Кытыастар кыһыл хаалтыстаах...
Бүгүн ыам ыйын 19 күнэ – Бүтүн Арассыыйатааҕы Пионер күнэ. Оруобуна бу күн, 1922 сыллаахха, комсомуол Бүтүн Арассыыйатааҕы II-с кэмпириэнсийэтигэр пионер этэрээттэрин тэрийэр туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Бу күн Пионерия төрөөбүт күнүн быһыытынан 70-ча сыл, 1991 сыллаахха Сойуус ыһыллыар диэри, бэлиэтэммитэ. Пионерскай тэрилтэ чилиэннэринэн 200 мөлүйүөнтэн тахса 10-14 саастаах оҕолор буолан ааспыттара.
Санаан көрүҥ, 200 мөлүйүөнтэн тахса киһи уот кыһыл хаалтыһы киэн тутта иилинэн пионер күөстүү оргуйар көхтөөх олоҕунан олорон ааспыт. Ол саҕанааҕы пионердар дьоллоох оҕо саас кэрэхсэбиллээх кэмин бары да күндүтүк саныыбыт.
Общественнай-политическай өттүгэр тохтуу барбакка, түгэнинэн туһанан кылгастык санаан аһардахха, кыһыл хаалтыһы миэхэ эһээ Ленин төрөөбүт күнүгэр үөрүүлээх линейкаҕа иилбиттэрэ. Долгуйуу, үөрүү, өрө көтөҕүллүү кууспутун билигин да саныыбын. Дьиэбэр баран иһэн суолга баар дуу диэбиттии хаалтыспын тутан көрөөһүнүм, тиийээт киэн тутта сиэркилэҕэ көрүнүүм, дьонум үөрүүлэрэ билигин даҕаны харахпар көстөр.
Пионерия күнүн сылын аайы диэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир этибит. Пионер күнэ диэн тылы иһиттэхпинэ сонно төбөбөр похуот диэн тыл киирэр. Бу күн, үгэс быһыытынан, ыһык-тайма буолан, үрүһээк сүгэн айылҕаҕа похуоттуу барарбыт. Ол кэтэһиилээх да күн этэ, кыһыны быһа дьиэттэн-оскуолаттан ырааппатах кыра дьоҥҥо. Билигин даҕаны харахпар ойуур ортотугар киэҥ алааска кутаа уот, пионер кэккэтигэр киирэн эрэр оҕолор кэчигирэһэн тураллара, бииргэ үөрэммит оҕолорум мэник-тэник сирэйдэрэ көстөн кэлэр. Ол саҕана улахан бобуу суох быһылааҕа, бары кылааһынан тус-туспа кыра кутаа уоту уматан, ас буһарынан, хортуоппуй үтэн сиэн күннүүр этибит. Барарбытыгар учууталлар уоппутун уунан саба ыһан умуорараллара. Ити күн төһөлөөх кутаа уот уматыллыбыта буолуой даҕаны ойуур баһаара тахсыбытын өйдөөбөппүн. Үтэн буһарбыт хортуоппуйбут минньигэһиэн, амтана билигин да биллэр курдук. Дэлби оонньоон-көрүлээн, дьиэбитигэр сылайан-элэйэн төннөрбүт.
Биирдэ похуоттан дьиэлээн иһэн учууталбытын кытта эбэни киирэн көрөн ааһыахха диэн буолла. Ол иннинэ эбэ мууһа хамсыы илик этэ. Биһиги биэрэккэ чугаһааппытын кытта, биһигини эрэ күүтэн турбут курдук, эбэ мууһа эстэн тоҕо барда. Тыас-уус, биһиги үөрүү-көтүү. Учууталбыт: “Оҕолоор, бу күнү өйдөөн хаалыҥ, муус эстэригэр түбэһэр сэдэх түбэлтэ”, - диэбитин билиҥҥэ диэри өйдүү сылдьабын. Кырдьык даҕаны наһаа сөҕүмэр, кэрэ көстүү этэ. Кэнники улаатан баран түбэһэн көрө иликпин.
Оскуола олоҕор куруук көхтөөхтүк кыттарым. Сылын аайы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов аатын сүгэр пионерскай этэрээппит бэрэссэдээтэлинэн талылларым. Комсомуол да буолан баран мэлдьи олох үөһүгэр этим. Ол, этэргэ дылы, олох атын устуоруйа.
Пионер күнэ, пионер буола сылдьыбыт олохпут кэрчик кэмэ, төһө да ааспытын иһин, өрүү сүрэхпитигэр иҥэн сылдьар. Үөлээннэхтэрбин Пионер күнүнэн!