Киһи организмын туһунан
Киһи мэйиитэ 10 миллиард ньиэрбэ килиэккэлэриттэн тутуллар уонна 86 мөлүйүөн единицаҕа тиийэ информацияны өйдөөн хаалар. Мэйиигэ ньиэрбэ импульса нейронтан нейроҥҥа тиийиитин саамай түргэнэ – чааска 400 килэмиэтир.
***
Киһи тыла 50 грамм ыйааһыннаах, 9 сантиметр уһуннаах уонна 5 сантиметр кэтиттээх, 17 быччыҥтан турар. Тылга 9000 кэриҥэ амтаны билэр рецептор баар.
***
Сүрэх ыйааһына 300 грамм. Киһи олоҕун устата 3 миллиард тэбиини оҥорор, сууккаҕа 8 туонна, онтон олоҕун устата 200 тыһыынча туонна хааны хачыайдыыр.
***
Улахан киһи этигэр 206 уҥуохтаах, оттон оҕо этигэр – 300 (оҕо улаатан истэҕин ахсын сорох уҥуохтара силбэһэн, холбоһон иһэллэр).
***
Киһи тыҥатынан сууккаҕа 13 тыһыынча кэриҥэ лиитэрэ салгыны аһарар.
***
Киһи көннөрү хараҕынан 5500 сулуһу ааҕыан, өҥ 200-чэ араас көрүҥүн быһа холуйан арааран көрүөн сөп диэн суруйаллар. Исписэлиистэр улуу художник И.Е. Репин хартыыналарын үөрэтэн баран, өҥ 2000 араас эгэлгэтин арааран көрбүтүн быһаарбыттар.
***
Харах тымныыны билэр туочуката суох. Харахха хаан олус түргэнник сүүрэр, онон кыайан тоҥмот буолан, харах этэ тоҥмот.
***
Куртах 1 кв мм салыҥнаах хаҕар сүүсчэкэ быччархай баар, олор аһы буһарар сүмэһини таһаараллар.
***
Кулгаах иһигэр дорҕоону быһаарар 25000 килиэккэ баар. Киһи истиитин диапазона 16 уонна 20000 герцтэр икки ардыларынан ааҕыллар.Ол сааһыран истэх аайы үрдүк дорҕооннору истии намтааһынын суотугар аччыыр.
***
Орто киһи быччыҥын ыйааһына 28 киилэҕэ тиийэр.
***
Киһи күҥҥэ 11500 төгүл чыпчылыйар.
***
Киһи ый устата киһи 240 чаас, сылга 28880 чаас, оттон олоҕун устата 25 сыл утуйар эбит.
***
Киһи төбөтүгэр 125 тыһыынча баттахтаах. Күн аайы 45 баттах түһэр, сорох дьоҥҥо 60-ҥа тиийэ баттах түһэр.
***
Сүрэх сыл аайы ороскуоттуур энергиятынан 900 киилэ ыйааһыннаах таһаҕаһы 14 миэтэрэ үрдүккэ көтөҕөн таһаарыахха сөп.
***
Сыт уонунан тыһыынча араас көрүҥэ баара биллэр. Киһи итинтэн сороҕун эрэ араарар. Дьахтар эр киһитээҕэр сыты ордук араарарын быһаарбыттар.
***
Муҥурдаах 12 тарбаҕы кэккэлэһиннэри туппут саҕа уһуннаах.