29.11.2024 | 14:00

Кистэлэҥмит биир — бэйэ-бэйэҕэ итэҕэл

Кистэлэҥмит биир — бэйэ-бэйэҕэ итэҕэл
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

«ТСН-Сопровождение» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ  киин куоракка оҕо оонньуур хоһун арыйан үлэлэппитэ иккис сыла. Дьиктитэ баар, салайааччылара – хаан-уруу аймахтар. «Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй» диэн өс хоһооно кинилэргэ сыһыана суох. Эдэр дьон, төттөрүтүн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-толорсон биэрэллэр, биир санаанан саҥа саҕахтары арыйарга дьулуһаллар.   

Тимур Дьячковскай М.К. Аммосов аатынан ГРФ бүтэрэн баран, идэтинэн сэттэ аҥаар сыл кэриҥэ – Мииринэйгэ, онтон Дьокуускайга көһөн кэлэн, хас да тэрилтэҕэ үлэлээбит. Дьиҥэр, бэйэ дьыалатын арыйар санааны эрдэттэн да иһигэр иитиэхтии сылдьыбыт эбит.

Дьокуускайга оҕолор сылдьар, сынньанар сирдэрэ аҕыйах, ордук кыһын бараллара-кэлэллэрэ хааччахтанар, дьиэҕэ олорорго күһэллэллэр. Аныгы үйэ дьоно, эргиэн кииннэригэр аҥаардас атыылаһа эрэ буолбакка, дьиэ кэргэнинэн, доҕотторун кытта сынньана, аһыы, иллэҥ кэмнэрин атаара кэлэллэр. Онон, сыта-тура толкуйдаан баран, улахан кииҥҥэ оҕо оонньуур хоһун арыйыахха сөп диэн санаа күлүм гыммыт. Дьэ, ол курдук, Тимур, балта Сюзанна, дьүөгэлэрэ Наташа буолан (тэрилтэлэрин аатыгар ааттарын бастакы буукубалара кистэммит – Аапт.), 2022 сыллаахха ахсынньы ыйга «Мин биисинэһим» киин ыыппыт күрэҕэр биисинэс-былаан суруйан кыттыбыттар. Кыайыылаах тахсан, бу билиҥҥэ диэри 44 кв. миэтэрэ иэннээх киэҥ-куоҥ кэбиниэккэ тигинэччи үлэлии олороллор. Үс ый бырайыактарын ис хоһоонун ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаан, торумнаан, дизайннарын оҥорторон, анал оборудованиены сакаастаан, туох баар бэлэмнэнии түһүмэҕин ааспыттар. Ол кэннэ киин куорат биир бастыҥ атыы-эргиэн киинигэр «Kinderland» диэн оҕо аймах оонньуур хоһун арыйбыттар.

– Бастаан хас да бырайыагы ааҕан-суоттаан, чинчийэн көрбүппүт. Ол иннинэ атын улахан куораттарга сылдьан, оҕо оонньуур хосторо хайдах үлэлииллэрин үөрэппиппит.

Хара маҥнайгыттан оборудованиебыт барыта Арассыыйаҕа оҥоһуллубут, сертификаттаах буолуохтаах диэн быһаарыммыппыт. Сакаастаан баран, собуоттан идэтийбит исписэлииһи ыҥыран туруортарбыппыт, – диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Тимур Александрович.  

 

Үлэлииргэ, үөрэнэргэ үчүгэй!

– Биисинэс-инкубаторга дуогабарбыт болдьоҕо үс сыл. Резиденнэргэ куортам төлөбүрэ ырыынак сыанатыттан бастакы сылга – 90%, иккис сылга – 80%, үһүс сылга 70% чэпчэки. Туспа кэбиниэттээх олус үчүгэй, мустар, түмсэр сирдээх буоллаххына, үлэ да тахсар эбит.

«Мин биисинэһим» киин көмөтө элбэх. Холобур, маркетинг өттүгэр өйөбүлүнэн туһаммыппыт: тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа рекламабыт тахсарыгар, идэтийбит фотографка хаартыскаҕа түһэрбитигэр күүс-көмө буолбута.

Манна олорорбут бары өттүнэн табыгастаах. Үөрэх, семинар, вебинар арааһа ыытыллар, төһө кыалларынан бэйэбитигэр сөптөөх уонна туһалаах тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт, көтүппэккэ сылдьа сатыыбыт. Офиспыт, этэргэ дылы, салгына, эйгэтэ да ураты: манна бары бэйэбит курдук саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттар үлэлииллэр. Кинилэри кытта кэпсэтэн элбэҕи билэбит, көрө-истэ сылдьан, уопуттарыттан эмиэ үгүскэ үөрэнэбит. Үлэһиттэр биһиэхэ улахан көмө буолаллар. Ыйытыы үөскээтэҕинэ, этэргэ дылы, сүүрэн түһэбит. Тута хоруйдаан, сүбэлээн, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Түгэнинэн туһанан, саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыттарга көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин махталбытын тиэрдэбит.

 

Сүрүн ирдэбилбит – чиэһинэй буолуу

– Сотору икки сылбытын бэлиэтиибит. Бу кэм иһигэр үлэбит сааһыланна, ким тугу гыныахтааҕын, туохха эппиэтинэстээҕин чопчу билэр. Хамаандабыт күн-түүн улаатан, кэҥээн иһэр. Салайааччылар үспүт, Наташабыт быйыл атын бырайыагынан туспа барда, ол оннугар тастыҥ бырааппыт Ваня кыттыста.

Балтыбын, бырааппын кытта бииргэ улааппыт буоламмыт, кыра эрдэхпититтэн бэйэ-бэйэбитин билэбит, майгыбытынан тапсабыт. Онон сүрүн күүспүт уонна ситиһиибит кистэлэҥэ – итэҕэл, эрэл. Ким туохха кыахтааҕынан көрөн, үлэбитин үллэстэбит. Холобур, мин кумааҕы өттүгэр, докумуоҥҥа кыттыспаппын, бүүс-бүтүннүү кыргыттарга эрэнэбин. Ол оннугар бырааппын кытары атын боппуруостары быһаарабыт.

Кэлэктииппит эдэр, эрчимнээх. Аҕыс сүрүн үлэһиттээхпит, сорохтор, холобур, аквагример, хаартыскаҕа түһэрээччи эбиэттэн киэһэ кэлэллэр. Сайыҥҥы кэмҥэ оскуола оҕолорун үлэҕэ ылабыт.

Ханнык баҕарар тэрилтэ инники кэскилэ, сайдар суола кэлэктииптэн быһаччы тутулуктаах. Үлэһиттэрбитигэр махталым муҥура суох. Биһиги – кинилэр тустарыгар, оттон кинилэр килийиэннэрбит тустарыгар кыһаллаллар. Хамнаһы туппакка, кэмигэр төлүүбүт. Ыйга биирдэ хайаан да мунньахтыыбыт, ханна эрэ бары сынньана тахсабыт. Каадыр тиийбэт боппуруоһа турбат. Сүрүн ирдэбилбит – чиэһинэй буолуу. Биир бэйэм үлэһит, чиэһинэй буолууну, дьоҥҥо үтүө сыһыаны сыаналыыбын, бу хаачыстыбалары үрдүктүк тутабын.

Урбаанньыт бириэмэтин сатаан аттарына үөрэниэхтээх. Бэрээдэк элбэҕи быһаарар, холобур, бухгалтерияны барытын кэмигэр туттарыахтааххын. Туохха барытыгар бэлэм сылдьыахтааххын, эрдэттэн бэлэмнии, хааччына туруохтааххын. Үлэни үс ый, чэ, аччаабыта биир ый иннинэ былаанныыр ордук.

Маны таһынан, килийиэннэр тугу сэргииллэрин, сэҥээрэллэрин кэтээн көрөн, ону киллэрэн иһэр үчүгэй. Биһиги, холобур, аквагрим, хаартыскаҕа түһүү курдук өҥөлөрү, дьон-сэргэ наадыйарын көрөн, эбэн биэрбиппит. Араас ыйытыктары ыытан, килийиэннэр тугу баҕаралларын быһаарабыт.

Үөрэх, билии ситиһиигэ сирдиир, онто суох киһи биир сиргэ тэпсэҥнии туруон сөп. Онтон син биир кыраны да эбинэҕин диэн бигэ эрэллээхпин. Мин санаабар, кылгас кэм иһигэр ситиһии кэлбэт, үлэлээн эрэ үрдүк таһымҥа тиийэҕин.

 

Тоҕо атын куораттартан хаалсыахтаахпытый?

Сюзанна Парфёнова – Тимур бииргэ төрөөбүт балта. Санкт-Петербургтааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрбит, химик-органик үөрэхтээх. Бастаан идэтинэн үлэ көрдүү сатаабыт да, гаас, ньиэп хостонор сирдэригэр вахтанан эрэ барыахха сөп диэн усулуобуйаны «миэхэ барсыбат» диэбит. Онон быстах кэмҥэ риэлтордыы сылдьыбыт.

– Ханнык баҕарар дьыалаҕа харчы угуох иннинэ, биллэн турар, ол эйгэни кэтээн көрүү, чинчийии ирдэнэр. Биһиги бастаан Иркутскай, Алматы, Бишкек, Сочи, Санкт-Петербург, Москва, Владивосток курдук бөдөҥ куораттарга оҕо оонньуур хосторо, сынньалаҥ кииннэрэ хайдах үлэлииллэрин үөрэппиппит. Атын куораттарга, тас дойдуларга элбэхтик сылдьан, өҥө оҥоруу хаачыстыбата үрдүгүн бэлиэтии уонна ымсыыра көрөрбүт. «Ити барыта биһиги куораппытыгар тоҕо суох буолуохтааҕый?» дии саныырбыт. Билигин даҕаны тиийбит сирбитигэр хайаан да итинник тэрилтэлэргэ таарыйабыт, бэйэбит куораппытыгар туох саҥаны, сонуну аҕалыахха сөбүн көрөбүт-истэбит. Дьокуускай тоҕо атын куораттартан хаалсыахтааҕый? Манна даҕаны оҕо оонньуур, сынньанар усулуобуйатын үрдүк таһымнаахтык тэрийиэххэ сөп буоллаҕа.

Биһиги килийиэннэрбит – оҕолор, төрөппүттэр.  Кырачаан ыалдьыттарбыт астына-дуоһуйа оонньоон, үөрэн-көтөн, дьоллонон барыахтаахтар диэн санаанан салайтаран үлэлиибит.

Чахчы, оҕо сынньалаҥын тэрийии үс бүк эппиэтинэстээх. Киниэхэ куттал суоһуо суохтаах, табыгастаах уонна тупсаҕай усулуобуйа тэриллиэхтээх. Үлэһиттэрбитигэр биир оннук сыһыаннаахпыт. Больничнай, уоппуска харчыта төлөнөр. Сорох эдэр оҕолорго бастакы үлэлэрэ буолуон сөп, онон бэйэлэрин бырааптарын билэ үөрэниэхтээхтэр. Үүнэн-сайдан иһэллэрин курдук, бэйэбит төлөөн, эбии үөрэттэрэ сатыыбыт. Холобур, биһиэхэ наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур оҕолор аквагримҥа үөрэммиттэрэ.  Ол сатабыллара кэлин олохторугар, эбии харчы оҥостоллоругар туһалыа диэн эрэнэбит.

Мин санаабар, биһиги биисинэспит уопсастыбаҕа туһата элбэх. Уһуйааҥҥа сылдьыбат кырачааннар маннык оонньуур хосторго бодоруһа, алтыһа үөрэнэллэр. Билигин оҕолор сүүрэллэрэ-көтөллөрө да аҕыйаата. Онон оҕо оонньуур хоһо нэһилиэнньэҕэ хайаан да наада, элбии туруохтаах дии саныыбын.

 

Иван Парфёнов – Тимур тастыҥ быраата, партнёр. Гражданскай авиацияҕа үлэлиир, идэтинэн инженер.

– Мин оҕо оонньуур хоһо тохтоло суох тигинэччи үлэлииригэр эппиэтинэстээхпин. Оборудованиелары көрөбүн-истэбин, барыта бүтүн буолуохтаах, оҕо доруобуйатыгар куттал суоһуо суохтаах. Туох эрэ боппуруос тирээтэҕинэ, ону суһаллык быһаарыахтаахпын.

Бэйэҥ тэрилтэлээх буоллаххына, үчүгэйэ диэн үлэни ис-иһиттэн билэр эбиккин. Ону сөбүлээтим. Күн аайы туох эрэ саҥаны арыйаҕын. Бэйэм сменанан үлэлиир буолан, сатаан дьүөрэлииргэ үөрэнним, мэһэйдэппэппин.

 

«ТСН-Сопровождение» ХЭТ сайын аайы эдэр ыччаты, оскуола үөрэнээччилэрин үлэнэн хааччыйар. Тэрилтэ 2023 сылга  «Мин биисинэһим» киин резиденнэрин ортолоругар «Бастыҥ үлэ биэрээччи» анал ааты ылан, кыайыылаах дипломунан наҕараадаламмыт, Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ ыыппыт «Мое трудовое лето-2023» аахсыйатыгар кыттан, махтал суругунан бэлиэтэммит. 

Эдэр дьон былааннара киэҥ, өссө кэҥиир, сайдар санаалаахтар. Кинилэргэ ситиһиилэри баҕарабыт.

 

Хаартыскалар: дьоруойдар тус архыыптарыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....