16.12.2021 | 12:00

«Харыйа оонньуурдарын кистэлэҥэ» күрэх түмүктэннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Харыйа оонньуурдарын кистэлэҥэ» күрэҕи үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктээһин ахсынньы 15 күнүгэр Дьокуускай куорат историятын музейыгар буолла. Дьиэ кэргэн үлэлэрин куонкуруһа сэтинньи 16 күнүттэн ахсынньы 10 күнүгэр диэри үс номинациянан ыытылынна: «Ретро-оонньуур», «Аныгы харыйа оонньуура», «Харыйа оонньуура – 2022 сыл бэлиэтэ» диэн кэпсээбиттэр Дьокуускай куорат култуураҕа уонна  духуобунай сайдыыга Управлениетыгар. Куонкуруска барыта 44 кыттааччы-дьиэ кэргэнтэн 54 үлэ киирбит. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Култуура уонна  духуобунай сайдыы Управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Анна Каженкина бэлиэтээбитинэн, саҥа дьыллааҕы оонньуурдар 2022 сыл тохсунньу 20 күнүгэр диэри Дьокуускай куорат историятын музейыгар «Харыйа оонньуурдарын кистэлэҥэ» быыстапкаҕа туруохтара. 
Музей салайааччыта Александр Ноговицын эппитинэн, быыстапканы коллекционердар уонна куорат олохтоохторо өйөөбүттэр, бэйэлэрин харыйа оонньуурдарын, экспонаттарын киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын көрүүлэригэр таһаарбыттар. 
««Харыйа оонньуурдарын кистэлэҥэ» куонкурус кыттыылаахтарын көмөтүнэн музейбыт пуондата кэҥээтэ. Манна хас биирдии оонньуур көстүүлээх, бастакы саалаҕа аныгы харыйа оонньуурдара уонна үүнээри  турар 2022 сыл бэлиэлэрэ бааллар, оттон иккис саалаҕа сэбиэскэй кэмнээҕи харыйа оонньуурдарын көрүөххэ сөп», – диэбит музей салайааччыта.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Л.А. Ким аатынан оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Николай Птицын бастыҥ харыйа оонньуурун талар уустугун бэлиэтээбит. Куонкурус түмүгүнэн хас биирдии номинацияҕа үстүү кыайыылаах сүүмэрдэммит, ону сэргэ 7 биһирэбил уонна анал бириис бааллар. Күрэх партнердара –  «Камелек» хампаанньа, «Якутский хлебокомбинат» АУо, «Якутский Гормолзавод» ХЭТ, «Хозмаркет» маҕаһыын.  
 «Ретро-оонньуур» номинацияҕа кыайыылаахтар уонна призердар:
1 миэстэ – Сивцевтар дьиэ кэргэннэрэ;
2 миэстэ – Спартак, Галина уонна Алексей Седалищевтар;
3 миэстэ – Нарыйа уонна Майя Федоровалар;
Биһирэбил бириистэри  Сайнара Павлова, Елена уонна Айкел Богдановтар ыллылар.
 «Аныгы харыйа оонньуура» номинацияҕа:
1 миэстэ – Ираида Сосина сиэннэринээн Васялыын уонна Денистыын;
2 миэстэ – Алена, Николай уонна Денис Федотовтар;
3 миэстэ – Алена Степанова;
Биһирэбил бириистэри  Софья Ушницкая уонна Соня Палоян ыллылар.
«Харыйа оонньуура – 2022 сыл бэлиэтэ» номинацияҕа:
1 миэстэ – Егор Пантелеймонович уонна Нина Валерьевна Ивановтар;
2 миэстэ – Вася уонна Тамара Пермяковтар;
3 миэстэ – Оливия уонна Сергей Туприннар;
Биһирэбил бириистэринэн   Пелагея уонна Татьяна Зайцевалар, Алексей уонна Татьяна Чекалдиннар наҕараадаланнылар, анал бириистэр Александра Шадинаҕа уонна Ольга Казановаҕа тигистилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....