Кангаласска 3 суол оҥоһуллуоҕа
Кангаласс бөһүөлэгэр “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн, быйыл 3 уулусса өрөмүөннэниэҕэ. Пионерская, Лесная уонна Объездная уулуссаларга өрөмүөн үлэтин “РИК Автодор” АУо ыытыаҕа. Уопсайа 1,326 км. суол оҥоһуллуоҕа.
Бүгүн, ыам ыйын 29 күнүгэр, бырайыагы видео сибээһинэн ырытыыга Транспорт уонна суол управлениетын салайааччыта Константин Попов, Кангаласс салайааччыта Виктория Жилина, “Главстрой” МКТ бэрэстэбиитэллэрэ, ГИББД, бэдэрээччиктэр уонна олохтоохтор кытыннылар.
Пионерская уулуссаҕа уопсайа 0,455 км трасса сөргүтүллүөҕэ, суол бэлиэлэрин уларытыахтара. Суолга бөҕө-таҕа састааптаах дьапталҕа тэлгэнэрин таһынан, тупсарыы, көҕөрдүү үлэтэ кытта ыытыллыаҕа.
Лесная уулусса 0,338 км уонна Объездная уулусса 0,533 км өрөмүөннэниэҕэ.
Суоллары оҥоруу бэс ыйын 15 күнүттэн саҕаланар. Бэдэрээччик алтынньы 31 күнүнгэр диэри үлэлиир былааннаах.
Бэлиэтээн эттэххэ, Кангаласс суолларын оҥорууга урут туһанылла илик ньымалар олоххо киириэхтээхтэр. Таас, асфальт уонна сир кытаанахтык ситимнэһиитин хааччыйар ресайклинг үрдүк технологията туттулуоҕа. Маннык нымаҕа билигин тэлгэнэн сытар асфальт үлтүрүтүллэн ситимниир матырыйаллары кытта буккуллан суол бастакы дьапталҕата тэлгэнэр. Ол үрдүгэр саҥа асфальт тэлгэнэр.
Ырытыы кэмигэр Кангаласс олохтоохторо суоллара дьэ оҥоһуллар буолбутуттан үөрүүлэрэ үрдээбитин биллэрдилэр. Өрөмүөн үлэлэрэ ханнык болдьоххо ыытыллалларын чуолкайдастылар, ууну аһарар лотуоктары хайаан да тутары туруорустулар.
Кангаласс салайааччыта Виктория Жилина олохтоохторо бөһүөлэк олоҕор көхтөөхтүк кытталларын, суол өрөмүөннэнэрин бары кэтэһэллэрин, онон норуодунай хонтуруол кытаанах буолуоҕун кэпсээтэ.