04.06.2020 | 10:41

ХИФУ клиникатыгар COVID-19 анаалыс биэриэххэ сөп

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 2 күнүттэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет клиникатыгар COVID-19 хаан анаалыһын тута икки кылааһынан туттарыахха сөп: М уонна G. Бу туһунан университет пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Анаалыс түмүктэрэ үһүс-төрдүс күнүгэр биллэр. “ИФА-тургутугу ким баҕалаах ааһыан сөп. Сурутуу анал систиэмэнэн икки нэдиэлэ иннинэ оҥоһуллар. Түмүк тустаах аадырыска тиэрдиллиэн эбэтэр электроннай почтанан ылыахха сөп”, –  диэн клиника бүддьүөтү таһынан үлэҕэ салаа сэбиэдиссэйэ Надежда Попова пресс-сулууспаҕа кэпсээтэ.

Попова бэлиээтэбитинэн, тургутук олус судургу. “Хаан анаалыһа тута COVID-19-ка М уонна G икки кылааһынан бэриллэр буолан, үһүстээн-төрдүстээн туттарар наадата суох. Онон анаалыс киһи ыалдьыбытын эбэтэр бу ыарыыга сутуллубутун көрдөрөр. Доруобай киһи сарсыҥҥы күнүгэр эрэллээх буолар”, – диэн быраас санаатын үллэстэр.

Анаалыстары ХИФУ клиникатыгар эрдэттэн суруйтаран үлэ күннэригэр туттарыахха сөп. Сүрүн усулуобуйа: 14 күн устата COVID-19 ыалдьыбыт дьону кытта алтыспатах уонна ОРВИ-нан ыалдьыбатах буолуохтааххын. Анаалыстары аччык кэлэн туттарыллар. Мааска ирдэниллэр, төлөбүр картанан оҥоһуллар. Суруйтарар төлөпүөҥҥүт: +7(4112) 49-66-55. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....