Иэһэ суох дьон эрэйи көрүө суохтаахтар
Хомунаалынай өҥөнү оҥорооччуларга ирдэбил кытаатыаҕа. Ол курдук, “Биир ньыгыл Арассыыйа” дьокутааттара үтүө суобастаахтык үлэлээбэт ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэри 200 тыһыынча солкуобайга тиийэ накаастыахха диэн этиилээхтэр. Бу сокуон бырайыагын Госдуума пленарнай мунньаҕар көрүөхтэрэ.
Онно этиллэринэн, ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэргэ ыстараап кээмэйдэрэ 2007 сылтан уларыйа иликтэр. Ол курдук, нэһилиэнньэни хомунаалынай өҥөнөн хааччыйыы нормативнай таһымын уонна эрэсиими кэһии иһин дуоһунастаах сирэйдэри 500-1000 солк., оттон юридическай сирэйдэри 5000-1000 солк. тиийэ ыстарааптыыллар. Манна докумуон ааптардара олорор дьиэлэри салайар хампаанньалар ордук кытаанах эппиэккэ тардыллалларын тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.
Госдуума дьокутаата Наталья Костенко этэринэн, ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэргэ ыстараап кээмэйэ быыкаа буолан, салайааччылар улахаҥҥа уурбаттар. Ол иһин уу кирдээҕин, кыһын уоту уонна ититиини арааралларын туһунан маассабай үҥсүү киирэ турар.
Быыкаа ыстараап этиллибит тэрилтэлэр өҥөнү ситэ оҥорботторугар уонна хаачыстыба мөлтүүрүгэр олук буолар. Аны туран, сорохтор салайар хампаанньалартан иэстэрин өҕүтэр ньыма быһыытынан туһаналлара бэлиэтэнэр. Дьиҥэр, дьиэ олохтоохторо иэстэрэ суох буолуохтарын сөп. Ол курдук, 2017 сыллаахха салайар хампаанньа иэһиттэн сылтаан Краснодарга 74 дьиэ икки нэдиэлэттэн түөрт ыйга тиийэ итии уута суох олорбут.
«... 2018 сыллаахха муус устар ыйга Бурятияҕа 70 инбэлиит дьиэтэ ититиитэ суох хаалбыта, 2019 сыллаахха сэтинньи ыйга Киров куорат олохтоохторо икки нэдиэлэ ититиитэ уонна итии уулара суох хаалбыттара. Томскай уобаласка сыл аайы кэриэтэ 3 нэдиэлэттэн балтараа ыйга тиийэ итии ууну араараллар», – диэн докумуон быһаарыы суругар этиллэр.
«Бу сокуон бырайыага ОДьКХ өҥөтүнэн туһанааччылар бырааптарын көмүскүөҕэ», – диир Госдуума спикерэ Вячеслав Володин. Кини этэринэн, ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр ититиини, итии ууну уонна уоту араараллар, дьиҥэр, үксүн салайар хампаанньа эбэтэр аҕыйах киһи иэстээх буолаллар. Иэһэ-күүһэ суох, барытын кэмигэр төлүүр дьон тоҕо эрэйи көрүөхтээхтэрий?
Сокуон бырайыагар олоҕуран, мөлтөх өҥө иһин икки кэрдиистээх санкция киириэҕэ. Ол курдук, бастакы сырыыга тэрилтэни 30-50 тыһ. солк., оттон дуоһунастаах сирэйи 5-10 тыһ.солк. ыстарааптыахтара. Иккис сырыыга хампаанньа 50-200 тыһ.солк. ыстарааптаныаҕа, дуоһунастаах сирэй – 15-30 тыһ.солк.