06.04.2022 | 13:00

Киин куорат 2-с №-дээх оскуолата аҕа Күнүн оһуохайынан бэлиэтээтэ

Киин куорат 2-с №-дээх оскуолата аҕа Күнүн оһуохайынан бэлиэтээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай 2-с №-дээх оскуолатын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ аҕаларын кытта муус устар  4 күнүгэр оһуохай түһүлгэтин төрүттээтилэр. Аҕа Күнүгэр уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһини оскуола дириэктэрэ Василий Владимиров уонна аҕа сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Любомир Михайлов көҕүлээтилэр. Бу туһунан 2-с №-дээх оскуола аҕаларын сүбэтэ иһитиннэрдэ. 
Оһуохай тылын этээччи – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ,  аҕа сүбэтин бырабылыанньатын чилиэнэ Виктор Игнатьев. Сорох оҕолор оһуохайга аан бастакыларын кыттыбыттар, онон үөрэнээччилэргэ саха норуотун үгэс буолбут сиэр-туом үҥкүүтүн ис хоһоонун туһунан кэпсээтилэр.
Оскуола аҕаларын сүбэтин салайааччыта Любомир Михайлов өбүгэ үгэстэрин үйэтитии дьоһун суолталааҕын бэлиэтээтэ. «Оһуохай – күргүөмүнэн сиэр-туом үҥкүүтэ, Айыыларга үҥүүнү кытта сибээстээх уонна норуот сомоҕолоһуутун күүһүрдэр кыахтаах», - диэтэ кини.
Оскуола дириэктэрэ Василий Владимиров иһитиннэрбитинэн, бу сайын оскуола үбүлүөйүгэр кэлэктиип уонна оскуоланы араас сылларга бүтэрбиттэр улахан оһуохайы тэрийиэхтэрэ. 
Бу күн кэрэ аҥардар – ийэлэр уонна учууталлар эр дьону, аҕалары хомуска оонньоон эҕэрдэлээтилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...