01.03.2024 | 12:00

Күннэй Тимофеева: «Ыҥырыалар баһаартан эмсэҕэлээбит ойууру чөлүгэр түһэриэхтэрин сөп»

Чурапчы улууһун Мырылатыттан төрүттээх Күннэй Тимофеева – эдэр урбаанньыт. Кини ыҥырыа иитиитинэн дьарыктанар, итиэннэ эмтээх мааһы оҥорор. Бүгүн Күннэй хайдах, туохтан сиэттэрэн бэйэ дьыалатын саҕалаабытын туһунан ааҕааччыларбытыгар кэпсиир.
Күннэй Тимофеева:  «Ыҥырыалар баһаартан эмсэҕэлээбит ойууру чөлүгэр түһэриэхтэрин сөп»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

— Ийэм Акулина Николаевна Чыаппараттан төрүттээх, аҕам Леонид Григорьевич Собакин – Мырыла. Аҕам бэйэтин кэмигэр чааһынай хаһаайыстыбалаах этэ, ынах сүөһү, сылгы, сибиинньэ, саһыл иитиитинэн дьарыктаммыта. Хаһаайыстыбаларыгар иккиэн үлэлииллэрэ, сааһыран баран тохтообуттара. Билигин сылгыларын эрэ туталлар.

 

Учуутал идэтэ миэнэ буолбатах эбит

Оскуола кэнниттэн ХИФУ физкултуурунай салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Устудьуоннуу сылдьан, 2014 сыллаахха, эмиэ физкултуура салаатыгар үөрэнэр Айсен Тимофеевка кэргэн тахсыбытым. Ити сыл улахан оҕобут, кыыспыт, күн сирин көрбүтэ. Кэргэним үөрэҕин бүтэрэн баран аармыйаҕа барбыта уонна хантараагынан Хабаровскайга сулууспалыы хаалбыта. Онно көспүппүт, мин байыаннай гарнизон оскуолатыгар физкултуура учууталынан үлэлии киирбитим. Биир сыл үлэлээн баран отой сөбүлээбэтэҕим, учуутал идэтэ миэнэ буолбатах эбит диэн санааҕа кэлбитим. Сөбүлээбэт үөрэхпин ылбыппыттан наһаа хомойбутум. Устудьуоннуур кэммэр өссө кэтэхтэн төлөбүрдээх, балтараа сыллаах юридическай үөрэҕи бүтэрбитим.  Хабаровскайга иккис оҕобут, уолбут, күн сирин көрбүтэ.

 

Биир түбэлтэттэн холобур ылан

Кэргэним хантараага бүтэрэ аҕыйах ый хаалбытыгар дьоммор дэриэбинэҕэ барбытым. Онно, декретым кэмигэр, туох эмэ дьарык булуохтаахпын диэн сыал-сорук туруоруммутум. Балтараа сыл иһигэр тугу да тобулбатахпына төттөрү оскуолаҕа төннөрбүн санаатахпына, санаам түһэрэ, онон улахан толкуйга түспүтүм. Ол сылдьан дьоннор бэйэ дьыалатын саҕалыырга социальнай хантараагынан харчы ылаллар үһү диэни истэр этим. Бу иннинэ, Хабаровскайга олорор эрдэхпитинэ, ыаллыы олорор бииргэ үлэлиир кыыспын массыынабар олордон илдьэ барар этим. Арай күһүн, биир үтүө күн кини: «Күннэй, сарсын миигин сарсыарда эрдэ кэлэн ылаар, оскуолаҕа икки баулу илдьэ барыахтаахпын, массыынаҕар миэстэлээххин дуо?» – диэтэ. Арай сарсыарда кэлбитим, наһаа ыарахан суумкалардаах. Оскуолаҕа тиийээппитин кытта кэллиэгэлэрбит аантан киниэхэ саба түстүлэр. Кыыспыт баулларыттан бытыылкалардаах мүөт бөҕөнү хостоото. Наһаа түргэнник барытын сыа-сым курдук ылан бүтэрэн кэбистилэр. Төттөрү айаннаан иһэн мүөтү хантан ыларын ыйыттым. Ону кэллиэгэм: «Ээ, ити аҕам дэриэбинэттэн ыытар, онно пасекалаах. Кэллиэгэлэрим сыл аайы наар миигиттэн атыылаһаллар», – диэн хоруйдаата. Кэнники учууталлартан ыйыталастым, ону кинилэр Антонина мүөтэ наһаа үчүгэйин, сыл аайы атыылаһалларын, ити мүөтү сиэтэхтэринэ ыалдьыбаттарын, оҕолоро наһаа сөбүлүүллэрин үөрэ-көтө кэпсээтилэр. Саха сиригэр итинник мүөт, дьарык баара дуу, суоҕа дуу диэн толкуйга түстүм. Ити түбэлтэни дойдубар Мырылаҕа олорон санаан кэллим.

 

Социальнай хантараактан саҕалаан

Бары өттүнэн барыстаах, атыыга хамаҕатык барар табаарынан мүөт буолуон сөп эбит диэн толкуйдаатым. Итиннэ эбии оруобуна ковид пандемиятын кэмэ этэ, киһи бөҕө ыалдьан баран саҥа өрүттэн эрэрэ. Дьон доруобуйатын наһаа көрүнэр, экологичнай, туһалаах эрэ бородууксуйаны көрдүүр  кэмэ үүммүтэ. Онон мүөтүнэн дьарыктаныы наһаа үчүгэй буолуох эбит, ол эрэн тигээйилэрин хайдах иитэллэрэ, хантан ылаллара буолла диэн санаа үүйэ-хаайа тутта. Ити идиэйэ олох төбөбөр олохсуйан хаалла, наар ону эрэ саныыр буоллум. 2020 сылллаахха, саҥа дьыл иннинэ, кыралаан бэлэмнэнэн саҕалаатым.

2021 сыллаахха социальнай хантараак куонкуруһугар кытынным, урбааны сайыннарыыга судаарыстыба 100 тыһыынча солкуобайы биэрэр диэн буолла. Чэ, боруобалыахха, тигээйи атыылаһан иитэн көрүөххэ, сатанар буоллаҕына - сатаныа, суох буоллаҕына суох дии санаатым. Социальнай хантараагым наһаа үчүгэйдик табылынна, харчыта кэлэн түстэ. Ол иннинэ интэриниэккэ ыҥырыа атыылыыр дьону көрдөөтүм, итинник киһи олох аҕыйах эбит. Хата, биир киһини Амурскай уобаластан буллум. Киһибит ыам ыйын бүтүүтэ аҕалабын, Аллараа Бэстээххэ хаалларабын уонна төннөбүн диэтэ.

Оруобуна ыам ыйын 23-24 күннэригэр Мырылаҕа уу кэллэ, биһиги хаайтаран баран олоробут, ыҥырыаларым Аллараа Бэстээххэ кэлэн хааллылар. Уйаларын арыйан көтүтэр наада эбит этэ, баар астарын сиэн бүтэрдэхтэринэ, хоргуйан өлүөхтэрин сөп үһү. Бэстээххэ аймахтарбыт баар буоланнар, ыҥырыаларбытын ылаҥҥыт олбуоргутугар туруоруҥ, уйаларын аһан таһааран аһатыҥ диэн көрдөстүбүт. Дьоммут, биһигини өйөөн, ыҥырыаларбытын олбуордарыгар туруордулар. Аны баран түргэнник аҕала охсуохпутун наада, айанныыр дьааһыктара быыкаайык, «пчелопакет» диэн ааттаах. Күн аайы төрүүллэр-ууһууллар, инньэ гынан кып-кыра дьааһыктарыгар баппаттар, онтон сылтаан буһан өлөн хаалыахтарын сөп. Ыксал буолла, ыҥырыабытын хайдах эмэ гынан ыыталларыгар көрдөстүбүт, бэйэбит тыраахтарынан утары көрсөн, араас моһоллору туораан, Мырылабытыгар сарсыарда 5 чааска аҕаллыбыт. Аҕыйах чаас утуйан баран дьиҥнээх дьиэлэригэр (улейдарыгар) көһөрүөхпүт дэстибит. Мин улахан сыыһам диэн – эрдэттэн ыҥырыа иитиитин туһунан ааҕа, үөрэтэ сатаабатаҕым. Арай арыйбытыым – көтөн таҕыстылар, тута саба түспүтүнэн, тикпитинэн бардылар! Наһаа кыыһырымтаҕайдар эбит, дэлби куттанныбыт уонна төттөрү сабан кэбистибит. Инньэ гынан олоруохтаах уйаларыгар сатаан көһөрбөтүбүт. Ыксааммын мүөт атыылыыр Хабаровскайым кыыһыгар эрийдим, аҕаҥ ыҥырыаларын хайдах гынааччыный диэн ыйыталастым. Соҕурууттан туттуохтаах тэрилбин сакаастаабытым даҕаны, уубут кэлэн турар буолан, почта сатаан кэлбэт кэмэ этэ. Инньэ гынан анал таҥаһым, туох да көмүскэлим да суох. Онон биэдэрэҕэ түптэ уматтыбыт уонна түптэлии-түптэлии аргыый аҕай дьиэлэригэр көһөрдүбүт.

 

Хомолто үтүө түмүктээх буолла

Социальнай ситимтэн биир пасечнигы буллум, Мархаҕа олорор Евгений Леонидович Поличко диэн. Кини миигин бассаап бөлөҕөр киллэрдэ, киһи бөҕө баар эбит, наһаа үөрдүм, сүбэ-ама бөҕө ыллым. Евгений Леонидович көмөлөһөн, сүбэлээн, үлэлээн-хамсаан барбыппыт. Бастакы сылбытыгар син элбэх мүөтү, биир дьиэттэн быһа холоон 15-тии киилэ курдугу ылбыппыт. Бастакы мүөппүтүн ылан үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут уонна ыҥырыаларбытын кыстата хааллардыбыт. Кыһын олорбот дьиэбитигэр туруоран баран, температураны тутар электрическэй оһоҕу холбоотубут уонна куоракка кыстыы киирдибит. Арай, кыһын бэрэбиэркэлии тиийбитим, оһохпут былыр алдьанан хаалбыт, ыҥырыаларбыт үлүйэн өлө сыталлар. Наһаа хомойдум уонна «өлөн да баран туһаҕа тахсыахтааххыт» дии санаатым. Өлбүт ыҥырыа битэмиинин, туһалаах хаачыстыбатын, ферменнэрин сүтэрбэтин билэбин. Соҕурууҥу пасечниктартан ыйыталаһан, сүбэлэттэрэн баран настойка, маас оҥордум. Дьонум мааспын наһаа сөбүлээбиттэрэ. Кэнники ХИФУ учуонайдарын кытта сүбэлэһэн, састаабын, кээмэйин уларытан, тупсаран биэрбитим.

 

Дьиэ кэргэним – тирэҕим

Былырыын олунньу ыйтан ИП буолбутум, мааһым стандарка сөп түбэһэрин туһунан декларация оҥотторбутум. Сүһүөх ыарыыларыгар, псориазка, экземаҕа, варикозка, тилэх хайа барыытыгар уо.д.а. тутталлар. Кэргэним Айсен былырыыҥҥыттан саҥа үлэлэһэр буолла. Ол иннинэ Алданнааҕы спорт оскуолатыгар хайыһарга тренердээбитэ, онтон Хайс массыына атыылаһан Владивосток – Дьокуускай хайысханан таһаҕас таһар этэ. Оҕолорбут эмиэ үлэҕэ сыһыннылар, 9 саастаах кыыспыт соталары сууйар, буосканан чүмэчи оҥорор, этикетка сыһыарар. 4 саастаах уолбут эмиэ пасекаҕа сылдьыһар.

Бастакы партия ыҥырыаларбытын наһаа кыыһырымтаҕайдарын иһин сөбүлээбэтэҕим. Ол иһин иккис сылбар бэйэбит Хабаровскайтан 40 сылы быһа үлэлээбит пасечниктан тиийэн ылбыппыт. Ыҥырыа майгыта генетикатыттан уонна пасечниктан наһаа тутулуктаах эбит. Былырыын дьон сайаапкатынан 300-чэ дьиэни (улейы) аҕалан уонча улууһунан тарҕаппыппыт.

 

Ситиһиилэрбит

Былырыын Чурапчы улууһун аатыттан «Муус устар» бэстибээл  «ЭкоЛидер» хайысхатыгар кыттыбытым. Ыҥырыалар көмөлөрүнэн баһаар буолбут ойуурдарыгар экосистиэмэни чөлүгэр түһэрии туһунан бырайыагы көмүскээн кыайыылааҕынан тахсыбытым. Улейдарын онно илдьэн туруордахха, кучу от сиэмэтин тарҕаталлар. Оттон кучу от буору өҥ оҥорор, чөлүгэр түһэрэр. От-мас үүнэригэр сөптөөх усулуобуйа үөскүүр.

Быйыл эмиэ улуус аатыттан үс киһилээх хамаанданан «Муус устар» бэстибээл «Создавай агропроизводство!» хайысхатыгар кыттан кыайдыбыт.

Үүммүт сыл тохсунньу ыйыгар өрөспүүбүлүкэ пасечниктарын сойууһун тэрийдибит, үлэбитин саҥа саҕалаан эрэбит.

Баҕа санаабыт – быйыл күһүн олохтоох ыҥырыанан дьарыктанар дьон бородууксуйаларын атыылыыр маҕаһыыны арыйыы. Билигин үксүн онлайн көрүҥүнэн уонна «Вавилон» атыы киинигэр куортамнаан атыылыыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...