Куорат кытыытыгар саҥа оптуобустар сүүрэллэр
Ыам ыйын 5 күнүттэн КАВЗ мааркалаах 9 саҥа оптуобус Дьокуускайтан Маҥан, Хатас уонна Табаҕа сэлиэнньэлэригэр сылдьан саҕалаатылар. Бу туһунан «ЯПАК» МУТ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдэ.
«Бэлэм буоллулар даҕаны линияларга саҥа оптуобустары таһааран иһиэхпит, ыам ыйа бүтүөр диэри урукку оптуобустары барыларын уларытар былааннаахпыт», - диэтэ «ЯПАК» МУТ дириэктэрэ Валерий Домотов.
Санатар буоллахха, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын саҥардыы чэрчитинэн, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэрин көмөтүнэн 100 саҥа оптуобус ылыллыбыта. «ЯПАК» МУТ автопаарката 65 саҥа оптуобуһунан эбилиннэ, итинтэн 35 куорат кытыыларыгар, 20-тэ – куорат иһигэр, итиэннэ 10-на – улуустар икки ардыларыгар сылдьыахтара. Итини таһынан 35 оптуобуһу Дьокуускай куорат чааһынай тиэйээччилэрэ ыллылар.