19.02.2020 | 13:11

Кылаан Кындыл уонна ырыа

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Төрөппүт ийэ, аҕа тапталын билбэтэх кырачаан уолчаан дьон сиитэ-одуута ыган таһаарар харахтарын уутун быыһынан туох баар күүһүн-уоҕун, үтүө дьулуурун киһи буоларга уурбута. Онно киниэхэ ырыа, ырыа эрэ суолун сырдаппыта...

Кылаан Кындыл билигин талба талааннаах мааныта, киһи эрэ кэрэмэһэ буола улааппыт.

САХАЛАР ДЬЫЛҔАБЫТ БАРЫТА БИИР

Орто Бүлүүгэ, Хампаҕа, күн сирин көрбүтүм уонна өрүс уҥуор Кыргыдайга эбэбэр иитиллибитим. «Оҕону сатаан иитиэ суоҕа, аччыктатыа, хоргутуо” диэн, биэс ыйдаахпар эбэм миигин ийэбиттэн арааран ылбыт. 11 оҕолоох эбэлээх эһэбэр ити курдук 12-с оҕонон иитиллэ кэлбиппин. Эһэм хам-т;м арыгы иһэрин көрө улаатан, ити аһы оҕо эрдэхпиттэн абааһы көрбүтүм. 9-с кылааска сырыттахпына эбэм барахсан өлбүтэ. Онон мин аны эдьиийбэр Уус Майаҕа көһөн тиийбитим. Онно оскуоланы бүтэрбитим. Билигин кэлэн тугу кистиэм баарай, тулаайах оҕо быһыытынан үлэҕэ эриллэн улааппытым. Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, хата ол сылдьан ас-таҥас хантан кэлэрин сыаналыы улааппытым. Кыратык тиэмэттэн туораатахха, соторутааҕыта Арсен Томскай кинигэтин аахтым. Кини эмиэ наһаа эрэйдэнэн улааппыт киһи эбит, бэйэҕит көрө-истэ сылдьаҕыт, билигин хайдах курдук аан дойдуга аатырбытын.

- Кылаан, эн дьоҥҥо-сэргэҕэ Егор Степанов диэн аатынан киэҥник биллибитиҥ, кэлин олох да сүтэн хаалбытыҥ.

- Миигин бары даҕаны Егор Степановынан билэллэр. Ааспыт сайын дьиэнэн бука бары ааппытын-суолбутун уларыттыбыт. Сахалыы ааттаныахпын баҕарбытым ыраатта. Онон Араспаанньабытын Кындыл диэн уларыттыбыт. Биһиги аймахха 18-с үйэҕэ олорон ааспыт өбүгэбит аатынан. Норуодунай суруйааччы Баһылай Сиипсэп чугас абаҕам, ааппын кини анаабыта. Аҕам Вячеслав диэн ааттаах этэ, сахалыы аата Албан Уола диэн этэ. Онон пааспарбар Кындыл Кылаан Албан Уола диэн суруйтардым.

– Уйбаан Кындыл эмиэ аймаҕыҥ дуо?

– Аймаҕым эбит. Тулаайахпын-тулаайахпын диирим да, аймаҕым өрөспүүбүлүкэ аҥаара буолан тахсыыһы (күлэр). Учуонай Юрий Васильев-Дьаргыстай биһиги аймах төрүччүбүтүн архыып докумуоннарыгар олоҕуран оҥорбута, чинчийбитэ биллэр. Манна Исидор Барахов, Гавриил Чиряев, Иван Гоголев-Кындыл, Николай Якутскай, Баһылай Сиипсэп, Федот Тумусов, о.д.а. ыйылла сылдьаллар. Бары биир төрүттээх эбиппит.

– Кылаан диэн ааты тугун сөбүлээн ылынныҥ?

– Киһи аатыттан тутулуктанан олоҕун суола ыйыллар дииллэр. Мин ааппын ыллым да, иҥэринэн кэбиспэтэх буоллаҕым дии. Биир дойдулааҕым Дьөккөн Сөдүөтүн алгыһын ылан, өбүгэлэртэн көҥүл ылбытым. Кистэл буолбатах,  ааппын уларыппытым кэннэ тус бэйэбэр? чуолаан айар-үлэбэр?  уларыйыы бөҕө таҕыста. Айар-тутар дьоҕурум уһугунна, ис санаам, кыаҕым ситиэн ситтэ.

ГИТАРА ТЫАҺА

– Устудьуон кэрэ кэмин ахтыахха эрэ, хайдах ааста этэй?

Мин 8 сыл устудьуоннаабытым. Бастаан ДьПУ-2 киирэн, муусукаҕа бастакы хардыыбын оҥорбутум. Ол иннинэ тыаҕа гитара талкыйан ыллыыр этим. Салгыы СГУ-га СӨ үтүөлээх артыыһа Юрий Платоновка культурологияҕа үөрэххэ киирбитим. Оччолорго 90-ча оҕоттон иккиэ буолан талыллан киирбиппит. Устудьуоннуур сылларым наһаа истиҥник ааспыттара. Тулаайах оҕо диэннэр, истипиэндьийэ таһынан, эбии көмө оҥоһуллар этэ уонна, саамай сүрүнэ, биэс сылы быһа уопсайга олорбутум. Билигин дьоммор өрүү этэбин: миигин судаарыстыба иитэн таһаарбыта, идэҕэ үөрэппитэ диэн.

Ииппит эһэм өттүнэн убайдарым гитаран бэккэ ыллыыллара, оонньууллара даҕаны. Онно наһаа ымсыырарым. Кинилэр суохтарына гитараларын ылан, сэмээр ыллаан көрөрүм. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр, хомойуох иһин дуу, үөрүөх иһин дуу, сатыырым эрэ гитараҕа оонньооһун этэ. Ол иһин этэбин, ырыа мин олохпор олус улахан суолталаах уонна көмөлөөх диэн. Ол иһин ырыаҕа наһаа харыстабыллаахтык сыһыаннаһабын. Ырыа ахсаанын элбэтэн, буоллун-хааллын диэн хаһан да оҥорбоппун. Хас да сылы быһа биир ырыаны бэлэмниэхпин сөп. Холобур, Исай Брызгалов “Дойдум дьоно” диэн ырыатын биэс сыл оҥордум. Ырыа диэн ускуустуба саамай чараас, сырдык, ыраас көрүҥэ. Ырыа син киһи курдук сүрдээх улахан болҕомтоҕо наадыйар. Ырыаҕа сыһыаным итинник.

АЙАР  ҮЛЭМ КҮҮҺҮРДЭ

– Эмискэ баҕайы айар аартыкка кэлэн хааллыбыт, чэ оччотугар айар үлэҕэ киириэххэ.

Бастакы ырыам 2000 с. Эдуард Ксенофонтов суруйбут “Сүрэхпинэн” диэн ырыата. Бу ырыам ол сылларга араадьыйаҕа элбэхтик тыаһаан, дьон-сэргэ кутун-сүрүн туппута. Сыыйа үөлээннээхтэрим ортолоругар кыралаан аатым биллэр буолан барбыта. Мурат Насыров кэлэн кыттар сылыгар “Этигэн хомуска” киирбитим. Ити кэннэ “Иэйии” уонна “Кыһыҥҥы киэһэ” диэн ырыаларым тахсыбыттара, эмиэ хит буолбуттара.

– Уопсайа хас ырыалааххыный?

– 50-ча. Аныгы үйэҕэ диискэ, альбом оҥорон таһаарар суолтатын сүтэрдэ. Онон барытын интэриниэт ситимигэр угабын.

– Эдэр ырыаһыттары өйүүр диэн истибитим, туох өҥөлөөххүнүй?

– Дойду сайдыыта, олох тупсуута, үлэ таһаарыылаах буолара барыта эдэр дьонтон саҕаланар буоллаҕа ди. Билигин Бүлүүттэн төрүттээх сүрдээх талааннаах, олоххо киэҥ көрүүлээх Иоганн Матвеев диэн устудьуон оҕону бэлэмнии сылдьабын. Талааннаах киһини өйүөххэ наада. Иоганн билигин мин ырыаларбын ыллаан эрэр, кэнсиэрбэр эмиэ хит буолбут ырыаларбыттан ыллыаҕа. Уопсайынан, эппитим курдук, миигин судаарыстыба иитэн-аһатан улаатыннарбыта, онон мин бэйэбин иэстээх курдук сананабын, эдэр дьону төһө кыаҕым баарынан өйүүбүн. «Артика рекордс» диэн эдэр ырыаһыттары таһаарар устуудьуйалаах этим, онтон элбэх талаан кынат үүннэринэн тахсыбыта.

– Эн сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ ыллаабаккын быһыылаах ди? Тоҕо эрэ аатыҥ иһиллибэт…

Суох. Миигин итинник тэрээһиннэргэ көрбөккүн. Аймахтарым, үчүгэйдик билэр дьонум тэрээһиннэригэр эрэ ыллыахпын сөп. Сакаас ылан харчыга ыллаабаппын. Манна диэн эттэххэ, биһиги шоу-биисинэспит ырыанан харчы оҥосторго сөп түбэспэт. Сахалар ахсааммыт да наһаа аҕыйах ди. 5-6 мөл. нэһилиэнньэлээх эбиппит буоллар, баҕар, хартыына атын буолуо, киһи ырыанан айаҕын ииттиниэ эбитэ буолуо. Мин ол иһин, үөрэхпин бүтэрэн баран, 8 сыл Култуура министиэристибэтин иһинэн үлэлээн баран, бэйэ дьыалатын  арыммытым.

Билигин урбаан эйгэтигэр үлэлии сылдьар буолан, дьону кытта элбэхтик алтыһабын. Ырыа туһунан соччото суоҕу эттэхтэринэ, санаам олус   түһэр. Биллэн турар, хас биирдии киһи санаата араас буоллаҕа дии. Оттон мин сахам ырыата үрдүк таһымҥа сылдьыан олус баҕарабын.

УРБААННЬЫТ УОННА АҔА

– Туох бизнестээххиний?

– Биһиги олохпут усулуобуйабытыгар саамай суолталаах, сылааһынан хааччыллыыга оҥорон таһаарар эйгэҕэ үлэлиибин. Билиҥҥи туругунан үс дэриэбинэни сылааһынан уонна итиинэн хааччыйан олоробут. Тэрилтэбэр уопсайа 50-ча үлэһиттээхпин. Барыларын хамнастаан, дьарыктаах, үлэлээх буолалларыгар дьулуһабын. Маны таһынан киин куоракка банкетнай саалалардаахпын, онно уруу киэһэлэрин, үбүлүөйдэри ыыталлар. Атын үөрүү-көтүү, дискотека диэн суох. Алгыс түһэр сирэ, уруу киэһэтэ диэн сырдык ис хоһоонноох алаһалар. Бэйэм даҕаны чөл олоҕу уруйдуубун, успуордунан дьарыктанабын.

– Бизнестээх буолан сүтэ-сүтэ көстөр эбиккин...

Ыал буолан баран, дьиэ-уот тэринэр түбүккэ түспүтүм. Кэргэмминэнн устудьуоннуур сылбытыгар билсэн, билигин оруобуна 15 сыл бииргэ олордубут. Кэргэним идэтинэн саха тылын учуутала. Икки оҕолоохпут. Оҕолор оскуола үөрэнээччилэрэ. Кыыһым ийэтин кытта дьиэ үлэтин барытын оҥорор, омук тылын баһылыырга үөрэнэр. Уолу уол оҕо сиэринэн иитэбит. Бултка-алтка куруук илдьэ сылдьабын, бизнеспинэн буолар араас кэпсэтиилэргэ, мунньахтарга эмиэ илдьэ сылдьабын, кыратыттан билэ улааттын диэн.

–Барытын бэйэҥ кыаххынан, сылбаҕынан ситиспит киһи диэн түмүккэ кэллим. Аҕаҥ аймахтарын кытта  билсэҕин дуо?

 – Билсэн. Аймахтарым кэлин бэйэлэрэ сибээстэспиттэрэ, билсиспиттэрэ. Дьиҥэр, аҕам ийэбэр оҕолооҕун, уоллааҕын билэр буоллаҕа.

СҮРЭХПИНЭН

– Олунньуга бастакы айар киэһэҕин тэрийээри сылдьар эбиккин, бу тэрээһин туһунан кэпсээн аас эрэ...

– Бастакы “Сүрэхпинэн” диэн айар киэһэбин олунньу 22 күнүгэр Б. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар киэһэ 16:00 уонна 19:00 ч. тэрийэбин. Кэнсиэрбэр, этэн аһарбытым курдук Иоганн Матвеев диэн олус талааннаах эдэр уол кыттыаҕа. Салгыы бардахха, балтым, Кындыллар сыдьааннара, опера ырыаһыта Мария Михайлова кыттыыны ылыаҕа. Харахтарынан көрбөт Мичил Моисеев уонна Айыыллаана Степанова кыттыахтара. “Күн өркөннөр” айар киэһэбин туруораллар. Режиссерунан Захар Никитин үлэлии-хамныы сылдьар. Күндү ааҕааччыларбын, бар дьоммун, тапталлаах сахам дьонун айар киэһэбэр эрэнэ күүтэбин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....