КҮҮЛЭЙИ ЫЫТЫЫ СИЭРЭ-ТУОМА
Былыр баай дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта мөккүһэн, үөр сылгыны туруораллар этэ диэн номохторго баар. Оттон билигин улуустарга, нэһилиэктэргэ Күүлэй күрэҕин ыытар үгэстэннилэр – бу, биллэн турар, норуот быһыытынан олохпут-дьаһахпыт укулаатын харыстааһын биир көрүҥэ, ону ааһан кэлэр көлүөнэҕэ саха дьарыгын көрдөрөр, пропагандалыыр буоллахпыт.
Күүлэй сиэрин-туомун алгысчыты эбэтэр аҕа саастаах киһини ыҥыран толотторуохха сөп. Бастаан отуу сиргэ туран, түөрт хайысхаҕа сүгүрүйүллэр уонна уот оттуллар. Аал уот иччититтэн, дойду иччитэ Аан Алахчын Хотунтан, от-мас иччилэриттэн от үлэтигэр көҥүл ылыллар уонна уйгуну-быйаҥы көрдөһөр алгыс тыла этиллэр. Уокка сиэл биэриэххэ сөп. Отчуттарга таһаарыылах үлэни баҕарар алгыс этиллэр, ону кытта кымыһынан, саламаатынан, арыылаах алаадьынан айах тутуллар. Алгыс бүппүтүн кэннэ дьон сэргэ бары уруйдууллар-айхаллыллар.
Сиэр-туом сүрүн ирдэбилэ – алгыс барар кэмигэр дьон бары алгыс этэр киһи кэннигэр, илин диэки хайыһан, чуумпуран туран алгыһы истиэхтээхтэр. Ол кэнниттэн от үлэтэ саҕаланар.
«Сүрүн үлэ алгыс этэр киһини уонна күүлэйгэ кыттар отчуттары кытта барар. Холобур, алгыһы нойосуус үөрэтэр сыыһа. Киһи алгыс ис хоһоонун, тутулун өйдөөтөҕүнэ, толоруллар ирдэбилин биллэҕинэ бэйэтэ ис-иһиттэн таһааран этэн киирэн барыаҕа. Күрэххэ кыттар отчуттарга алгыс өйдөбүлүн, суолтатын, сиэр-туом хамсаныыларын кэпсиигин, көрдөрөн биэрэҕин. Хайа өттүттэн киирэн, тугу толоруохтаахтарын быһаараҕын», - А.С.Федоров «Өбүгэ сиэрэ-туома» диэн кинигэтигэр суруйар.
_____________________________________