04.04.2022 | 13:00

«МЭР-2022» иккис түһүмэҕэ ыытылынна

«МЭР-2022» иккис түһүмэҕэ ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Ыччат – Дьокуускай куорат сайдар энергията 2022» дьыалабыай оонньуу иккис түһүмэҕэ быйылгы үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ ананна – Дьокуускай куорат 390, Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна Дьокуускай куорат Дууматын бэрэстэбиитэллээх уорганын 200 сылларыгар ананна. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Онус үбүлүөйдээх «МЭР-2022» дьыалабыай оонньуу кулун тутар 21 күнүгэр саҕаламмыта, ый устата алта хамаанда биэс араас түһүмэҕинэн күрэхтэһиэхтэрэ. Дьыалабыай оонньуу тэрийээччилэрэ – Олохтоох дьаһалта каадырдары салайыыга уонна муниципальнай сулууспаҕа Управлениета уонна уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр Управлениета. 
«МЭР-2022» иккис түһүмэҕэ муус устар 1 күнүгэр «Точка кипения» туонатыгар ыытылынна. «Оонньуу кыттыылаахтара, 6 хамаанда тургутуулары ааһыахтаахтар – ити Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэ историяларыгар сыһыаннаах «Своя игра» интеллектуальнай оонньуу, манна куорат баһылыгын ыйытыктара бааллар», - диэтэ ыччат бэлиитикэтигэр салаа начаалынньыга Андрей Михайлов.
Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэ историяларыгар, ол иһигэр политическай деятеллэргэ, былыргы куоракка сыһыаннаах интеллектуальнай оонньуу боппуруостарын иккис түһүмэх тэрийсээччилэрэ – СӨ Национальнай архыыба көмөлөстө диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта каадырдары салайыыга уонна муниципальнай сулууспаҕа Управлениетын начаалынньыга Надежда Попова. 
«Социальнай бырайыактарга уонна Саха сиригэр биллэриллибит ийэ Сылыгар анаммыт бастакы түһүмэххэ сорох хамаандалар олус кэрэхсэбиллээх идиэйэлэри олоххо киллэрбиттэрэ.  Холобур, соҕотох ийэлэри, психологтары кытта үлэлээбиттэрэ, уустук балаһыанньаттан хайдах тахсарга коучинг ыыппыттара, оҕо дьиэлэригэр сылдьыбыттара», - диэн эбэн эттэ Надежда Попова.
Араас хамаандалар кыттыылаахтара санааларын үллэһиннилэр. 
«Биһиги «Тупсаран оҥоруу» хамаандабытыгар оонньууттан элбэҕи күүппүппүт. Бастакы түһүмэххэ кыайыыны ситиспиппит, иккис түһүмэх эмиэ олус интириэһинэйдик баран эрэр, барыларыгар ситиһиини баҕарабыт, бэйэм бастакы төгүлүн кыттабын», - диэтэ «Тупсаран оҥоруу» блок хамаандатын кыттыылааҕа Татьяна Николаева.
«Саха сирин историятыгар сыһыаннаах иккис түһүмэхтэн санаам – наһаа көхтөөх оонньуу, оскуола, университет саҕанааҕы бырагыраамалары санаатыбыт. Тэрийээччилэргэ интириэһинэй, билиини биэрэр ыйытыктарын иһин махтанабын. Наһаа наадалааах оонньуу, талааннарбытын арыйар уонна талбыт хайысхабытыгар хардыылыыр кыаҕы биэрэр», - диэтэ «Социальный блок» хамаанда кыттыылааҕа Екатерина Сергеева. 
Манна даҕатан эттэххэ, «Ыччат – Дьокуускай куорат сайдар энергията 2022» дьыалабыай оонньуу 2013 сылтан ыытыллар. Ити сыллар тухары оонньуу кыттыылаахтарынан 600-тэн тахса эдэр исписэлиистэр, устудьуоннар уонна үөрэнээччилэр буоллулар. «МЭР» дьыалабыай оонньуу кыайыылаахтара Олохтоох дьаһалта каадырын резервэтигэр киирэллэр. Урукку сыллардааҕы оонньуулар кыттааччыларын бастыҥ бырайыактара номнуо олоххо киирдилэр – ол сылаас тохтобуллар уонна информационнай таблолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....