Маһы кэрдиигэ көҥүллээхтэр
Соторутааҕыта Окружной шоссеҕа мастары кэрдэ сылдьалларын видеоҕа уһулан тарҕаппыттарын көрбүт буолуохтааххыт. Дьокуускай куорат дьаһалтата иһитиннэрэринэн, бу эбийиэккэ сатыы сылдьар дьоҥҥо тротуар уонна бэлисипиэт суолун оҥороору бэлэмнииллэр.
“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн Окружной шоссеҕа Жорницкай уулуссатыттан Бүлүү трагар диэри (иккис уочарат) хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. “Дорстрой” ХЭТ бэлэмнээһин үлэтин ыытар. Ол курдук, манна ЛЭП тирээбиллэрин туруораллар, сибээс ситимин көһөрөллөр, экструдированнай пенополистиролу уураллар, суол олоҕун оҥороллор, гаас, уу ситимин тардаллар.
“Бэдэрээтчик тротуар уонна бэлисипиэт суолун оҥороругар мас кэрдэргэ көҥүл ылбыта. Тустаах сиргэ бара сырыттыбыт, докумуоннары бэрэбиэркэлээтибит, хаартыскаҕа түһэрдибит, туох да кэһии суох”, – диэн куорат дьаһалтатын муниципальнай хонтуруолга управлениета иһитиннэрэр.
Быйыл бу учаастакка суолу түөрт балаһаҕа тиийэ кэҥэтиэхтэрэ. Бэлисипиэт суолун уонна сатыы сылдьар дьон тротуарын кутан саҕалыахтара. Бырайыак докумуоннара судаарыстыбаннай экспертизаны ааспыттара, ОДьКХ уонна энергетика департамена маһы кэрдэр көҥүлү биэрбитэ диэн “Главстрой” тэрилтэ кэпсээтэ.
Дуогабар быһыытынан, мас кэрдиллибитин кэннэ, күөх олордуулар икки бүк элбээн чөллөрүгэр түһүөхтэрэ. Үлэҕэ Строительнай уокурук управлениета кыттыһыаҕа.