сылдьан мырааҥҥа сотору-сотору дабайар этибит, оннооҕор кэргэним ыарахан сырыттаҕына биир томторугар көтөҕөн таһаарбыттаахпын (күлэр-аапт). Билигин, саас ылан, доруобуйа да айгыраан, кыах тиийбэт. Ол да буоллар биирдэ эмэ таҕыстахпына, арыылаах алаадьынан күндүлүүбүн. “Ньургуһун” хамсааһыны саҕалыахпыттан оҕолорго, ыччатарга бөҕү - сыыһы хомуйтарыы, араас тэрээһини оҥорууну үтүө үгэскэ кубулуттум. Билигин бэйэлэрэ да бараллар.СПОРТ ДЫБАРЫАҺА
“Эдэр саас” хаһыат кыаҕын ылбыт кэмигэр элбэх уораҕайдарга, элбэх дьоро киэһэлэри оҥорбутум. Бу манна: “Макарена – шоу”, “Фейерверк – шоу”, “100 - Эдэр саас – шоу”. “100 эдэр саас” шоуга эбии трибуна киллэрэн, 2 000 тахса киһини батарбыппытын таһынан, Бэчээт дьиэтигэр диэри халыҥ уочарат турбута. “Эдэр саас” хаһыат эрэдээксийэтэ куруук аана аһаҕас буолара, ыччакка түмсэр, айар-тутар сир буолбута. Бастакы нүөмэргэ Аскалон Павлов тахсыбыта, онтон Толбоновтар, Дьөгүөрэптэр, Николай Андросов, Павел Семенов ... Альбина Борисова ... бука бары тахсан саҕалаабыттара. Уруккулар Аркадий Алексеев, Владимир Татаринов, Галина Шахурдина умнуллубатахтара. Көрү-күлүүнү Алексей Павлов, Александр Бурнашов, клоуннар күөдьүппүттэрэ, үҥкүү, спорт сулустара, “Мозика”, өр кэмҥэ кэлбэтэх кыайыылара кэлбиттэрэ.МАМОНТ ПААМЫТЫННЬЫГА
Олоҕум аргыһын булуом иннинэ «Елочка» оройуонугар икки мэндиэмэннээх дьиэҕэ олорбутум. Бу ирбэт тоҥ дьиэтин чугаһыгар турар Мамонт паамытынньыга куораппыт – биир бэлиэ көстүүтэ буолар. Баар буолуоҕуттан манна дьон бөҕө хаартыскаҕа түһэн барар. Мин кэргэн ылар кыыспын бастаан уоспунан уоһугар таарыйыахтаахпын диирим. Ол туоһута ити – Мамонт.“ЭДЭР КОММУНИСТ”
Манан, Толстой уонна Курашов уулуссаларын быһа охсуһуутугар икки этээстээх мас дьиэ баара. Онно “Эдэр коммунист” хаһыат эрэдээксийэтэ турбута. Ол кэмнэр миэхэ элбэх саҥа саҕахтары арыйбыттара. “Эдэр коммунист” общественнай хаһыат буолтугар ыччат хаһыата суох хайдах инники кэскили сайыннарыахпытый диэн санааттан 1993 с. “Эдэр Саас” хаһыаты тэрийбитим... Айталина СОФРОНОВАСонуннар
11.11.2024 | 23:41
Хаачыстыба – олох ирдэбилэ
11.11.2024 | 22:07
Дмитрий Коркин олоҕун туһунан сэдэх ахтыы
11.11.2024 | 22:04
Сыл саҕаланыаҕыттан 53 киһи уокка былдьанна
11.11.2024 | 17:28
Сымыйа кафелары сокуону кытаатыннарыы эрэ кыайыан сөп
10.11.2024 | 12:00
«Өрөгөй» киинэттэн сиэттэрэн...
10.11.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата сэтинньи 11-17 күннэригэр
09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
08.11.2024 | 20:09
Степан Аржаков 125 сылынан саҥа кинигэ уонна испэктээк
08.11.2024 | 20:07
«Сырдык киин куорат» бырагыраама хаамыыта
08.11.2024 | 13:50
Куорат пааркатыгар ыал буолуу церемониятын ыытыахтара
08.11.2024 | 13:49
Ленин пааматынньыгын өрөмүөнэ түмүктэннэ
08.11.2024 | 13:44
«Зима fest» куорат ыалларын ыҥырар
07.11.2024 | 14:13
Михаил Николаев төрөөбүт күнүнэн «Махтал» кэнсиэр ыытыллар
07.11.2024 | 12:29
«Норуот бүддьүөтэ» 2025 сылга олоххо киллэриллэр бырайыактарга сайаапкалары күүтэр
07.11.2024 | 12:28
Куорат харыйатын туруоруу саҕаланна
06.11.2024 | 11:00
Дьокуускайга уонна улуустар кииннэригэр 39 Ийэ оскуолата үлэлиир
06.11.2024 | 10:00
Роман Дмитриев аатынан кытыл арылынна!
06.11.2024 | 09:00
«Бриллианты Якутии» хаар, муус оҥоһуктар бэстибээллэрин көтүтүмэҥ
Ордук ааҕаллар
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.
Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?
Үлэ бэтэрээннэригэр
Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.
Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.
Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта.
Лена...
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.
Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...