Киин куорат территориятыгар сынньанар сирдэр
Олохтоох дьаһалта куорат олохтоохторо айылҕаҕа сынньанар миэстэлэрин чопчулаата. Ол курдук, Покровскайдыыр уонна Намныыр трактар талылыннылар. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонугар Дьокуускай куорат олохтоохторо Өлүөнэ эбэ кытылыгар, чох тиэйэн сүөкүүр сиртэн чугас, Кангалаас тумулыгар сынньаныахтарын сөп. Итини таһынан, Покровскайдыыр тракт 25 км, Табаҕа сэлиэнньэтин таһыгар, Синньигэс үрэх хаҥас биэрэгэр, Покровскайдыыр тракт 20 км (Дьокуускай – Покровскай суол уҥа өттүгэр) сынньанар сирдэр тэрилиннилэр. Өссө биир көҥүллэммит сынньанар сир – Намныыр тракт 22 км баар (Дьокуускай – Нам суол хаҥас өттүгэр).
Айылҕаҕа сынньанар кэмнэригэр гражданнар баһаартан сэрэхтээх буолуу миэрэлэрин тутуһар эбээһинэстээхтэр, мангаал анныгар умайбат матырыйаалы ууруллуохтаах, булгуччу лаппаахы, мотыга, уоту умуорар тэрил (огнетушитель) баар буолуохтаахтар. Кутаа уоту анаммыт эрэ сирдэргэ уматыллыахтаах, дьаама хаһан уонна тула кирпииччэни уурталаан.
Дьокуускай куорат ЫБММ судаарыстыбаннай управлениетын, Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениетын сотрудниктара санаталлар: гражданнар ойуурга баһаары көрдүлэр даҕаны суһаллык «101» эбэтэр «01» нүөмэрдэргэ төлөпүөннээн биллэриэхтээхтэр.