27.12.2019 | 10:38

КЭЛЭР СЫЛГА ТУОХ КҮҮТЭРИЙ?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

(Ыйдарынан гороскоп)

2019 сыллааҕы гороскоп зодиак бары бэлиэлэригэр сүбэни-аманы биэрэргэ, уларыйыыларга бэлэм буоларга анаан оҥоһуллар. Биһиги олохпутугар наар үтүө уонна мөкү, куһаҕан уонна үчүгэй, үрүҥ уонна хара солбуйса сылдьалларын умнумаҥ.

Бараан

Барааннарга бу сылга саҥа кыайыылар уонна үрдүгү дабайыылар күүтэллэр. Дьылҕаҕын төрдүттэн уларытарга элбэх түгэн көстүө. Баран иһэр тэтимҥин ыһыктыма, инниҥ хоту хорсуннук айаннаа.

Кыһалҕалар биллэн турар баар буолуохтара, ол эрэн олору быһаарар кыахтааххын. Эниэргийэҕин үрдүкү сыалларга салай, бэйэҕэр уонна атыттарга үтүөнү оҥор.

Бу сылга карьераҕа үрдэллэри дабайыаҥ, өрө тахсыаҥ, талааҥҥын олоххор туттар кэмин кэлиэ. Элбэх этииттэн инникилээх бырайыактары толкуйдуоҥ.

Учуутал, судаарыстыбаннай деятель, салайааччы эбэтэр урбаанньыт оруолугар арыллыаҥ. Бу сыл толкуйдаабыт былааннаргын олоххо киллэрэргэ эрэ буолбакка, уруулуу сибээскин эмиэ бөҕөргөтүө.

Тохсунньу бүтэһигиттэн 2020 сыл муус устар ыйга диэри тулалыыр эйгэҕэр уларыйыылар буолуохтара. Үгүстэри соһуччу уонна дьылҕа көрсүһүүлэрэ күүтэллэр.

Оҕусчаан

Олоххо көрүүлэриҥ бүтүннүү уларыйыахтара. Буолуохтаах сабыытыйалар соһуччу уонна үчүгэй түгэннэри түстүүллэр.

Ханнык баҕарар хорсун баҕа санааҕын олоххо киллэриэххин сөп. Саҥа эйгэҕэ, салааҕа бэйэҕин боруобалыыртан куттаныма.

Эн айылҕаттан кырдьыксыккын, ол эрээри бу сылга баҕа санаа туоларыгар итэҕэйиэҥ.

Бу сылга инникигин түстүүр акылаат ууруллуо. Ол эбэтэр карьераҥ өрө тахсыа, үпкэ-харчыга кыһалҕаны көрсүөҥ суоҕа. Маны таһынан, эйигин ханнык баҕарар түгэҥҥэ көмөҕө кэлэр дьон тулалыахтара. Онон тугу да уларытартан куттаныма. Бу сылга барыҥ-барыта табыллыа. Кылаабынайа – иннигэр арыллар саҕахтары көрүөххүн наада.

Игирэлэр

2020 сыл уларыйыылара бэйэҕиттэн, бэйэҕэр эрэллээххиттэн уонна быһаарыылааххыттан тутулуктаахтар. Барытын быраҕан баран олоххун саҥаттан саҕалыыр санаалаах буоллаххына, оҥорор кэмиҥ кэлбит. Эк күүһүҥ – уларыйыыга!

Эйиэхэ Кырыыса сыла соһуччу түгэннэри, үөйбэтэх өттүгүттэн быһыыны-майгыны бэлэхтиэ. Ону инники сайдыыгар, кыаххар туһаныаххын наада.

Ситиһиигэр эрэн, оччотугар сыл хаһаайына дьоһуннаах дьыалаларгын эн тускар түмүктүө. Эн инники күөҥҥэ сылдьыаҥ. Онтон аптарытыатыҥ уонна үбүҥ-харчыҥ үксүө.

Оттон туох да уларыйыыга наадыйбат, “оннунан хааллын” диир Игирэлэр, олохторун тупсарар кыаҕы мүччү тутуохтарын сөп.

2020 сыл былаһын тухары араас дьикти, интэриэһинэй дьону кытта алтыһыаххыт, кинилэри бэйэҕит сыалгытыгар эрэ туттубакка, сыһыаҥҥытын бөҕөргөтүүгэ, болҕомтоҕутун уурарга кыһаныҥ.

Араак

Араак бэлиэлээхтэри 2020 сылга араас элбэх кыахтар уонна дьылҕа уларыйар сабыытыйалара күүтэллэр. Бу үлэҕэ да, тус олоххо да сыһыаннаах, онон улахан болҕомтону эрэйиэ.

Баҕарар кыайыыгын ситиһэр инниттэн үгүс күүскүн-кыаххын ууруоххун наада буолсу.

Маныаха эн инники сылгар акылаат уураргын умнума. Эйигин тургутан көрүөхтэрэ, уларыйыылар кыра ыарахаттары да аҕалыахтарын сөп.

Ол оннугар саҥа кыахтар эн бастыҥ хаачыстыбаҕын арыйыахтара. Онон эн өссө интэриэһинэй уонна аптарытыаттаах киһи буолуоҕуҥ.

Бэйэҥ күүскүн туһанан үлэлииргэ бэлэм уонна сыалгар кимиэллээхтик инниҥ хоту барар буоллаххына бу сылга улахан ситиһии күүтэр. Сыл хаһаайына онуоха эн олоххо киллэрэр толкуйдаргар көмөлөһүө.

Хахай

2020 сылга кыаҕыҥ олус улахан, барытын харбаан ылар да кыахтааххын. Бэйэҕин саҥа салааҕа арыйыаҥ, таптыыр дьыалаҕынан дьарыктаныаҥ. Тус бэйэҥ бырайыаккын саҕалыаххын баҕарар буоллаххына – баҕа санааҥ олоххо киирэригэр эмиэ бэлэм сырыт.

Бу судургута суох гынан баран олус суолталаах сыл. Туох эрэ саҥаҕа үөрэниэҥ, саҥа идэ ылыаҥ, билсиһэр дьоҥҥун уларытыаҥ, атын дойдуга да олоро барыаҥ.

Бу сыл олоххо сыалгын киллэрэргэ саҥа саҕахтары арыйыа. Төрүөххүттэн быһаарыылаах буолууҥ, өһөс, тулуурдаах майгыҥ – бу эн ситиһиилээх буоларгар көмөлөһүөхтэрэ.

Эн барытын тута олоххо киллэрэ охсор тиэтэйэр майгылааххын, ону оҥорор, баараҕай бырайыактаргын ситиһэр инниттэн хайаан да бириэмэ наадатын умнума.

Кыыс Куо

2020 сыл – айар эйгэҕэ уларыйыылар уонна аа-дьуо ситиһии кэлэн иһиитин сыла. Үгүстэргэ дьоллоох түмүктээх остуоруйаҕа майгынныа.

Кыыс Куо хаһан да үлэтэ суох олорбот, оттон бу сылга үлэтэ өссө элбиэ. Үгүстэр күүстэрэ, эниэргийэлэрэ өссө эбиллиэ, былааннарын олоххо киллэрэргэ күүстэрин-кыахтарын ууруохтара.

Олоххор ыарахаттар кэллэхтэринэ даҕаны онтон хата сыаналаах уопут ылыаҥ, хараактарыҥ хатарыллыа, тулуурдаах буолуоҥ.

2020 сылга саҥа билсиһиилэр, айан, романтическай сыһыан күүтэр.

Маны таһынан сулустар карьераҥ өрө тахсыа дииллэр. Онон ыһыктынан кэбиһимэ, бэйэҕин биир кэм кэрискэҕэ илдьэ сырыт. Туруоруммут соруктаргын бэрт дөбөҥнүк олоххо киллэриэҥ.

Оттон бэйэҕин кириитикэлии сылдьар, кыаххын туһаммат буоллаххына элбэх мэһэйдэри көрсүөҥ, дьылҕаҥ таҥнары да эргийиэн сөп.

Ыйааһыннар

2020 сылга эн иннигэр маннык сорук турар: хамсаныы, кэлии-барыы уонна чуумпу олох икки ардыгар сөптөөх миэрэни тутуһуу. Барытыгар ортотун бул, оччотугар тулалыыр эйгэҥ эн иннигэр кэмэ суох кыахтары арыйыа.

Бу сыл саҕаланыыта холку буолуо, оттон сааскыттан ыла былааннарыҥ олоххо киирэн барыахтара.

Билиигин, уопуккун, талааҥҥын көрдөрөр кэмиҥ кэлбит, оччотугар дууһаҥ сытар дьыалатын оҥоруоҥ, харчыны бэйэҕэр тардыаҥ. Үгүстэри саҥа саҕалааһыннар, бырайыактар, урукку кыайыыгын бөҕөргөтөр түгэннэр күүтэллэр.

Айар талааҥҥын олоххо киллэрэр кыах үөскүө. Бу хайаан да искусствоҕа, култуураҕа эрэ диэн буолбакка, үлэҕэр, талааҥҥар, дьиэҕин-уоккун оҥостууга, тус уонна уруулуу сыһыаҥҥа саҥа идеялар, араас дьикти, ураты быыһаарыларга сытар.

Ооҕуй

Олоххун төрдүттэн уларытарга саамай тоҕоостоох сыл үүнүүһү. Уруккугун кытары арахсан саҥаттан төрүөххүн сөп. Туох эрэ этиини, ыҥырыыны ылаҥҥын онно төбөҥ оройунан түһүөҥ, олоххор кэлии-барыы, интэриэһинэй тосхоллор үөскүөхтэрэ.

2020 сылга дьылҕаҕар буолар уларыйыылар үлэҕин эбэтэр тус олоххун таарыйыахтара. Бу эйиэхэ бастакы былааҥҥа туруоҕа.

Сыл саҥатыгар бэйэҕин көрдөнө сатыаҕын, саҥаҕа, атын олоххо тардыһыаҕын. Киирбит этиилэргэ болҕомтолоохтук сыһыаннас, сорохтор халтай буоланнар ньиэрбэҕин барыахтара.

Маны барытын эн тулуурдаах майгыгынан аһарыныаҥ. Ооҕуй ханнык баҕарар түгэнтэн тахсар үтүө хаачыстыбалаах, онон кыра кыһалҕалар аайы кыһамматаххына сылыҥ өссө тупсан иһиэ.

Охчут

2020 сылга сайдыы суолугар үктэнэргэр киэҥ хардыылары оҥоруоххун наада. Саҥа дьыалаҕа бэйэҕин булунарга, саҥа талааннаргын арыйарга, билинии ылынаргар, атаххар бигэтик тураргар бары кыахтар бааллар. Сабыытыйа иилии эргийэр. Олоҕун чаҕылхай уонна биир кэм ураты буолара күүтүллэр. Онуоха тус бэйэҕин уонна харчыгын хонтуруоллана сырыт.

Бу ыйга төрөөбүттэри 2020 сылга олох бары эйгэтигэр ситиһии күүтэр.

Сыалгытын олоххо киллэрэргэ дьулуһар, өһөс, тулуурдаах, актыыбынай дьону дьылҕаҕыт наҕаарадалыа.

Бу сыл үбү-харчыны мунньунарга, саҥа былааннары, бырайыактары оҥосторго төһүү буолуо, ону таһынан соһуччу түгэннэри тосхойуо.

Чубуку

Чубукуларга 2020 сылга саҥа саҕахтар арыллыахтара. Инники сылгар акылаат уурар кэмиҥ. Бэйэҕин көрдөрөргөр кыах бөҕөтө арыллыа. Бу олоххор уларыйыылары киллэриэ.

Үгүстэр салайар, лиидэр буолар хаачыстыбаҕыт арыллыа. Кыһалҕалар баар да буоллахтарына, күүһүҥ-кыаҕыҥ ону быһаарарга баар уонна уруккуттан баҕарар ымыы гыммыт санааҥ олоххо киирэригэр сулустар көмөлөһүөхтэрэ.

Бу сылга саҥа элбэх буолуо. Уларыйыылар араас эйгэни барытын таарыйыахтара: профессиональнай, социальнай, үп-харчы, таптал, оннооҕор тулалыыр эйгэҕин саҥа хараххынан көрүөҕүн.

Күрүлгэн

Саҥа сыл элбэх уларыйыыны аҕалыа. Эн иннигэр баараҕай былааннар туруохтара, ону ситиһиилээхтик түмүктүөҥ, ол да буоллар тарбаххын эмэ олороруҥ табыллыбат. Үрдүк идеялары булан олоххор киллэриэххин наада. Эйигин искусство, литература, наука эйгэтэ күүтэр.

Бу эйиэхэ үп-харчы уонна карьера өттүгэр үтүө өттүнэн дьайыаҕа. Саҥа талааныҥ уонна дьоҕуруҥ арыллан идэҕин да уларытыаххын баҕарыаҥ.

Онон бу орто дойдуга ханнык идеяны олоххо киллэриэххин сөбүн туһунан толкуйдуу сырыт. Идеяларгын кистии сылдьыма, дьону кытта үллэһин. Онтон олоххор билинии уонна бигэ тирэх ылыаҥ.

Балыктар

2020 сыл Балыктарга улахан кыахтары үөскэтиэ. Баараҕай уларыйыылар күүтэллэр, бу олоҕуҥ араас араҥатын таарыйыахтарын сөп. Дьиэ кэргэн, таптал, үөрэх, доҕоттор, айан уонна карьера – ханна барытыгар уларыйыы баар буолуон сөп. Эн талааныҥ уонна кыаҕыҥ дьоҥҥо наада, онон бэйэҥ эйгэҕэр туһалаах курдук сананыаҥ.

Хорсун буоллаххына ханнык баҕарар үрдэллэри дабайыаҥ. Сыл хаһаайката эн толкуйгуттан, өйгүттэн-санааҕыттан дьиҥнээх баҕа санааларгын уонна олоххо дьулуургун ыларга көмөлөһүө, онтон эн олохтон дуоһуйууну эрэ ылыаҥ.

Уларыйыылар уруккугуттан босхолоно иликкинэ кэлиэхтэрэ суоҕа. Сулустар туохтан да куттаммакка харса суох хамсанан иһэргэр сүбэлииллэр. Ис санааҕын иһит, кини эйиэхэ сөптөөх суолу ыйан биэриэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...