Коронавируһунан саастаах дьон ыалдьара элбээтэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ саастаах дьон коронавируһунан ыалдьаллара элбээбитин туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб иһитиннэрэр.
«Вирус саҥа тарҕанар кэмигэр эдэр дьон үксүн ыалдьар буоллахтарына, билигин саастаах дьон ыалдьыылара элбээтэ», — диэн Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова эттэ. Кини этэринэн, эпидемияны утары тэрээһин сымнаан, олохтоохтор дистанционнай үлэ көрүҥүттэн тахсан үлэлэригэр сутуллар буоллулар. Сайыҥҥы сынньалаҥҥа 12 тыһыынчаттан тахса оҕо оройуоннарга тахсыбыта бэлиэтэнэр.
Ону тэҥэ айылҕаҕа элбэх буолан тахсыы баар. "Ыалдьыбыт киһи баар буоллаҕына 20-30 киһи алтыспытынан ааҕыллар, бу курдук биир тэрээһиҥҥэ 100 киһи сутуллуон сөп», — диэн бэлиэтээтэ Елена Борисова.
Маны таһынан, сайыҥҥы кэм буолан, коронавирус ыарыытын Саха сирин олохтоохторо Арассыыйа атын регионнарыттан аҕалаллар.
Бүгүҥҥү күн туругунан, эбии 49 киһи коронавирустаата.