27.12.2019 | 09:27

“Киин куорат” хаһыат 20 сыллаах үбүлүөйэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Туйаара НУТЧИНА, Aartyk.ru интернет-хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ:

- “Хаһыаппыт быйыл 20 сыла”, - диэн суруналыыс, дьүөгэм Наталья Кычкина илдьиттээбитигэр, бастакы саҥа аллайыы: “Бэлиэр?”. Иккис: “Ол иһин даҕаны кырдьар эбиппит!”– күлсүү. Этэҥҥэ сырыттахха, кэм-кэрдии элэстэнэн олорор. Суруналыыс быһыытынан уһуйуллубут, буспут-хаппыт “Киин куораппыт” бастаан хайдах этэй... Тыына-тыбыыра  сылдьар эрчим, оруо маһы ортотунан барчалыыр оҕотук максимализм, күүс-уох, энтузиазм туох да таһынан чаалыйан тыга сылдьар. Кэмэ да оннуга. Тугу баҕарбыккын суруйаҕын, хайдах баҕарбыккынан ырытаҕын. Бастаан үлэлии кэлбиппэр кылаабынайбыт – Андрей Петров, эрэдээктэр Александр Яковлев этэ. Суруналыыстар – Андрей Аргунов, Борокуоппуй Чуукаар, Дмитрий Бубякин, ини-бии Леонид, Андриан Николаевтар, Битээлий Сур... тастан сылдьан икки кыыс – Люба Готовцева уонна Марианна Тихонова ыччат балаһатын оҥороллор эбит этэ.

Бастакы күн үлэлии тахсааппын кытары кылаабынайбыт Яковлевы эрэдээктэриттэн устан кэбистэ, киһибит өһүргэнэн олох да уурайда.  “Тыый, хайдах-хайдах сиргэ кэллим...”. Сыыйа-баайа оннубутун булан, Андрей Аргунов эрэдээктэр буолла. Бастакы, иккис састаап олус тапсан, эйэлээхтик үлэлээбиппит. Көҥүл, айар эрэдээксийэ классическай вариана бу куорат икки хаһыатыгар – “Эхо столицы” уонна “Киин куорат” – көстөрө. Бастакы миэстэҕэ – айар үлэ, иккискэ – хамнас турара. Ол курдук үлүһүйэн, утаппыттыы үлэлиир, суруйар, кэлэр-балар, булар-талар көхтөөх, күргүөмнээх күннэр этэ. Билиҥҥи суруналыыстары 09.00-18.00 чааска диэри үлэҕэр баар буолуохтааххын, маны суруй, итини суруйума дииллэрин  иһиттэхпитинэ, көҥүл тыыҥҥа үлэлээбит дьон, биһиги, ону өйдөөбөппүт.

Оччолорго пааспарга сурулларынан саамай саастаахпыт Дмитрий Бубякин этэ – 72 саастааҕа. 25 сыл ТАСС анал корреспонденынан үлэлээн баран, дойдутугар төннөн кэлэн куорат хаһыатыгар үлэлии киирбит этэ.

Дьэ, дьиҥнээх суруналыыс диэн кини баара: түргэнэ-тарҕана, туох баар аныгы тэрили барытын баһылыыра. 20 сыл анараа өттүгэр Дмитрий Софронович бэлиэр ноутбуктааҕа, ыстатыйатын бэйэтэ бэчээттиирэ, хаартыскаҕа түһэрэрэ – эргиччи дэгиттэр. Ол сахха эрэдээксийэлэргэ анал машинисткалар, корректордар, фотографтар бааллара. Биһиги, эдэр суруналыыстар, биирдии буукубанан бэчээттии үөрэнэр кэммитигэр Бубякин талыгыратан олороро. Киһи быһыытынан көрө-нара, майгыта-сигилитэ туох да Киһи үтүөтэ, кэрэмэһэ этэ.

Ханнык баҕарар тэрилтэ салайааччытыттан тутулуктаах. Икки Өндүрэйбит суруналыыс идэтин икки туллар тутааҕын хааччыйбыттара – көҥүл (хаарчаҕа суох сөбүлүүр тиэмэҕэ үлэлиириҥ) уонна эппиэтинэс. Тугу табарыҥ, тугу алҕаһыырыҥ – барыта тус эппиэтинэһиҥ.

Киһи олоҕун кэрчигэр араас дьоннуун алтыһар. Киһи киһиттэн үөрэнэр – олох оскуолата ол буолар. Өйүҥ-санааҥ, көрүүҥ, сыаннаһыҥ – кинигэттэн эрэ буолбакка, дьонтон кэлэр. Биэс сыл “Киин куорат” хаһыакка үлэлээбит кэмнэрим, алтыспыт дьонум миэхэ суруналыыс, киһи быһыытынан да ситэрбэр улахан олук буолбуттара. Онон, махтанан туран, “төрөөбүт” диэбиккэ дылы – истиҥник саныыр хаһыаппар салгыы да сахалыы санааны сайа этэр, толкуйу торумнуур аналын сүтэрбэккэ сайда-үүнэ турарыгар баҕарабын. Мэр Илья Михальчук оччолорго киин куоракка саха элбиэҕин сэрэйэн сахалыы тыллаах куорат хаһыата наадатын өйдөөн тэрийбитэ – таба тайаныы. Талааннаах суруналыыстар, салайааччылар түмсүүлэрэ хаһыат куорат олоҕор эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ бэчээтин эйгэтигэр анал миэстэтин булбута ону да туоһулуур. Билигин үлэлиир кэлэктиипкэ айар-тутар баҕаҕыт уҕараабатыгар баҕарабын, саҥа сүүрээн сүүрүгүрэ, киирэ, байыта турдун. Ааҕааччы болҕомтотун өрүү тарда туруҥ диэн баҕа санаабын этэбин! Үбүлүөйүнэн!!!

БАСТЫҤ ХАҺЫАТ БУОЛАРЫ СИТИСПИППИТ

Людмила НОГОВИЦЫНА, «Ил Түмэн» хаһыат политическай обозревателэ:

- «Республика бүттүүнэ» хаһыат үлэтин тохтотон, «Киин куорат» хаһыакка үлэлии киирбитим. Мин бу эрэдээксийэҕэ көҥүл сылаас тыынын билбитим диэн быһаччы этиэхпин баҕарабын. Оттон көҥүлү билбит айар үлэһиккэ айар-тутар аартык аана арыллан биэрэр.

Бэйэҥ дууһаҕар, сүрэххэр чугас тиэмэни суруйдаххына, ордук аһыллаҕын. «Киин куорат» хаһыакка үлэлии сылдьан ордук сытайан туран дьон туһунан суруйбутум. «Ытык дьоммут», «Олоххо дьулуур» рубрикалары аһан үлэлэппитим. Ол суруйууларбын мунньан, 2005 сыллаахха «Олох сүмэтэ» диэн  кинигэни таһаартарбытым. Саха сирин суруналыыстарын Сойууһун «Түмүктээх суруйуу» номинацияҕа лауреатынан буолбутум. Онон бу хаһыакка үлэлээбитим түмүктээх буолбута.

Туйаара Нутчина, Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ, Марианна Тихонова, Татьяна Захарова-Лоһуура, Елена Баишева, Наталья Кычкина буоламмыт эрэдээктэрбит Андрей Аргунов салалтатынан «Киин куорат» хаһыаты ис хоһоонунан да, тираһынан да өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ хаһыата оҥорору ситиспиппит. Ыйга биирдэ тахсар дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах «Холумтан» диэн сыһыарыыны толкуйдаан оҥорбуппут. Бу сыһыарыыбыт ааҕааччылар интэриэстэрин тардыан тарпыта.

Хаһыат киин куорат олоҕун-дьаһаҕын сырдатыынан муҥурдаммата, өрөспүүбүлүкэ сонуннарын бүттүүнүн сырдатарга дьулуһара. Уопсастыбаннай корреспонденнарбыт – айылҕаттан айдарыылаах Алексей Божедонов-Сырдык, педагогическай наука кандидата, ХИФУ профессора Тамара Петрова уо.д.а. атыттар буоламмыт улуустарга «Киин куорат» хаһыат күннэрин үрдүк тэрээһиннээхтик ыытарбыт. Ол иһин бэйэтин тула үгүс ахсааннаах ааҕааччыны түмэ тартаҕа.

“КИИН КУОРАККА”  МАХТАЛЫМ УЛАХАН

Татьяна ЗАХАРОВА-ЛОҺУУРА, “Кыым” эрэдээктэрин солбуйааччы:

- Тустаах салааҕа бастакы үлэҥ миэстэтэ – син эмиэ оскуола боруогун аан бастаан атыллаан киирбит бастакы кылааһыҥ, оттон кэлэктиибиҥ – ол кылааска тэҥҥэ алтыһан үөрэммит оҕолоруҥ, оттон эрэдээктэриҥ бастакы учууталыҥ тэҥэ олус суолталаахтар уонна күндүлэр. Ханнык оскуолаҕа, учууталга түбэһэргиттэн бүтүн үөрэҕиҥ, билииҥ, олоҕуҥ да тутулуктанар. Ол тэҥэ мин суруйар-бичийэр, суруналыыстыыр үлэм чуо “Киин куорат” хаһыаттан саҕаламмыта, эрэдээктэринэн А.В. Аргунов үлэлээбитэ, кэллиэгэлэрим билиҥҥэ диэри алтыһар кыргыттарым буолбуттара – мин дьолум, табыллыым эбит дии саныыбын. Атын кэмҥэ, атын хаһыаттан, атын кэлэктииптэн саҕалаабытым буоллар, билиҥҥэ диэри суруналыыс идэтигэр сыстан сылдьыам этэ дуу диэн, ардыгар толкуйдуубун. Туох барыта кыраттан, ардыгар дуона да суохтан тутулуктаах эбээт.

Уопсайынан да, 2000 сылларга балаһыанньа да атына, көҥүл тыын биллэ сатыылыыр курдуга. Оччотооҕу куорат баһылыга Илья Михальчук кэлин туох да диэн хоппуттарын, ырыппыттарын иһин, 1999 с. бүтүүтэ киин куоракка сахалыы тыллаах хаһыат наада диэн, уһуну-киэҥи толкуйдааччылар туруорсубуттарын ылынан, бастаан  “Эхо столицы” сыһыарыытын быһыытынан “Киин куораты” аспыт этэ. Ол кэмҥэ түбэспитим.

Оччолорго үлэ буллум, сахалыы хаһыат диэн, судургутук өйдөөбүт, махтаммыт эбит буоллахпына, билигин улахан суолталаах дьайыыга, түгэҥҥэ кыттыспыт эбиппин диэн үөрэбин. Киин куорат хаһыата сахалыы саҥарара оннук суолталаах! Ордук иннинээҕи көлүөнэ “бэл, оптуобуска сахалыы саҥарарбыт бобуулаах курдуга” дииллэрин учуоттуур буоллахха.

“Арчы” дьиэтэ эмиэ Илья Филиппович кэмигэр, оччолорго төһө эмэ утарсааччылар баалларын үрдүнэн тутуллубутун өйдүүбүн. Куорат баһылыга суруналыыстарга элэккэй, оруо маһы ортотунан дьаһайан, ирдээн барбытын ончу өйдөөбөппүн. Баҕар, көннөрү кэрэспэдьиэн буолан эбитэ дуу? Кэлин, эрэдээктэрбит Андрей Васильевич суох буолбутун кэнниттэн,  “Биир ньыгыл Арассыыйа” уруупарын курдук буолан хаалбыттаахпыт. Бу иннинэ бэлиитикэттэн ыраах, көнөтүнэн төрөөбүт тыл, култуура, социальнай өттүнэн сүрүннээн  үлэлэһэн букунаһар киһиэхэ, миэхэ, дьиибэ курдук көстүбүтэ. Онон, дьээбэ кэриэтэ, иккис эрэдээктэрбитин Николай Слепцовы бэлиитикэҕэ сыһыарбыт учууталым диэн ааттыыбын. Оттон, дьиҥинэн, кэмэ оннук, быыбар эҥин чугаһаатаҕа буолуо. 

Мин “Киин куоракка” аан бастаан 2000 сыл от ыйын бүтүүтүгэр сэрэнэ-сэрбэнэ кэлбиппин саныыбын. Чопчута, А.Г. Петровка, “Эхо столицы” эрэдээктэригэр. Андрей Гаврильевич “Кииннэргэ” сирдээн киллэрбитэ. Суруйааччы Прокопий Чуукаар, ССТА  кэрэспэдьиэннээбит Дмитрий Бубякин илэ бэйэлэринэн үлэлииллэрин, кэллиэгэлэрим буолуохтарын билэн, толло, долгуйа санаабыппын өйдүүбүн. Аны, М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ наар киирэн, алтыһан тахсар эбит!

Бастакы суруйуум кыыспын Сунтаарга дьоммор сайылата ыытаары көрсүбүт мучумааммар сыһыаннаах этэ. Ону суруйарбар штакка киирэ илигим. Арай хаһыат тахсыбытын кэнниттэн көрбүтүм, матырыйаалбар, быһыытыттан-таһаатыттан көрдөххө, лаппа саастаах, самыы-той буолбут былааттаах эмээхсин кэннинэн туран халлааҥҥа көтөн иһэр сөмөлүөккэ далбаатыы турар ойуута олордуллубут. Эдэр дьахтар оҕотун атаарара тиэкиспэр өйдөммөт гына суруйбуппун дуу диэн санаабыттаахпын. Оччолорго матырыйаалга сөптөөх ойууну, хартыынаны булуу туһунан төбө ыарыыта буоларын билбэтим оччо буоллаҕа. Хата, ыксал быыһыгар була охсон, таһаарбыттара махталлаах буоллаҕа. Суруйуу ис хоһоонугар дьоруой хас саастааҕа суолтата суох этэ эбээт. 

Штаттаах үлэһитинэн куорат хаһыатыгар 2001–2006 сс. үлэлээбитим.

“Кыымҥа” Туйаара Нутчина барбытын кэнниттэн сыл курдук буолан баран, 2007 сыллаахха, көспүтүм. Наташабытын күүппүппүт да, эрэллээх байыас күн бүгүнүгэр диэри хаалан, бас-көс үлэһит буолан,  тапталлаах куораппыт хаһыатыгар таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар, хас да кинигэ ааптара буолла. Дьүөгэбин, “Киин куорат” бары үлэһиттэрин, ааҕааччыларын, манна үлэлээн ааспыт бары суруналыыстары тапталлаах хаһыаппыт 20 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Таһаарыылаах үлэни, өрө көтөҕүллүүнү баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....