Медицина үлэһиттэрэ коронавирустан быһыыны ылан саҕалаатылар
Саха сиригэр коронавирус утары быһыыны оҥорон саҕалаатылар.
«Бээтинсэттэн саҕалаан медицина үлэһиттэригэр коронавирустан быһыыны оҥорон саҕалаатыбыт. Вакцина толору маркировканы ааста», — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина брифинг кэмигэр кэпсээтэ.
Быһыыны ылбыт дьон 21 күнүнэн иккистээн укуолланыахтаахтар. Медицина үлэһиттэрин кэнниттэн, социальнай үлэһиттэр быһыыны ылыыларын РФ таһымыгар быһаарыыттан тутуллуоҕа.
Санатан эттэххэ, 300 дозалаах препарат баартыйата өрөспүүбүлүкэҕэ ахсынньы 9 күнүгэр кэлбитэ. Аан бастаан Саха сиригэр коронавирустан вакцинаны балаҕан ыйын 23 күнүгэр ыарыһахтары кытта үлэлиир медицина үлэһиттэригэр бэриллибитэ.
РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин ый саҕаланыыта быраастары уонна учууталлары вакцинациялааһыны саҕалыыр туһунан соруйбута. Билиҥҥитэ дойдуга икки мөлүйүөн кэриҥэ доза препарат оҥоһуллубут.